Эргиллээр этэҥҥэ
Сойууһу суулларан,
Дойдуну таҥнаран,
Арҕааҥҥы дойдуга
Хаптаннаан-ньылаҥнаан,
Соруммут эбиттэр
Хараҥа дьайдаахтар,
Имири эһэргэ
Бу модун дойдуну.
Сэриинэн иирбиттэр,
Сомоҕо буолбуттар,
Иҥсэлээх харахтар
Иирсээни тарпыттар.
Бу чуумпу олохпут
Эмискэ түөрэҥнээн,
Бардылар оҕолор,
Эдэркээн ыччаттар.
Хомойо хааллылар
Эн чугас дьонноруҥ…
Ол эрэн самныма,
Эрэллээх эн буойун.
Өбүгэ эрдэхтэн
Кыайыылаах эргиллэн,
Эйэлээх олоҕу
Түстүөхпүт турдаҕа!
Саха сирин амарах, үтүө санаалаах дьоно тиһигин быспакка анал байыаннай дьайыыга сылдьар, госпиталларга сытар биир…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээх сэлиэнньэтигэр учаастактааҕы балыыһа үөрүүлээх аһыллыыта буолла. 1200 кв. миэтэрэттэн тахса…
Амма улууһун Олом Күөлүн эргин ардай аһыылаах бөрөлөр баалларын туһунан “Наахара” бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга Егор…
Хаҥалас улууһугар дьахтар бииргэ олорор эр киһитин быһаҕынан анньан эчэтэн, холуобунай дьыала тэрилиннэ. Биир сарсыарда…
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «НовоГОДний лабиринт МультиВСЕленной» диэн оҕо тыйаатырын туруоруутун көрдөрдүлэр. Манна…
Ааһан эрэр 2025 сылы туһанааччылар иэһэ суох түмүктүүллэрин туһугар “СӨ ОДьКХ” ГУП Саҥа дьылы көрсө…