РФ Бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ — СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, байыаннай сулууспалаахтары өйүүр кэлим сүрүннүүр киин бэрэссэдээтэлэ Андрей Федотов Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан «Боотур» этэрээт уонна «Ахмат» батальон байыастарыгар Саха сиригэр оҥоһуллубут «Сокол» вездеходтары туттартаата.
Андрей Сандаминович бэлиэтээн эппитинэн, кинилэр бары бииргэ сомоҕолоһон, Арассыыйа кыайарын туһугар туруулаһаллар. «Ахмат» батальоҥҥа «Сокол» вездеходу «Якудза» диэн позывнойдаах байыас сайаапкатынан бэрилиннэ. «Хомойуох иһин, кини бу түгэҥҥэ диэри тиийбэтэ, сэрии хонуутугар хорсуннук оҕунна. Кини хорсун, быһаарыылаах күүстээх санаата бииргэ сулууспалыы сылдьар доҕотторун сүрэҕэр үйэлэргэ хаалыаҕа. Бу туохтан да иҥнибэт тиэхиньикэ эһиэхэ күүс-көмө буоллун», — диэн Андрей Федотов эттэ.
«Ахмат» хамандыыра «Шрам» Саха сирин олохтоохторугар уонна чахчы эр санаалаах буойуну иитэн таһаарбыт төрөппүттэргэ махтанна. «Саха уолаттарын кытта бииргэ сулууспалыыр бу чиэс-бочуот. Саха сирэ туохтан да куттаммат, тулуурдаах байыастары иитэн-такайан таһаарар. Оттон Саха сирин көмөтүгэр биһиги бары ис сүрэхпититтэн махтаныах эрэ тустаахпыт «, — диэн эттэ.
«Злой» позывнойдаах «Боотур» батальон хамандыыра Саха сирин олохтоохторун быһаччы көмөлөрүнэн кыайыы күнтэн күн чугаһаан иһэрин туһунан эттэ.
От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит. Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…
От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…
Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…
Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…
Суһал иһитиннэриинэн ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…
Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…