Лидия Николаева: «Урут иистэммэтэх дьон уолаттарбытыгар көмөлөһөр сыалтан тигэргэ үөрэннибит»
Бүгүн «Илии сылааһа» волонтердар хамсааһыннара тэрийэн ыыппыт «Үлэ, иис күрэҕэ» үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктэннэ. Күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык, дьүккүөрдээхтик ааста.
Үлэ-иис күрэҕин туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү хамаандатын хапытаана Лидия Николаева санаатын үллэһиннэ:
— Биһиги «Хотун Төҥүлү» хамсааһыммыт ааспыт сылга тэриллибитэ, бүгүн уон буолан кэллибит. Иистэнэр массыыналарбытын барытын бэйэбит илдьэ кэллибит, ону өрөмүөннүүргэ Дмитрий кэлсэн, хата күрэхтэһээччилэргэ барыларыгар көмөлөһөн абыраата. Ааспыт сылга эмиэ кыттыбыппыт, «Илии сылааһа» сыах филиала буоламмыт, анаан тахсан үөрэпиттэрэ. Билигин Төҥүлү баһылыгын кытары дуогабар түһэрсэн үлэлиибит. Филиалбытыгар сүрүннээн 11-12 киһи үлэлиир. Сүрүн үлэбит таһынан, иллэҥ кэммитигэр, өрөбүллэргэ иистэнэбит. Урут иистэммэтэх дьон уолаттарбытыгар көмөлөһөр сыалтан тигэргэ үөрэннибит.
Байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолорбутугар көмөлөһө сылдьарбытыттан астынабыт. Уопсайынан, таҥас-сап сыаната олус ыараата, онон уолаттарбытыгар норуот күүһүнэн таҥас-сап тигэн биэрэн көмөлөһөрбүт олус наадалаах. Байыастарбыт ыарахан усулуобуйаҕа, сииктээх дойдуга сылдьаллар, онон таҥас наада. Уоппускаҕа кэлбит уолаттар сайаапканан кэлэн ылан бараллар. Ону уонна төһөнү тикпиппитин учуоттуур киһилээхпит. Баһылыктарбыт биһигини күүскэ өйүүллэр, көмөлөһөллөр. Биһиги Төҥүлүтээҕи техникумҥа кыттыһан олоробут. Техникум үлэһиттэрэ туох наадатынан, ардыгар бэйэлэрэ тиксэн көмөлөрө улахан. Үксүбүт сааһырбыт дьон, онон баһылыкпыт Петр Эверстов дьиэбититтэн кэлэрбитигэр-барарбытыгар массыына көрөн, эбиэтинэн хааччыйан олус абыраата. Улуус дьаһалтата, баһылыкпыт Дмитрий Тихонов күүскэ өйүүр. Бу кэлэрбитигэр, аһыырбытыгар ороскуоппутун барытын улуус уйунна. Улууспут иистэнэр массыынабытын, аспытын хааччыйар. Онон улууспут, нэһилиэкпит баһылыктарыгар махталбыт улахан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: