Салгыы
Лидия Диодорова: «Эргиллээр этэҥҥэ»

Лидия Диодорова: «Эргиллээр этэҥҥэ»

Ааптар:
21.10.2022, 18:30
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 32-с кыттааччыта Чурапчыттан  Диодорова Лидия Петровна:

Эргиллээр этэҥҥэ

Сойууһу суулларан,

Дойдуну таҥнаран,

Арҕааҥҥы дойдуга

Хаптаннаан-ньылаҥнаан,

Соруммут эбиттэр

Хараҥа дьайдаахтар,

Имири эһэргэ

Бу модун дойдуну.

Сэриинэн иирбиттэр,

Сомоҕо буолбуттар,

Иҥсэлээх харахтар

Иирсээни тарпыттар.

Бу чуумпу олохпут

Эмискэ түөрэҥнээн,

Бардылар оҕолор,

Эдэркээн ыччаттар.

Хомойо хааллылар

Эн чугас дьонноруҥ…

Ол эрэн самныма,

Эрэллээх эн буойун.

Өбүгэ эрдэхтэн

Кыайыылаах эргиллэн,

Эйэлээх олоҕу

Түстүөхпүт турдаҕа!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 18°Влажность: 88% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: