Салгыы
Лука Петров Улахан Табаҕаны туһаҕа таһаарыыга ураты өҥөлөөх киһи

Лука Петров Улахан Табаҕаны туһаҕа таһаарыыга ураты өҥөлөөх киһи

07.09.2024, 19:30
Хаартыска К.Е. Иванов тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта Сунтаар улууһун Куокуну нэһилиэгэр Улахан Табаҕа киэҥ нэлэмэн, үрдүк үүнүүнү биэрэр бааһыната талах айаана солонон, кырыс сирэ тиэриллэн үлэҕэ киирбитэ 65 сыла туолуутун үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Ол кэмнээҕи бастыҥ механизатордар, чулуу үлэһиттэр тустарынан иһирэх тылынан  ахтан-санаан аастылар.

1200 гектар иэннээх Улахан Табаҕа бааһыната билигин даҕаны өрөспүүбүлүкэҕэ  биир бөдөҥ уонна бастыҥ үлэлээх “Кириэстээх” ТПКХ-тын иитэр сүөһүтүн сүмэһиннээх аһылыгынан толору хааччыйар.

Бу маннык тэрээһин урукку кэмҥэ умсулҕаннаах үлэ түмүгэр олоххо киллэриллибит ситиһиилэр ис хоһооннорун  арыйан көрдөрүүгэ, аныгы ыччаты үлэҕэ көҕүлээһиҥҥэ улахан суолталаах.

Хаһыаттарга, «Саха» НКИХ  сырдатыллыбыт ити үөрүүлээх тэрээһини биһирээтим уонна Улахан Табаҕа кырыс сирдэрин солооһун, маҥнайгы ыһыыны тэрийии туһунан санаан кэллим.

Чахчы даҕаны ол кэмҥэ ССКП райкомун, райсовет исполкомун, «Ленин» сопхуос салайааччылара дьоһуннаах үлэни  саҕалаабыттара.  Райком сэкирэтээрдэрэ В.Г. Павлов, И.А. Матвеев уонна «Ленин» сопхуос  дириэктэрэ Н.В. Шадринов сүрүн оруолу ылбыттара. Кинилэр ол кэмҥэ оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбата сайдар кэскилин таба өйдөөннөр, ити киэҥ далааһыннаах үлэни ыыппыттарын астына саныыгын.

Мин, оччолорго эдэр киһи, комсомол райкомун сэкирэтээрэ,  кыра даҕаны буоллар, ити олус улахан суолталаах соругу олоххо киллэриигэ кыттыһан ылбыт кэмнээх эбиппин. Ити уустук, элбэх сыраны уонна үлэ тэрээһинигэр  сатабылы эрэйэр былааны толорууга биир тутаах үлэһит, сопхуос Куокунутааҕы отделениетыгар хонуу биригэдьииринэн үлэлээбит Лука Васильевич Петров туһунан ахтан-санаан ааһар наадалаах.

Эппитим курдук, Ленин аатынан сопхуос бэрэссэдээтэлэ, агроном идэлээх Н.В. Шадринов көҕүлээһининэн оройуон салалтатын өйөбүлүнэн 1959 сыллаахха Куокунуга Табаҕа талах айааны солоон, 1200 гектар иэннээх кэлим бааһынаны оҥоруу күүстээх үлэтэ саҕаламмыта. Бааһынаҕа бастакы ыһыы үлэтин саҕалааһыҥҥа ыччат күүһүн туһанарга партия райкома уонна комсомол райкомун бюрота уураах ылыннылар. Оройуон кииниттэн 30-ча ыччаты уонна сельхозтехникаттан үс тыраахтыры уонна холбонор техникалары биэрэн ыччат-комсомольскай үрдүк үүнүү звенота тэрилиннэ. Салайан таһаарарга, үлэлэтэргэ эппиэттээҕинэн оччолорго комсомол райкомун 2-с сэкирэтээринэн саҥардыы талыллыбыт кэммэр миигин анаатылар. Дьэ, хомунан-тэринэн күргүөмүнэн техникаларбытын илдьэ, икки грузовой массыынаҕа тиэллэн ыам ыйын саҥатыгар Куокунуга айаннаатыбыт. Ол саҕана суол олус мөлтөх этэ. Туос ыстаабыт диэн сиргэ диэри хас да килэмиэтирдээх бадараан этэ. Ол мэһэйдэри улахан эрэйинэн, нэһиилэ техникаларбытын үтэн-анньан, төһүүлээн бадараантан хостуу-хостуу нөҥүө күнүгэр Куокунубутугар тиийдибит. Онно Табаҕа бааһынатын кытыытыгар үлэһиттэргэ база тэриллибит: утуйар са­рай, аһыыр-сынньанар дьиэ, техниканы өрөмүөннүүр анал тутуу. Дьэ, биһигини, сылайан-элэйэн кэлбит дьону, биир саҥарбыт-иҥэрбит, түргэн-тарҕан туттуулаах, үрдүк уҥуохтаах, полевой суумкатын сүгэ сылдьар эдэр киһи көрүстэ. Кэпсээн-ипсээн кылгас кэм иһигэр миэстэбитин буллартаан, барытын чуолкайдык быһааран биһигини сотору кэминэн «олохтоох дьон» курдук оҥортоон кэбистэ. Бэйэтин билиһиннэрдэ: хонуу биригэдьиирэ Петров Лука Васильевич эбит. Барыбытын кытары билсэ, ыйыталаһан туох бэлэмнээхпитин, туох соруктаахпытын билэ оҕуста. Онтон олохтоох баҕайытык бэйэтэ Табаҕа туһунан, хайдах соломмутун, хайдах кырыс сирэ тиэриллибитин, бааһына кэнэҕэски кэскилин туһунан олус чуолкайдык, өйдөнүмтүөтүк кэпсээтэ. Дьэ, онтон кумааҕыга уруһуйданан баран ыйанан турар сүдү киэҥ бааһынаны быһааран кэпсээтэ, биһиги, ыччат звенота, туох үлэни толоруохтаахпытын үргүлдьү кылгастык эрээри, киһи чуолкайдык өйдүүр гына кэпсээн биэрдэ. Ону истэ туран, оччотооҕуга мин Лука Васильевиһы улахан уопуттаах, бэйэтин дьыалатын үчүгэйдик билэр, дьаһаллаах салайааччы быһыытынан өйдөөбүтүм. Хайдах эрэ, уот ааныттан бу киһиэхэ итэҕэл санаа үөскээбитэ. Дьэ онтон ыла Лука Васильевич биһиэхэ, Сунтаартан Табаҕаҕа үлэлии тахсыбыт ыччакка, «бэйэ киһитэ» буолбута.

Дьэ, доҕоор, сарсыныгар эрдэ баҕайы, биһигини, утуйа сытар дьону, туруортуу Лука Васильевич матассыыкылынан тирилэтэн кэллэ да, бүгүҥҥү үлэ ханнык былаанынан барыахтааҕын быһаарбытынан барда. Ону биһиги өйдөөн истэн туран баран, көхтөөхтүк «өйдөөтүбүт» дэстибит. Онуоха киһибит: «Ребята, за дело!» диэн хамаанда биэрдэ. Дьэ бары тэринэн, чуолкай соруктаах Табаҕа киэҥ-нэлэмэн бааһынатыгар бастакы ыһыыга туруннубут. Лука Васильевичтыын бааһынаны кэрийэбит, суоллаах сиринэн матассыыкылынан, оттон хорутуулаахха – сатыы. Лука Васильевич киэһэ аайы хонор-түһэр сирбитигэр күннээҕи үлэни түмүктээн, сарсыҥҥыга соругу туруорар. Ол кэнниттэн комсомолецтар бэйэбит ис дьыалабытын кэпсэтэбит. Сынньана түһэн баран, киэһэ аайы волейбол оонньуубут, атах оонньуутугар күрэхтэһэбит. Лука Васильевич онтон да хаалсыбат этэ, дьиэтигэр ыкса киэһэ, биһиги утуйарбыт саҕана барара.

Күргүөмнээх үлэ этэ диэтэҕиҥ. Табаҕа үрдүнэн техника тыаһа ньиргийэрэ, ыччат саҥата чугдаарара. Табаҕа илин өттүн ыһан бүтэрбиппит кэннэ, биһиги бааһына уҥуор бөһүөлэк диэки өттүгэр көстүбүт, сылдьарга ыраах диэн. Онно көһүөхпүт биир хонук иннинэ Лука Васильевич 3-4 уолу илдьэ барбыта. Сарсыныгар үлэ кэнниттэн, олох бэлэмҥэ тиийэн кэллибит: хас да улахан балаакка, отуулар. Онон Лука Васильевич сөптөөх үлэни тэрийэн, 40-ча киһи, элбэх техника таһаарыылаахтык үлэлээбиппит.

Арай, ыһыыны сүрүн өттүн бүтэрбиппит кэннэ, балааккаларбытыгар утуйа сыттахпытына хаар бөҕө түспүт. Сарсыарда дьиҥнээх кыһын ортотугар буола түстүбүт. Ити Ньукуола буолар түүнүгэр, 1960 сыл ыам ыйын 22 күнүгэр этэ. Бары соһуйуу-өмүрүү буоллубут. Өр кэтэһиннэрбэтэ, Лука Васильевич тии­йэн кэллэ. Биһиги бөһүөлэккэ кулууп дьиэтигэр, сорохтор ыалларга көһөр буоллубут. Ону барытын сүрдээх тэрээһиннээхтик, Лука Васильевич сүүрэн-көтөн оҥорбута.

Саас түспүт хаар сотору уулунна, куйаас күннэр кэлэннэр, улахан бадараан тахсыбата. Механизатордар уонна техника үлэтин мэһэйдээбэтэ.  Иккис хонугар ыһыы үлэтэ күөстүү оргуйда.

Ыскылааттан бурдук сиэмэтин таһааччылар, бааһына хорутааччылар, бурдук ыстарааччылар үлэлэрэ тиһигин быспакка барыытын тэрийии биригэдьиир Лука Васильевич дьаһалынан барара. Бааһына элбэх учаастактардаах этэ, онно барытыгар ыһыы үлэтэ тохтообокко барбыта. Сопхуостан 2, оройуон кииниттэн – 3, барыта 5 бөлөҕү холбоон биир оройуоннааҕы ыччат-комсомольскай  үрдүк үүнүү звенота этибит.

Ыһыы бириэмэтигэр оройуон, сопхуос салайааччылара И.А Матвеев,  Н.В. Шадринов анаан-минээн кэлэннэр мунньахтаан, ыһыы үлэтин хаамыытын хайҕаан,  санаабытын көтөҕөн барбыттара. Биһигини кытары тэҥҥэ Лука Васильевич санаата көтөҕүллүбүтэ, үөрбүтэ, араас дьээбэ  сэһэннэри кэпсээн дуоһуйбута.

Биирдэ, ыкса киэһэ сопхуос комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээрэ Иннокентий Пахомов салайааччылаах  ыччат агитбиригээдэтэ  ырыа-тойук аргыстаах кэлэн, үрдүк тэрээһиннээх, үөрүүлээх  киэһэни бэлэхтээн, сылаабытын кыйдаан, үлэҕэ дьулуурбутун көтөхпүтэ. (Иннокентий Осипович Пахомов кэлиҥҥи сылларга үүнэн-сайдан ССКП Сунтаардааҕы райкомун  бастакы сэкирэтээринэн, 1992-2004 сылларга Сир реформатын государственнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.  Бастакы Бэрэсидьиэн М.Е. Николаев чугас көмөлөһөөччүтэ буолан, “Тыа сирин  сайыннарыы концепциятын олоххо киллэриигэ, рынок усулуобуйатыгар  сир реформатын олоххо киллэриигэ сүрүн оруолу толорбута).

Дьэ, итинник  күүстээх үлэ баран, ыһыы үлэтэ бүтэн эрдэҕинэ Дьокуускайтан “Социалистическая Якутия” хаһыат биллиилээх корреспондена Алексей Тимшин кэлэн көрөн-истэн барбыта уонна хаһыатыгар Улахан Табаҕаҕа ыһыы үлэтин туһунан  ыстатыйа суруйбута.

Ол дьыл Табаҕа бааһыналара үрдүк үүнүүнү биэрбиттэрэ. Онно эрдэттэн бэлэмнэнэн, бурдук ыраастыыр уонна харайар улахан ыскылааттары туттарбыта. Кыһын, үүнүү хомуурун түмүгэ тахсыбытын кэннэ, отделение управляющайа, кырдьаҕас, уопуттаах салайааччы Иванов Николай Митрофанович уонна эдэр, эрчимнээх, тэрээһин үлэтин кыайа-хото тутар хонуу биригэдьиирэ Лука Васильевич Петров, бастыҥ механизатордар оройуон салалтатын үрдүк хайҕалын ылбыттара. Кэлин «Ленин» сопхуос Куокуну отделениетыгар управляющайынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Ити Улахан Табаҕаны туһаҕа таһаарыы түбүктээх үлэтин миэстэтигэр сүрүннээччинэн, тэрийээччинэн  сатабыллаах салайааччы Лука Васильевич Петров этэ. Кини кэлин оройуоҥҥа биир бөдөҥ Бордоҥ нэһилиэгэр Сэбиэт ситэриилээх кэмитиэтин  бэрэссэдээтэлинэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Өр сылларга эппиэттээх  үлэҕэ үлэлээбитин устатыгар үтүө суобастаах, үрдүк көрдөрүүлээх үлэтин иһин элбэхик наҕараадаламмыта, Бочуот знага уордьан кавалера этэ. Истиҥ доҕорбут, үрдүк дьоҕурдаах орто сүһүөх салайааччыларбытыттан биирдэстэрэ Лука Васильевич Петров дьоҥҥо, ыччакка үтүө холобур буолар олоҕу олорон ааспыта. Кини сырдык аата Улахан Табаҕа кэскиллээх бааһынатын  талах ойуура  солонуоҕуттан, үрдүк үүнүүлээх 1200 гектар иэннээх бааһына буолуор диэри остуоруйатыгар умнуллубаттык киириэхтээх.

Климент Иванов,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: