Литэрэтиирэбит доҕорун сүрэҕин сылааһа
Мин бу тыллары Ольга Иосифовна Пашкевичка аныам этэ. Ольга Пашкевич литература устуоругун, суруйааччы уонна биһиги сойууспут бырабылыанньатын актыыбынай позициялаах чилиэнин быһыытынан биһиэхэ, саха суруйааччыларыгар олус чугас киһинэн буолар. Кини олус толоругас, истиҥ, сайаҕас уонна биһиги кыһалҕабытыгар чугас.
Үгүс түбэлтэттэн биири холобурдуохпун сөп. Хас да сыллааҕыта биир үтүө күн Ольга Иосифовна миигин көрсөөт, харыбыттан харбаан ылла уонна эттэ:
“Семен Андреевич, эн баар буолаҥҥын, Сербияҕа тиийэн, “Картина мира в произведениях Семена Тумата” диэн дакылааты аахтым”, — диэн ис хоһоонноон махтанна ээ…
“Бу кыракый түгэн: “Бу аата литературовед, филология наукатын хандьыдаата, Сибиирдээҕи судаарыстыбаннай университет Дьокуускайдааҕы уу суолун тырааныспарын институтун (салаатын) доцена оччотугар саха литературатын хардыыларын кэтээн көрөр, чинчийэр үлэтигэр киллэрэр баҕалаах эбит буоллаҕа”, — диэн дириҥ уонна олус истиҥ санааҕа аҕалбыта.
Ольга Пашкевич айар үлэтин кытары билсиһиим ити курдук саҕаламмыта.
“Билиҥҥи кэмҥэ Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун нууччалыы тылынан суруйар-айар дьоммутун кытары сибээһи олохтооһуҥҥа, кинилэр айар үлэлэрин хайысхаларын өйдүүрбүтүгэр уонна уус-уран литература эйгэтин кэҥэтэрбитигэр олус улахан көмөлөөх киһибитинэн бырабылыанньабыт чилиэнэ Ольга Пашкевич буолар диэтэххэ, доҕор суруйааччыларым даҕаны сөбүлэһиэхтэрэ дии саныыбын.
Бу күннэргэ “Перестук сердец” (“Сүрэхтэр кэпсэтиилэрэ”) диэн “Алта” издательствоҕа тахсыбыт хоһооннорун дьоһуннаах кинигэтин миэхэ истиҥ-иһирэх тыллаан бэлэхтээтэ. Мин бу иннинэ Ольга Иосифовнаны литературовед уонна прозаик быһыытынан билэр эбит буоллахпына, кини поэзиятын олус сонун, иһирэх строкалара арылыс гына түстүлэр доҕоор! Онно баар – Олох! Кини мөккүөрэ! Эрэл!
“Табуретка” диэн хоһоонун олус диэн сөбүлээн аахтым:
“Всю жизнь сижу на шаткой табуретке,
Боюсь, что не упаду, не удержусь.
Но чтобы успокоиться, таблетки
Я принимать пока не тороплюсь.
Судьба не предлагает мне ни кресла,
Ни стула, что с комфортностью иной.
Я без раздумий и на трон бы влезла,
Но та же табуретка подо мной.
А может, к счастью это положение,
Пусть длится уже сорок с лишним лет,
Что мне дает возможность для служения
Не дьяволу, а Богу – табурет!”
“Итинник ээ олохпут” — дии саныыгын бэйиэт бу хоһоонун ааҕаат. Аны үчүгэйгэ тиийдэхпитинэ даҕаны, ол хаадьаҥныыр олоппоспутун суохтуурбут баар ээ. Олохпут буоллаҕа!
Бу кинигэҕэ Ольга Пашкевич сүүрбэччэ хоһооно киирбит. Үчүгэйэ баар – хас хоһооно барыта сахалыы тылынан тылбаастаммыт. Хоһооннору, мин санаабар, биһиги биллэр суруйааччыларбыт Ольга Янцен, Надежда Ильина, Зинаида Архипова, Александра Матвеева, Рустам Каженкин, Римма Крылова олус хомоҕойдук тылбаастаабыттар.
Кинигэни өссө биир хайысха кэҥэтэр. Ол Ольга Пашкевич “Молодка, молодка, молоденькая…” (“Эдэркээммин, кыыс хотун…” диэн Сэргэх Сэмэй тылбаастааһынынан кэпсээнэ бэриллибитэ. Манна билиҥҥи олохпут тутула кэпсэниллэр, эпизода, эдэр кыыс санаатын-оноотун оонньооһуна сонунун, киһи ылынарын курдук сэһэргэнэр.
“Бу суруйааччы Ольга Пашкевич айар үлэтин – хоһоонньутун, кэпсээнньитин өссө төгүл чиҥэтэр “Сүрэхтэр кэпсэтиилэрэ” кинигэ өссө биир суол сонун өрүттээҕин ыйарым наада. Ол – хоһооннору тылбаастаабыт суруйааччылар тустарынан нууччалыы, сахалыы тылынан билиһиннэриилэр бэчээттэммиттэрэ буолар.
“Суруйааччы Ольга Пашкевич “Перестук сердец ” (“Сүрэхтэр кэпсэтиилэрэ”) кинигэтэ, мин санаабар, олус сонун көстүүнэн буолар чинчилээх. Онно – олох, таптал, мунаарыы, чуумпуруу бааллар. Хайдах эрэ бэйэҥ да билбэккинэн ол долгураҥҥа бигэтэн эрэр курдук санаталаан ыларыҥ баар ээ үчүгэйэ!
Ольга Пашкевич саҥа кинигэтин ааҕыҥ. Ону тэҥэ икки тылынан поэзияны, прозаны ылыныы хайдаҕын-тугун билсиҥ.
Сэмэн Тумат, саха норуодунай суруйааччыта
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: