Литература түмэлигэр Баал Хабырыыс төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ буолла

Share

Бүгүн, муус устар 15 күнүгэр, Б.Ойуунускай аатынан Литература түмэлигэр саха биллиилээх бэйиэтэ, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Гавриил Григорьевич Вешников-Баал Хабырыыс төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ буолла.

Ахтыы киэһэтигэр суруйааччылар, литератураны чинчийээччилэр, бэйиэт аймахтара, Уус Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгин дьаһалтата, биир дойдулаахтара, Баал Хабырыыс айымньыларын сэҥээрээччилэр саха норуотун муудараһын, баай култууратын дириҥник өйдүүр, оҕо талааннаах суруйааччыта, лиирик-бэйиэт Гавриил Григорьевич Вешников-Баал Хабырыыс олоҕун, айар үлэтин  ахтан-санаан аастылар.

Маны сэргэ, Литература түмэлэ бэйиэт хоһооннорун тылын-өһүн, ис хоһоонун нөҥүө ийэ тылга кэрэхсэбили үөскэтэр, төрөөбүт дойдунан киэн туттарга, ытыктыырга үөрэтэр соруктаах “Туох диирий сүрэҕим” диэн үөрэнээччилэр төрөппүттэрин кытары хоһоон ааҕыыларын куонкуруһун ыытар.

Куонкуруска Дьокуускай куорат уонна куорат таһынааҕы оскуолалар үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ (үөрэнээччи эбэтэ, эһэтэ) кытталлар. Кыттааччылар Баал Хабырыыс нууччалыы тылбаастаммыт хоһооннорун ааҕыахтарын сөп. Үөрэнээччи төрөппүтүн кытары биир хоһоону эбэтэр бэйиэт атын хоһоонун ааҕар.

Кыттааччылар сайаапкаларын муус устар 18 күнүгэр диэри биэрэллэр. Түмүк муус устар 21 күнүгэр таһаарыллыаҕа.

Кыайыылаах анал бирииһинэн наҕараадаланар. Кыттааччыларга барыларыгар Туоһу сурук туттарыллыаҕа, анал ааттар иҥэриллиэхтэрэ.

Сайаапкаларгытын konkursmuse2023@mail.ru электроннай почтаҕа ыытыҥ.

Билсэр төлөпүөҥҥүт: 8-4112– 428912.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago