Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, саха чулуу уола, тыл үөрэхтээҕэ, саха тылын бастакы алпаабытын төрүттээбит уонна оскуолаҕа сахалыы үөрэнэр кинигэни оҥорбут Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 132 сыла туолар.
Ону кытта өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев 1996 с. олунньу 9 күнүнээҕи Ыйааҕынан Саха сиригэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр.
Семен Андреевич Новгородов 1892 с. олунньу 13 күнүгэр Боотуруускай улууһун II-c Хатылы нэһилиэгэр (билиҥҥинэн Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэ) уон оҕолоох ыалга алтыс оҕонон төрөөбүтэ.
Аҕата Андрей Александрович кыратык ааҕар буолан, уолун таҥара кинигэлэрин ааҕарга үөрэппит. Салгыы Семен политсыылынай Иван Трофимович Цыценко чааһынай оскуолатыгар сылдьыбыт, 1905 с. Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа үөрэнэ киирбит. Училищены бүтэрэн, Еловскай начаалынай оскуолатыгар уонна Бүлүү куоратыгар 4 кылаастаах училищеҕа үлэлээбит.
1913 с. Семен Новгородов Петербург университетын Илиҥҥи факультетыгар арабскай-персидскэй-турок салаатыгар ылыллыбыт. Биир сылынан монгол-маньчжур-турок салаатыгар көспүт. Кини уһулуччулаах нуучча учуонайдарын салалтатынан тылга уопсай бэлэмнэниини ааһан, ити үөрэҕин саха национальнай суругун-бичигин уонна оскуолаҕа төрөөбүт тылынан үөрэнэр кинигэлэри оҥорууну кытта дьүөрэлээбит.
Семен Новгородов баара-суоҕа күн сиригэр 31 сыл олордор да, төрөөбүт норуота үөрэхтэнэригэр, саха тылын сайдыытыгар элбэҕи оҥорбута. Реальнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан, сахалыы тылынан бастакы «Саха саҥата» сурунаалы таһаарыыга кыттыбыта, бэйэтин үлэлэрин бэчээттэппитэ. Кини фольклор айымньыларын хомуйууга, Саха күбүөрүнэтин наука өттүттэн чинчийиигэ тыл сиэксийэтин салайааччынан, онтон саха тылын үөрэтэр кинигэлэри оҥорууга хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит.
М.К.Аммосовы кытта Национальностар дьыалаларыгар норуот комиссариатыгар Саха сирин бэрэстэбиитэлинэн буолбута. Саха АССР кыраныыссаларын олохтооһуҥҥа кыттыспыта.
Семен Новгородов саамай сүрүн ситиһиитэ – саха алпаабытын уонна саха оскуолатыгар үөрэнэр кинигэни оҥоруута. Ол курдук, 1917 сылга кини латыынныы алпаабыт төрүтүгэр саха тылын бастакы алпаабытын төрүттээбит. 1917 с. сааһыгар-сайыныгар Н.Е.Афанасьевы кытта В.М.Ионов илиитинэн суруйбут матырыйаалларыгар олоҕуран, «Сахалыы сурук-бичик» буукубаары күн сирин көрдөрбүттэр. Ити буукубаар хаста да тупсарыллыбытын түмүгэр, 1923-1924 сс. кинигэ Саха сирин үрдүнэн тарҕаммыта, «ааҕар балаҕаннарга» туһаныллыбыта. Кини алпаабытынан 200-тэн тахса кинигэ, ол иһигэр 30 үөрэх кинигэтэ тахсыбыта устуоруйаттан биллэр.
Кини аатын үйэтитэн 1994 с. Чурапчы орто оскуолата Семен Андреевич Новгородов аатын сүкпүтэ. 2007 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан «Бичик» национальнай кыһата Новгородов аатын сүкпүтэ. 2009 с. «Бичик» кинигэ кыһата тэлгэһэтигэр Семен Андреевич Новгородов бүүһэ туруоруллубута.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…