«Аттаран тигии абылаҥа алыптаах иискэ угуйда» быыстапка ыытыллыаҕа

Share

Тохсунньу 24 күнүгэр Дьокуускайга А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Кырадаһын абылаҥа» түмсүү 10 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах «Аттаран тигии абылаҥа алыптаах иискэ угуйда»  быыстапка үөрүүлээх аһыллыыта буолуоҕа.

«Кырадаһын абылаҥа» түмсүү норуот ускуустубатын бары сыаналааччыларын талааннаах маастардар илиилэринэн айбыт чаҕылхай оҥоһуктарын кытта билсэргэ ыҥырар. Ааспыт уон сыл устата маастардар  умсугуйан тигэн таһаарбыт оҥоһуктара олус элбэх.

2015 сылтан түмсүүнү Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай маастара Дария Козлова салайар. Кини салайыытынан түмсүү 15 кыттыылааҕа бэртээхэй үлэлэри айаллар.

Быыстапкаҕа бу сыллар усталарыгар түмсүү оҥорон таһаарбыт араас үлэлэрин билиһиннэриэхтэрэ: чаҕылхай паннолар, тупсаҕай көбүөрдэр, күннээҕи таҥас-сап, муодунай суумкалар, аныгы сахалыы соннор, уо.д.а. дьикти оҥоһуктар. Бу туһунан «Симэх» киин суруйар.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Халыма-Индигир улуустарын Ил Түмэҥҥэ дьокутаата марафон кыайыылаахтарын бэлиэтээтэ

Халыма-Индигиир уокуругуттан Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутаата Гаврил Алексеев эппиэттээх түөрт хоту улуустар бары суолталаах тэрээһиннэрин…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

2029 сылга «Манчаары оонньуулара» Хаҥалас оройуонугар ыытыллыаҕа

2029 сылга саха успуордун национальнай көрүҥнэригэр «Манчаары оонньуулара» XXIII спартакиадата Хаҥалас оройуонугар ыытыллыаҕа. Бу туһунан…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

РФ бүддьүөтэ биэнсийэни эбии индексациялыырга бэлэмин эттилэр. Төлөбүр төһөнөн үрдүөҕэй?

Арассыыйа бүддьүөтэ гражданнарга биэнсийэни эбии индексациялыырга бэлэм. Бу туһунан Судаарыстыбаннай Дуума социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин чилиэнэ…

35 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сиригэр түөкүттэр суукка иһигэр 5 мөл. солк. тахса суума харчыны уорбуттар

Саха сиригэр ааспыт суукка иһигэр полицияҕа түөкүннээһин туһунан икки киһи тыллаабыт. Бу туһунан Саха сиринээҕи…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

11-с (уочараттаах) пленарнай мунньах олунньу 26-27 күннэригэр ыытыллыаҕа

Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев парламеҥҥа 11-с (уочараттаах) пленарнай мунньахха ыҥырар дьаһалга илии баттаата. Пленарнай…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Россельхозцентр” филиала былаанын толорбут

СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтэ ыыппыт агрономнар сүбэ мунньахтарыгар   “Россельхозцентр” ФГБТ Саха сиринээҕи…

1 час ago