“Лоокуут уонна Ньургуһун”: Киинэ балаҕан ыйын 21 күнүгэр киэҥ экраҥҥа тахсар

“Лоокуут уонна Ньургуһун”: Киинэ балаҕан ыйын 21 күнүгэр киэҥ экраҥҥа тахсар

Ааптар:
16.09.2023, 15:00
Хаартыскалары устар бөлөх тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Режиссер Константин Тимофеев “Лоокуут уонна Ньургуһун” диэн ааттаах уус-уран киинэтэ өссө ааспыт сылга тахсыахтаах этэ. Ол эрэн, хамсык уустук кэмигэр  оҥоһуллубут киинэ устуу кэнниттэн чочуллуута уһаан биэрбитэ. Дьэ, кэмниэ кэнэҕэс көстөр күнэ бүтэһиктээхтик чопчуланна – балаҕан ыйын 21 күнүгэр “Лоокуут уонна Ньургуһун” уус-уран киинэ сүрэхтэнэр. 

Саха сирин тыйаатырдарыгар, тыа сирин кулууптарыгар элбэхтик турбут, күн бүгүн сыанаттан түспэт Тимофей Сметанин айымньыта, Константин Тимофеев этэринэн, уус-уран киинэ устарга олус табыгастаах матыры­йаал. «Саха киинэтэ үөскээбититтэн кырата отут сыл ааста. Ол тухары биир даҕаны режиссер бу айымньыны киэҥ экраҥҥа таһаарарга холоммотоҕо дьикти. Тус бэйэбэр бу дыраама улахан суолталаах, кыра эрдэхпиттэн элбэхтик аахпыт, оннооҕор сыанаҕа оонньообут айымньым буолар”, – диир режиссер.

Сэрбэкэни оонньоон турардаахпын

– Оскуолаҕа саха тылыгар олус бэриниилээх учуутал Марфа Петровна Филатова үөрэтэр этэ. Кини биирдэ «Лоокуут уонна Ньургуhун» айымньынан инсценировка туруорбута. Бастаан оонньуур оҕолор ааттарын этэригэр ааппын истээри улаханнык күүппүтүм. Ол эрэн, талыллыбыттар истэригэр суоҕум… олус хомойбуппун өйдүүбүн. Онтон биир уол оонньууртан кыккыраччы аккаастанан кэбиспитэ. Кини оруолун – Сэрбэкэ кинээһи учууталбыт анаабыта. Бастакыттан талыллыбатах буолан аккаастанан көрбүтүм эрээри,  Марфа Петровна сөбүлэһиннэрбитэ. Ити ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан, оччолорго олус хачаайы оҕо этим. Ол да буоллар, топпут тойону, Сэрбэкэни оон­ньоон турардаахпын… Ити кэмтэн бу айымньыга ураты сыһыан үөскээбитэ.

“Бэйбэрикээнтэн” атын моһуоннаах

– “Биэс ынахтаах Бэйбэри­кээн эмээхсин” – остуоруйа. Бу киинэни оҕолорго анаан устубутум, ол иһин дьэрэкээн таҥастардаах, остуоруйалыы дьикти тыыннаах, өйдөнүмтүө ис хоһоонноох хартыынаны оҥоро сатаабытым. Сорох көрөөччүлэр мантан сиэттэрэн “Лоокуут уонна Ньургуһун” киинэ эмиэ остуоруйа буолуо дии саныыллар эбит. Мин бу кэпсээни дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэнэн ааҕабын. Норуокка уос номох буол­бут үһүйээн буоллаҕа дии. Онон бу историческай тыыннаах, былыргы олоҕу кэпсиир сэһэн буолар. Ол туһугар урукку кэм таҥаһын-сабын, туттар тэриллэрин, олорор дьиэлэрин кичэйэн оҥорбуппут, туһаммыппыт.

Сметанин суруйбутуттан туораабакка

– Уһулуом иннинэ литературнай сүнньүн бэрт дириҥник чинчийбитим. Бу сюжеты бастакы сурукка түһэрбит Дьүөгэ Ааныстыырап айымньытын  кытта Тимофей Сметанин айымньытын ик­­киэннэрин аахпытым. Билигин бу айымньыга олоҕуран аныгы тыйаатыр үс туруоруута баар. Опера уонна балет тыйаатырын оператын, Эстрада тыйаатырыгар “Тыыҥҥар ылан тыыммын холбоо” диэн ааттаах туруоруутун умсугуйан туран көрбүтүм.

Ол эрэн, тус бэйэбэр саамай чугаһынан Саха тыйаатырыгар турбут испэктээк буолар. Бу туруоруу “көмүс састаа­ба” – Ирина Никифорова, Иннокентий Луковцев, Петр Садовников, Айаал Аммосов, Сергей Баланов – киинэбэр оонньуур. Биллэн турар, кинилэр испэктээккэ оонньоо­бут оруолларыттан атын оруол­ларга кытыннылар, холобур, Ньургуһуну оонньообут Ирина Никифорова киинэҕэ кыыс ийэтэ буолла. Бу артыыстар бары биир кууруска үөрэнэн кэлбит артыыстар, улуу оруол­лары сыанаҕа тилиннэрбит, тыйаатыры таптыыр сахалар сүрэхтэрин сүүйбүт дьон. Онон киинэбэр кинилэр оонньууллара тус бэйэбэр олус суолталаах.

Киинэҕэ Тимофей Смета­нин уус-уран тылын харыс­таан, дьоруойдар кэпсэтэр тылларыгар уларыппакка киллэрэ сатаа­бытым. Үүнэн эрэр көлүөнэ суруйааччы тылын-өһүн кытта билистин, өйдөөтүн диэн.

Аммаҕа устубуппут

– Кыыспыт аатыгар дьүөрэлэтэн, ньургуһун тыллар кэмин – сааскы сибэкки тыллар ыйыгар устубуппут. Ону кытта таптал тыллыытын хоһуйан, сардаана сибэкки үүнэр самаан сайын ортото эмиэ хайаан да көстүөхтээх этэ. Ол иһин, Саха сиригэр сардаана үүнэр дойдутунан биллэр Амма улууһун, Мээндиги чугаһын талбыппыт. Устар кэммит хамсык саамай үгэннээн тарар кэмэ этэ. Билигин умнуллубута буолуо эрээри, оччолорго киһи киһиттэн куттанар, кэлии дьонтон тэйиччи туттар кэм этэ. Хата олохтоохтору кытта ыкса алтыһар түгэн аҕыйах этэ.  Онон кими да кыынньаабакка, биир бүөм бөлөҕүнэн тэйиччи олорон бэрт түргэнник, көхтөөхтүк үлэлээбиппит.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: