“Лоокуут уонна Ньургуһун” саҥа киинэ тула толкуйдар, санаалар…

Share

Саха киинэтин эйгэтэ отут сыл устата бэрт элбэх киинэни оҥорон таһаарда, бу эйгэҕэ баар сүүрээннэри, хайысхалары барытын кэриэтэ таарыйда. Ардыгар үтүктэн, ардыгар бэйэ суолун булан, саха режиссердара жанр аайы бэлиэтэннилэр диэххэ сөп. Ол эрэн, сотору-сотору саҥа киинэни көрө олорон “сахалар бу курдук өссө уста иликтэр” диэн санаа көтөн киирэр. “Лоокуут уонна Ньургуһун” көрөөччүгэ эрдэ тургутутуллубатах ньыманы көрдөрдө диэххэ сөп.

ЭКРАНИЗАЦИЯ УРАТЫЛАРА

Уус-уран айымньы чопчу уонна толору экранизациятын Саха сиригэр бу күҥҥэ диэри уста иликтэр быһыылаах. Бу толкуйбун кытта үгүс саха киинэтин сөбүлээччилэр сөбүлэһиэхтэрэ суоҕа диэн сэрэйэбин. “Ама дуо? Баар аҕай буолбаат?” диэн саҥа аллайбыт буоллаххына, бииргэ ырытан көрүөҕүҥ — ханнык суруйааччы айымньытын чопчу киинэҕэ түһэрэн көрдөрбүттэрэй?

Бастакынан чугастыы, Тимофей Сметанин өссө биир айымньытын “Егор Чээрини” саныаҕыҥ. Кырдьык, бу айымньыны сүрүннээн бэрт чопчутук киинэ оҥорон таһаарбыттара. Ол эрэн, чопчу суруллубутунан экранизация диир кыах суох — ааптар суруйбута толору киирбэтэх, ону кытта Чээрин туһунан кэпсээннэргэ суох эпизодтар сценарийга киирбиттэр. Онон бу киинэ “Чээрин туһунан айымньыларга олоҕуран дьүһүйүү” диэн ааттанар. Далан “Дыгын Дархана” киинэҕэ сүрүн толкуйа баар, ол эрэн, “суруллубутун курдук устуу” диэн этиини көмүскээччи көстүбэтэ буолуо. Дьиҥэр, Егор Неймохов “Сайсары күөлгэ түбэлтэ”, Василий Яковлев «Миигин кытта бииргэ кырдьыбыт тэҥкэ тиитим», Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм”, Далан “Дьикти саас” айымньылара олус чугастык хоһуллан экранизацияламмыттара. Ол да буоллар, бу саарбаҕа суох олус күүстээх үлэлэри, “киноадаптация” диэн тиэрмининэн холбуохха сөп.

ЧОПЧУ ХОҺУЙУУ УУСТУГА

Ол эрэн, Константин Тимофеев бу киинэтин устарыгар биир сүрүн сыалынан айымньы хрестоматийнай ис хоһоонун алдьаппакка, ааптар суруйбут диалогтарын ханарыппакка туттууну туруоруммут. Ол иһин, Тимофей Сметанин суруйбут “Лоокуут уонна Ньургуһун” айымньытын дьоруойдара кинигэҕэ суруллубут тылларынан кэпсэтэллэр.

Бу ньыма аан дойду кинематограбыгар бэрт сэдэхтик туттуллар. Ылбычча тута өйдөөн көрдөххө, Михаил Булгаков “Ыт сүрэҕэ” сэһэнин (Владимир Бортко режиссер), Лев Толстой “Сэрии уонна эйэ” арамаанын (Сергей Бондарчук режиссер), Уильям Шекспир “Илиир хоруол” пьесатын (Григорий Козинцев режиссер) ааттаталыахха сөп.

Шекспир үгүс айымньылара чопчу экранизацияланан, көстүүтэ аныгылыы да буоллаҕына, хоһоонунан суруллубут айымньытын тыла биир буукуба уларыйыыта суох киирээччи. Бу ньыма үгүс үтүө өрүттэрдээх эрээри, биир сүрүн атахтыыр өрүттээх — атын үйэҕэ суруллубут айымньы дьоруойдара аныгы дьонтон чыҥха атын тылынан кэпсэтэллэр. Уонна, литэрэтиирэ туспа ньымаларга олоҕурар ускуустуба буолан, дьиҥнээх олоххо чугас буолуохтаах киинэ жанрыттан лаппа тэйиччи турар. Ол иһин, адаптация, саҥа сценарий суруйуута ирдэнэр буоллаҕа. Ол да буоллар, дьон араас, онон дьон элбэх сиригэр чопчу экранизация бэйэтин сүгүрүйээччилэрин булар.

КЛАССИКА АЛЫБА

Константин Тимофеев талбыт ньымата этиллибит уустуктары барытын көрсүбүтэ харахха быраҕыллар. Тимофей Сметанин, Шекспиргэ холоотоххо, билиҥҥи кэмтэн быдан чугас кэмҥэ олорон ааспыт суруйааччы. Ол да буоллар, хас даҕаны көлүөнэ, оннооҕор эпоха уларыйан, билиҥҥи дьонтон атыннык саныыр, суруйар ааптар буоллаҕа. Туох уратылааҕый? Саамай сүрүн уратыта — бүгүн туттууттан тахсыбыт, эбэтэр олус сэдэхтик туттар тылбытынан кэпсэтии буолар. Киинэ дьоруойдара кэпсэтэр тылларын истэ олорон төрөөбүт тылбыт күннээҕи олоххо олус тутахсыйбытын, судургутутуйбутун бэлиэтии истэҕин. Аны туран сыыс тылы туттуу, сылтаҕа суох нууччалыы тылы кыбытыы олус элбээбитэ көстөн кэлэр.

Онон, бу өттүттэн көрдөххө, режиссер туруоруммут сыала чахчы табыллыбытын таһынан, тылбытын харыстыырга олус туһалаах үлэ буолбута көстөр. Мин санаабар, төрүт тылы үөрэтэр дьоҥҥо эрэ буолбакка, ханнык баҕарар көрөөччүгэ хомоҕой тылынан саҥарар дьоруойдар сөбүлэтиэхтэрэ. Кистээбэккэ эттэххэ, Константин Тимофеев туруоруммут быһаарыытын туһунан истэн баран, дьиксинэ санаабытым, “киинэ курдук буолбакка, видеоҕа уһуллубут испэктээк буолан хаалаарай?” диэн санаа баара. Хата, бу санаам сыыһа эбит, олус сатабыллаахтык уһуллубут, дьиҥнээх уус-уран киинэ буолан тахсыбыт.

Режиссер көрөөччүлэргэ туһаайан маннык диэн эттэ: “Уон эбэтэр сүүрбэ сылынан бу айымньыга кэлэр көлүөнэ киинэһиттэр хайаан даҕаны төннүөхтэрэ, ремейк устуохтара. Айымньы сүнньүгэр олоҕуран сэһэнин баҕар аныгы куоракка көһөрүөхтэрэ, эбэтэр өссө хайдах эрэ дьаһаныахтара. Ону уруйдуу эрэ көрсүөҕүм. Ол эрэн, бастакы экраҥҥа таһаарыы суруйааччы хайдах санаабытынан киирдин. Сахабыт тыла хайдахтаах курдук баайын туоһута буоллун!”

БЫЛЫРГЫ ҮҺҮЙЭЭН АНЫГЫ САНААҔА

“Лоокуут уонна Ньургуһун” сыанаттан түспэт классика буоларын быһыытынан, ис хоһоонун билбэт киһи сахаларга ахсааннаах буолуо. Таптаһар икки эдэр сүрэх, төрөппүт тылыттан тахсыбат тыйыс сокуон, баай баттала, өлүүттэн куотуу дьиктитэ. Тус бэйэм, бу айымньы биир түгэнин куруутун күлэ, сонньуйа көрсөөччүбүн. Лоокуут “өлбүт” таптала тиллэн кэлбититтэн куттанан хара тыаҕа куотара, таптал туһунан классическай сюжеттан хайдах эрэ туора ыстанар дии санаабаккыт дуо? Ол эрэн, бу норуот үйэлэр быыстарынан илдьэ кэлбит үһүйээнэ буоллаҕа, ону убаастаан суруйааччы уларыппакка айымньытыгар киллэрбит. Киинэҕэ эмиэ бу түгэн чопчу уларыйбакка киирбит. Мин эрэ олуона дии санаабат эбиппин — саала ньиргиччи күлэн тоҕо барбыта. Пьеса тыйаатырга туруорууларыттан биирдэстэрэ, Эстрада тыйаатырын “Тыыммын ылан тыыҥҥар холбоо” диэн музыкальнай испэктээгэр (Сергей Потапов режиссер) бу көрүдьүөс түгэни уларыта туппут этэ. Мин санаабар, туруоруу онтон лаппа тупсубут курдуга. Дьиҥэр, киинэҕэ бу түгэн трагическай күүрээн чыпчаала буолуохтаах быһыылаах. Ону туох диэхпитий, чопчу экранизация быһыытынан оҥоһуллубут киинэттэн сюжет биир сүрүн сайдыытын быһан ылан бырахпатыҥ чуолкай.

ТҮМҮККЭ

Бу суруйуубар артыыстар оонньууларын, монтаж үлэтин, тыас-уус маанытын уо. д.а. киинэ ымпыгын-чымпыгын ырыппатым — суруйар миэстэ тиийбэтэ. Биир этиинэн сыана быһыым — барыта олус үчүгэй, бу киинэ чахчы саха киинэтин бастыҥнарын кэккэтигэр киирэр кыахтаах. Онон, хайаан даҕаны киинэ тыйаатырыгар тиийэн көрөргүтүгэр ыҥырабын.

Премьераҕа саха киинэтин биир бэлиэ режиссерун, Александр Лукины көрсөн сэлэспитим. Кини бу сайын “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” айымньынан киинэ устан түмүктээбит эбит, билигин таҥыытынан дьарыктана сылдьар үһү. Онон, Тимофей Сметанин Саха сиригэр саамай элбэх айымньыта экраҥҥа тахсыбыт суруйааччы буолар эбит.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

3 минуты ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

33 минуты ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

60 минут ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

2 часа ago