Литваҕа НАТО мунньаҕа буола турар
От ыйын 11—12 күннэригэр Литваҕа Вильнюс куоракка НАТО саммита буола турар. Бэҕэһээҥҥи мунньах түмүгүнэн, Хотугу Атлантика дуогабарын тутуһааччылар Украинаны бэйэбит састааппытыгар ылыахпытын сөп, ол эрээри хаһан ыларбыт биллибэт диэн иһитиннэрдилэр.
НАТО генеральнай сэкирэтээрэ Йенс Столтенберг: “НАТО дойдулара Украинаны өйүүллэрин биллэрдилэр, бу дойду чилиэн буоларыгар бастакы хардыы оҥоһулунна. Биһиги Украинаны салгыы да өйүү олоруохпут, Украина-НАТО сэбиэтин тэрийиэхпит. Ол эрээри альянска киирии боппуруоһа Украина сэриини кыайарыттан-кыайбатыттан тутулуктаах буолуоҕа. Кыайбатаҕына – бу туһунан кэпсэтии турара саарбах”, — диэн иһитиннэрдэ бэҕэһээ пресс-конференция кэмигэр.
Быйылгы саммикка НАТО Арассыыйаны кытары биир тылы буларга бэлэмин иһитиннэрдэ. Ол эрээри бэйэтин докумуонугар Арассыыйа, Кытай НАТО-ҕа кутталы үөскэтэр дойдулар быһыытынан сыаналаата, Арассыыйа уонна Белоруссия байыаннай күүстэрин холбообуттарын сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. Ону сэргэ тас дойдулар Арассыыйаҕа ханнык баҕарар көмөнү оҥороллоро тохтуохтааҕын иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: