Салгыы
Лука Турнин аатынан күрэс кыайыылааҕынан Айсен Деллохов буолла

Лука Турнин аатынан күрэс кыайыылааҕынан Айсен Деллохов буолла

Ааптар:
29.11.2024, 16:24
Хаартыска: Ил Хомус телеграм ханаалтан.
Бөлөххө киир:

Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера, чулуу хомусчут Лука Николаевич Турнин истипиэндьийэтин аныыр өрөспүүбүлүкэтээҕи XI күрэс буолан ааста.

Күрэһи Таатта улууһа 2013 сылтан араас үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр, үлэлиир, хомус эйгэтигэр үрдүк ситиһиилээх, хомуһу тарҕатар ыччакка анаан тэрийэн ыытар. Быйылгы күрэскэ хомус уһуйааччылара кыттыылара сонун көстүүнэн буолла.

Күрэс үс түһүмэҕинэн барбыт: Лука Турнин олоҕуттан, айар үлэтиттэн блиц-ыйытыктар, Лука Турнин хомуска тардар ньыматынан биир айымньыны толоруу; Лука Турнин хомуска тардар ураты ньыматын үөрэтэр уопутун презентациянан билиһиннэрии.

Үс түһүмэх түмүгүнэн кыайыылаах үрдүк аатын Айсен Деллохов ылла. Киниэхэ Таатта улууһун аатыттан түөскэ анньыллар үрүҥ көмүс бэлиэни уонна 20 000 солк. суумалаах сэртипикээти туттардылар. Аймахтар анал бириистэрин Сааскыйа Адамова, Марина Говорова туттулар. Бу туһунан Ил Хомус телеграм ханаала сырдатар.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -24°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: