Лиссиэй сэтинньигэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар
Ытык Күөлгэ 450 миэстэлээх лиссиэй, 100 миэстэлээх интэринээтин кытта тэҥинэн тутулла турар.
Уота-күөһэ тардыллан бүппүт, билигин сантехническай үлэлэр бара тураллар. Кырааска үлэтэ бүтэн, «Wall of Art» уус-уран мастарыскыай эскииһинэн истиэнэлэргэ дизайнерскай уруһуйу түһэрэн эрэллэр диэн Тутуу министиэристибэтин тг-ханаала суруйар.
Бүгүн оскуолаҕа миэбэл кэлбит, улахан кылаас уолаттара, аҕалар субуотунньуктуу сылдьаллар. Сууйуу-сотуу үлэтэ эмиэ бара турар.
Быйыл сайын хас биирдии кылаас төрөппүтүн кэмитиэтин күүһүнэн мас арааһын олордубуттар: яблоняны, хараһы, акацияны, хатыҥы, бэһи, долохунаны, сарбынньаҕы, о.д.а.
Лиссиэй бу нэдиэлэҕэ Дьокуускайга буолан ааспыт V Хотугу пуорум чэрчитинэн тэриллибит Хотугу пуорум оскуолаларын Ассоциациятыгар киирэн, үөрүүлэрэ үгүс.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: