Муус устар 12 күнүгэр Национальнай библиотека историческай саалатыгар Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр олорор литература кириитигэ Ольга Макарова өр сыллаах үлэтин түмүгүн – «Айымньы күлүүһүн арыйдахха (саха литературатыгар ырытыылар, сэҥээриилэр, бэлиэтээһиннэр)» кинигэтин биһирэмэ буолла. Сүрэхтэниини ыыппыт «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов саха литературатын историятыгар тарбахха баттанар кириитиктэр баалларын уонна маннык кинигэ саха литературатыгар уон сылга биирдэ тахсарын, онон ураты суолталааҕын тоһоҕолоон эттэ.
Бастакынан СӨ Культураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта Афанасий Ноев Ольга Николаевнаҕа саха литературатын кириитикэтигэр уонна Мандар Уус үлэтин-хамнаһын сырдатыыга сыралаах үлэтигэр махтанан туран, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна» бэлиэни ытыс дохсун тыаһын доҕуһуолунан туттарда. Дьокуускай куоракка Таатта улууһун күннэрэ саҕаламмытынан Таатта улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Алена Гуляева уонна Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин эҕэрдэлээтилэр. Таатта культуратын салайааччыта: «Литератураҕа кириитикэ баар буоллаҕына эрэ литература сайдар аналлаах», – диэн бэлиэтээтэ.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуот поэта Наталья Харлампьева: «Ольга Николаевна курдук биһиги айымньыларбытын булан-ылан ааҕан, илдьиритэн ырытан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр дьон баар буоллахтарына биһиги литературабыт инникитин да туругура туруо диэн бигэ эрэллээхпит», – диэн эттэ. Кинини сэргэ норуот суруйааччылара Сэмэн Тумат уонна Елена Слепцова-Куорсуннаах Ольга Макарова литература кириитигин быһыытынан сиппитин-хоппутун, бигэ туруктааҕын санаттылар.
«Айымньы күлүүһүн арыйдахха (саха литературатыгар ырытыылар, сэҥээриилэр, бэлиэтээһиннэр)» кинигэ Олег Сидоров бэрэссэдээтэллээх «Саха сирин суруйааччыта» ассоциациятын өйөбүлүнэн Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Зинаида Архипова салайар «Алта» кинигэ кыһатыгар 500 экземплярынан тахсыбыт. Мантан 100 экземпляры ассоциация Национальнай библиотека фондатыгар туттарда. Кинигэ сүрэхтэниитин бэлиэтин – кыһыл бэлэххэ диэн хомуйуутун аалай кыһыл лиэнтэтин ааптары сэргэ, Өксөкүлээх Өлөксөй улахан сиэнэ Раиса Кулаковская быһыста. Раиса Реасовна: «Ольга Николаевна – саха дьахталларыттан бастакы литература кириитигэ», – диэн сыаналаата.
Кылааһын салайааччытын бу бэлиэ күнүнэн Баайаҕа оскуолатын 1993 сыллаахха бүтэрбит РФ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцев ырыанан эҕэрдэлээтэ.
«Айымньы күлүүһүн арыйдахха (саха литературатыгар ырытыылар, сэҥээриилэр, бэлиэтээһиннэр)» кинигэни РНА Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиигэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар кыһалҕаларыгар институтун фольклорга уонна литератураҕа салаатын үрдүкү научнай үлэһитэ, филология наукатын кандидата Саргылаана Ноева ырытта, маннык энтузиастар үлэлэрэ наукаҕа улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Онтон А.Е. Мординов аатынан Таатта лицейин дириэктэрэ, педагогика наукатын кандидата Изабелла Сивцева кинигэҕэ киирбит этнопедагогикаҕа сыһыаннаах ыстатыйалары ырытта. М.Н. Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай библиотекатын сэбиэдиэссэйэ, «Көмүлүөк күлүмэ» айар түмсүү салайааччыта Александра Кустурова кинигэ ааптарын айар биографиятын билиһиннэрдэ.
Ольга Николаевнаны кинигэтин геройдара – норуот суруйааччылара Сэмэн Тумат уонна Елена Слепцова-Куорсуннаах, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ, поэттар Гаврил Андросов уонна Елизавета Мигалкина, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун уонна «Араҥас сулус» айар холбоһук чилиэннэрэ поэт Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах уонна прозаик Александр Постников-Сындыыс, биир дойдулаахтара, литератордар Владимир Андросов уонна Николай Егоров-Байаҕыын эҕэрдэлээтилэр.
Туйаара Павлова
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…