Луо аймаҕа – сүллүүкүн…

Share

Саха итэҕэлинэн сир-дойду барыта иччилээх, ону таһынан тулабытын харахха мээнэ көстүбэт “дьукаахтар” тулалыыллар. Таҥха кэмигэр ордук элбэхтик ахтыллар сүллүүкүттэр хайдах эрэ туспа соҕус тураллар дии санаабаккыт дуо? Сүллүүкүн туһунан итэҕэл Саха сиригэр тастан кэлбит курдук. Маны быһаарсан көрүөҕүҥ.

Киэҥ сиргэ биллэр уу иччитэ

Сүллүүкүн Саха сиригэр эрэ буолбакка, бэрт үгүс омук итэҕэлигэр баарын туһунан өссө Вацлав Серошевскай үлэлэригэр бэлиэтээбитэ. “Сюльльюкюн” диэн  уу иччитэ Иркутскай бүрээттэригэр баар “шюлюкюн” диэн абааһыны кытта аатынан даҕаны, айылҕатынан да дьүөрэлэһэрин бэлиэтээбит. Кэнники чинчийээччилэр, майгынныыр ааттаах “харамайдары” элбэх норуот үһүйээннэригэр баалларын булан суруйбуттар.

Ол курдук, башкирдарга шулгэн, чуваштарга сюлюсюн, комиларга шулейкин, Сибиир нууччаларыгар шуликун – бары ууга дьиэлээх көстүбэт эйгэ олохтоохторо. Татаардарга Шулигэн диэн аатынан аптаах көтөрү ааттыылар эрээри, кини эмиэ ууга сыһыаннаах – күөх далай ыраахтааҕытын төрөппүт кыыһа.

Атыттар бары киһигэ майгынныыр бодолоох курдук хоһуллаллар. Сахалар сүллүүкүннэрин сурукка киирбит биир бастакы хоһуйуутун Өксөкүлээх Өлөксөй оҥорбут. Хотугу улуустар сахаларын итэҕэллэринэн, сүллүүкүн киһиттэн уратыта суох, арай баттаҕа уонна хааһа суоҕунан араарыахха сөп үһү. Кулаковскай сүллүүкүн нууччалар “шуликун” диэн тылларыттан киирбит буолуон сөп диэн сабаҕалыыр.

Дьүһүнэ-бодото

Кыра сылдьан сүллүүкүн туһунан “түбэлтэлэри” истэр буоларым. Онно дьүһүн хоһу­йуу сүрүннээн “тууну чороччу туппут курдук, санныта суох, уһун төбөлөөх эрээри, киһи кэриэтэ илиилээх, атахтаах” диэн буолара. Бытыылка курдук, туу курдук диэн, ол эбэтэр сарына суох уһун киһитиҥи уобарас элбэх хоһу­йууга ахтыллар. Элбэх үһү­йээҥҥэ сүллүүкүн туйах­таах, кутуруктаах, бу хрис­тианскай мифология абааһытыттан көспүт сибикилэр быһыы­лаах. Серошевскай суруммут хоһуйуутугар торбос тириитэ таҥастаах, этэрбэстээх – ол кэминээҕи дьадаҥы дьоҥҥо тарҕаммыт таҥас-сап. Биир сүллүүкүн дойдутугар ыалдьыттаабыт эмээхсин туһунан үһүйээҥҥэ кинилэр собо хатырыгынан бүрүллүбүт сонноохторо хоһуйуллар. Бу саха омук төрүт итэҕэлигэр баар Күөх Боллох Тойон симэҕэр майгынныыр. Түмэн көрдөххө, сүллүүкүн бодотун хоһуйуу икки хайысхаҕа арахсар: киһи кэриэтэ эрээри бэлиэ уратылаахтарга уонна түктэри дьүһүннээх абааһы кэриэтэ харамайдарга.

Туттуута, үгэһэ

Аҕа саастаах ааҕааччыларым үгүскүт өйдүүрэ буолуо – сүллүүкүн ойбонтон тахсар күннэригэр хаатыҥкаларгытын ордук кичэллээхтик ­ыраастаан, дьаарыстаан уураргытын. “Сүллүүкүн оҕо атаҕын таҥаһын уорар” диэн итэ­ҕэл оҕо сааһым кэмигэр (ааспыт үйэ 80-с сылларыгар) олус тарҕаммыт итэҕэл этэ. Билигин өйдөөтөххө, чуолаан оҕо хаатыҥкатыгар интэриэс­тээхтэрэ атын итэҕэлтэн тахсар эбит. Бу итэҕэл этэринэн, бастакынан ойбонтон  «оҕо» сүллүүкүттэр (уот оттооччулар) тахсаллар. Кинилэр эрдэ тахсан, эргэ өтөхтөрү сөргүтэн бэлэмнииллэр. Сэрэйдэххэ, олор биһиги хаатыҥкаларбытыгар ымсыырдахтара… Онтон син орто саастаах, киэҥ билии­лээх-көрүүлээх сүллүүкүттэр тахсаллар. Дьэ ол эрэ кэнниттэн кырдьаҕас, мындыр, кинигэ кыбыныылаахтар ороноллор.

Сүллүүкүн кинигэтигэр өлүөхтээх дьон испииһэктэрэ ыйыллыбыт дэнэр. Онно былырыын өлүөхтээх эрээри, барбатах дьону булан “итигэстээн” барыахтарын сөп диэн итэҕэлтэн сылтаан Ороһуоспаттан Кириһиэнньэҕэ диэри сэрэнэ сылдьар ирдэнэр. Сылтаҕа суох таһырдьа тахсыбакка, түүн түннүгүнэн өҥөйбөккө хорҕойбут ордук дэнэр. Бу итэҕэл доруобуйа туһунан билим чахчыларын кытта дьүөрэлэһэр – сыл аайы ахсынньыттан олунньуга диэри ортотунан дьон өлүүтэ ордук элбиир эбит. Тохсунньу тымныы буоллаҕына, сүллүүкүттэр тоҥон ырааҕынан кэрийбэттэр, онон өлүү-сүтүү ах­­саана аҕыйах буолар диэн итэҕэл баар. Онон быйыл ама соҕус буолууһу дуу?

Норуокка саамай биллэр дьаллыктара – хаарты оонньуута. Уот оттооччу «оҕолор» бэлэмнээбит өтөхтөрүгэр улуу хаарты оонньуулара тэриллэр. Харчыларын куулунан сүгэ сылдьаллар, уксуулара үлүгэр улахан. Элбэх кэп­­сээн этэринэн, оонньуу ортотугар эмискэ өмүрдэн уксубут харчыларын туура тутан ылыахха сөп. Сүллүүкүттэртэн туура туттарбыт үбү үс хонук иһигэр (сороҕор сэттэ күн ыйыллар) туһана охсуохтааххын, ол кэнниттэн ол харчыҥ ньамахха кубулуйар. Төттөрү кубулуйуу туһунан эмиэ кэпсэнэр – туох эрэ өҥөҥ иһин сүллүүкүн манньалаары гыннаҕына, биэрэр харчытыттан акаастанан, ньамах көрдөөн ылыахтааххын. Ол ньамаҕыҥ үс күнүнэн дьиҥнээх харчыга кубулуйар…

Сүллүүкүттэр туһунан элбэх үһүйээн баар, уопсай түмүк быһыытынан биири чорбо­туохха сөп – кинилэр соруйан дьоҥҥо куһаҕаны оҥорботтор. Ол эрэн, ханнык баҕарар атын эйгэ көстүүтүн курдук, илэ көрсөртөн куотуммут ордук.

Төрүтэ – Кытай?

Сүллүүкүн “уруута” олус киэҥ сиринэн тарҕаммыта көстөр. Арассыыйа арҕаатыгар, Башкирияҕа, Татарстааҥҥа, Сибиир эрэгийиэннэригэр сүллүүкүн ханыыта уу иччитэ фольклорга ахтыллар. Ол эрэн, чопчу ханнык норуот итэҕэлиттэн силис-мутук тардара чопчу биллибэт. Биир ордук оруннаах сабаҕанан бу уу иччитэ Кытай култууратыттан кэлбит буолуон сөп диэн этэр. Кытай биир улуу луота Шуй Лун Хуан уу хаһаа­йынынан аатырар. Бу итэҕэл аттынааҕы норуоттарга араастаан уларыйан тиийбит буолуон сөп. Уу ыраахтааҕыта, уу иччитэ, уу абааһыта омуктан омукка көһөн, сахаларга уу анныгар олорор киһи бодолоох билгэһиккэ, хаартыһыкка кубулуйбут быһыылаах. Онон быйылгы сыл Кытай халандаарынан сүллүүкүн аймаҕын сыла буолууһу.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

7 часов ago