Салгыы
Лев Колесов айар талаана алмаас таастыы сандаарар

Лев Колесов айар талаана алмаас таастыы сандаарар

15.07.2024, 16:05
Хаартыска Лев Колесов тус архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ баҕа өттүлэринэн байыастарга таҥас тигэр иистэнньэҥнэр үс күннээх «Үлэ-иис күрэҕэ» тэрээһиннэрэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Уопсайа уон улуустан хамаанда тэринэн кэлэн волонтер иистэнньэҥнэр кытыннылар. Бу сүүсчэкэ кэрэ аҥар быыһыгар биир эр киһи баар. Кини – модельер-дизайнер Лев Колесов. Биир дойдулаахтара байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар таҥас тигиитигэр күрэхтэһиигэ кыттыс диэбиттэригэр үөрүүнэн сөбүлэспит, онон Чурапчы хамаандатын чилиэнинэн буолбут.

Лев Колесов өссө оҕо эрдэҕиттэн ураты кэрэ таҥаһы айар баҕалааҕа. Билигин ол ыра санаатын олоххо киллэрэн, сахалыы төрүт таҥаска олоҕуран сүүһүнэн ураты кэрэ таҥастары айан, тигэн таһаарда, киниэхэ Саха сирин үрдүк сололоох дьоно уонна муоданы сэҥээрээччилэр тиктэрэллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Ил Дархан кэргэнин кытары былырыыҥҥы ыһыахха кэппит көстүүмнэрин, инаугурацияҕа кэппит оноолоох сонун эмиэ кини тикпитэ.

Модельер бэйэтин үлэлэригэр, киэһээҥи былааччыйа буоллун, ыччат кэтэр худита, толстовката, көстүүмэ буоллун, барытыгар сахалыы матыыбы киллэрэр. Кини тириинэн уонна түүлээҕинэн тигэригэр араас тиэхиньикэни туһанар. Кэнники акриловай кыраасканан таҥаска уруһуйдуур ньыманы үгүстүк туһанар. «Хас биирдии маастар, хас биирдии айар киһи тугу эрэ үйэлээҕи оҥорорго дьулуһар. Мин бэйэм үлэбинэн, айымньыларбынан Саха сиригэр эрэ буолбакка, киэҥ араҥаҕа тахсаммын саха норуотун муодатын көрдөрөргө дьулуһабын», — диир дизайнер.

Лев Колесов Чурапчы улууһун Одьулуунуттан төрүттээх. Ол эрээри эдэр сааһыгар алмаастаах Миирнэйгэ тиийэн олохсуйбута 20-чэ сыл буолбут. Өр сылларга култуура тэрилтэлэригэр уус-уран салайааччынан, үлэлээбит. Туспа барыан үс сыл иннинэ «Алмаас» култуура дыбарыаһыгар араас устуудьуйалар холбоһуктарын уонна тыйаатыры салайбыт, ол сылдьан айар дьоҕур алыбыгар ылларан, бэйэтин дьыалатын аһан, үһүс сылын айымньылаахтык үлэлии сылдьар.

«Мин Мииринэйгэ олоробун, үлэлиибин, ол гынан баран сыл аайы уоппускабар дойдубар тиийэбин. Онно ийэм олорор, онон сайын аайы оҕолор, сиэннэр буоламмыт, төрөөбүт алаhа дьиэбитигэр мустар үгэстээхпит. Быйыл оруобуна «Үлэ-иис күрэҕэ» тэрээһиҥҥэ түбэһэ кэлэн, Чурапчы хамаандатыгар киирэммин, төрөөбүт дойдум чиэһин көмүскээтим. Мин модельер да, дизайнер да үөрэҕим суох, ол эрээри сүрэҕим баҕатынан, оҕо эрдэхпиттэн ыра санаа оҥостон ис сүрэхпиттэн иистэнэрбин, айарбын-тутарбын сөбүлүүбүн«, — диэн Лев Колесов кэпсиир.

Айар-тутар дьоҕурдаах, сатабыллаах киһи туспа. Үгүстүк удьуорунан бэриллибит көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тэһитэ кэйэн биир түгэҥҥэ аһыллан кэлэр. Сахаларга удьуор утума диэн баар, онон кимтэн эрэ хайа эрэ өбүгэҕиттэн кэлбит буолуохтаах диэн ыйыппыппар модельер маннык хоруйдаата.

«Ийэм өттүнэн эһэм Гавриил Дмитриевич Тарабукин мас ууһа этэ, баҕар ону утумнаабытым буолуо дии саныыбын. Оттон аҕам ийэтэ Елена Ивановна Колесова олус учугэйдик иистэнэр этэ. Мин саха дьахтарын аныгы стилизованнай таҥаһын тигэбин. Ону таһынан маһынан уһанабын», — диэн Лев Колесов удьуор утумун туһунан кэпсээтэ.

Оттон бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлиир хайдах эбитий диэн ыйытыыбар маннык хоруйдаата. «Бэйэ дьыалатын арынан үлэлиир үчүгэй, ол эрээри оҕолордоох киһиэхэ, бастайааннай хамнаһа уонна социальнай бакыата суох ыарахан эбит. Мин түөрт кыра оҕолоохпун, улахан дьиэ кэргэннээх, элбэх оҕолоох киһи толкуйданан баран бэйэ дьыалатынан дьарыктаныан наада. Бастайааннай оҥорон таһаарар табаара суох буоллаххына, үп-харчы тиийбэтэ син биир баар буолар. Ол эрээри бэйэҥ сөбүлүүр идэҕинэн дьарыктанарыҥ, аныгы үйэҕэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа, онуоха санаабытыҥ барыта баар, компьютерга киллэрэн, бырагыраамалаан, арааһы бары тигиэххэ сөп. Аны таҥаһы тигэргэ, маһынан уһанарга матырыйаал, оборудование арааһа баар. Мин бэйэм эрэ иистэнэр буоламмын, оҥорон таһаарыым кыра. Элбэх таҥаһы, улахан баартыйанан тикпэппин, онон барыһым кыра», — диэн Лев Колесов кэпсээнин түмүктээтэ.

+1
12
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: