Лилия Катаева: «Хомуурга барбыт дьоммут этэҥҥэ эргиллэллэригэр баҕарабын»
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал байыаннай эпэрээссийэни ыытар туһунан быһаарыытын дойду олохтоохторо өйөөннөр, быстах хомуурунан ыҥырыллан барааччылары тэрийэн ыытыыга, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр араас көмөнү оҥорууга түмсүүлээхтик кытта сылдьаллар. Бу көмөттөн саахса үлэһиттэрэ туора турбаттар.
Ол курдук Мэҥэ Хаҥалас улууһун гражданскай турук аахтарын толорууга управлениетын отделын салайааччыта Лилия Васильевна Катаева үлэ кэлэктиибэ бу кэмнэргэ туох көмөнү оҥорорун туһунан маннык иһитиннэрэр:
— Биһиги быстах байыаннай хомуурга барбыт дьоммутугар көмөнү оҥорууга кытта, көмөлөһө сылдьабыт. Кировскай куораты чөлүгэр түһэриигэ харчы хомуйан туттарбыппыт уонна атын да аахсыйаларга, тэрээһиннэргэ кытта турабыт. Саха сиригэр быстах байыаннай хомуур ыытыллар кэмин устатыгар биһиги үлэ графигыттан тутулуга суох үлэлээбиппит. Ол курдук мобилизацияламмыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр наадалаах бары докумуоннарын бэлэмнээн, оҥорон биэрбиппит. Дойду бары олохтоохторун курдук, биһиги анал байыаннай эпэрээссийэ этэҥҥэ түмүктэниэн, хомуурга ыҥырыллан барбыт дьоммут чөл туруктаах, доруобай эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: