«Аттаран тигии абылаҥа алыптаах иискэ угуйда» быыстапка ыытыллыаҕа
Тохсунньу 24 күнүгэр Дьокуускайга А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Кырадаһын абылаҥа» түмсүү 10 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах «Аттаран тигии абылаҥа алыптаах иискэ угуйда» быыстапка үөрүүлээх аһыллыыта буолуоҕа.
«Кырадаһын абылаҥа» түмсүү норуот ускуустубатын бары сыаналааччыларын талааннаах маастардар илиилэринэн айбыт чаҕылхай оҥоһуктарын кытта билсэргэ ыҥырар. Ааспыт уон сыл устата маастардар умсугуйан тигэн таһаарбыт оҥоһуктара олус элбэх.
2015 сылтан түмсүүнү Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай маастара Дария Козлова салайар. Кини салайыытынан түмсүү 15 кыттыылааҕа бэртээхэй үлэлэри айаллар.
Быыстапкаҕа бу сыллар усталарыгар түмсүү оҥорон таһаарбыт араас үлэлэрин билиһиннэриэхтэрэ: чаҕылхай паннолар, тупсаҕай көбүөрдэр, күннээҕи таҥас-сап, муодунай суумкалар, аныгы сахалыы соннор, уо.д.а. дьикти оҥоһуктар. Бу туһунан «Симэх» киин суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: