«ЛОРП» тэрилтэ навигация кэмигэр 500 тыһыынча туонна таһаҕаһы тиэрдиэ

Share

От ыйын үһүс дэкээдэтигэр арктическай навигация саҕаланыа. Быһа холоон 60 хонук устата барыа уонна бу кылгас кэм иһигэр Ленатааҕы холбоһуктаах өрүс пароходствотын суудуналара Уһук Хоту оройуоннарыгар, Магадааҥҥа уонна Чукоткаҕа 500 тыһыынча туонна олоҕу хааччыйар таһаҕаһы тириэрдиэ.

Билигин Ленскэй холбоһуктаах өрүс пароходствотыгар уопсайа 204 тыһыынчаттан тахса туонна 143 транзиттанар флот баар. Навигация саҕаланыаҕыттан пароходство 377,7 тыһыынчаттан тахса туонна норуот хаһаайыстыбатын таһаҕаһын, ол иһигэр 120,9 тыһыынча туонна  ньиэби таанкердарга кутан таһыы уонна 256,8 тыһыынча туонна тиэллэр таһаҕаһы ыытта.

Амма уонна Бүлүү өрүстэринэн таһаҕаһы тиэрдии толорулунна:  — Амманан 10 тыһыынча туонна таас чох, Бүлүүнэн – 56 тыһыынча туонна таас чох, 10,5 тыһыынча туонна таркерга кутуллубут ньиэп бородууктата таһылынна. Кыһыл Сыыртан 16 тыһыынча туонна гаас конденсата тиэйилиннэ.

Улахан кэриҥнээх таһаҕаһы Дьааҥы, Индигиир, Халыма уонна Өлөөн өрүстэринэн таһарга былаанныыллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Осетрово куораттан 19,5 тыһыынча туонна таһаҕас тиэлиннэ, ол иһигэр 2,5 тыһыынча туонната – Тиксиигэ барар ньиэп бородууксуйата уонна 17 тыһыынча туонна – Дьааҥы өрүһүнэн таас чох. ОДьКХ туһатыгар 2 тыһыынча туонна таас чох Дьааҥы өрүһүнэн Дьабарыкы Хайаттан ыытылынна. Дьааҥы өрүһүнэн Дьокуускайтан уонна Аллараа Бэстээхтэн быйылгы навигацияҕа бастакы «Капитан Богатырев» таһаҕас тиэллэн ыытылынна. Эдьигээн бөһүөлэгиттэн  аллараа «Ленанефть-2041» суудуна Тиксиигэ   баран иһэр.

Хотугу муора суолунан таһаҕаһы тиэйии ордук уустук усулуобуйатынан уратылаах, силлиэ, күүстээх тыал түһүүтэ, муора суудуналарыттан өрүс суудуналарыгар таһаҕаһы көһөрүү уустуктардаах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago