Саҥа дьыл саҕана Луо сыла үүннэ диэн эҕэрдэлэспиппит эрээри, Илиҥҥи халандаарынан, от күөҕэ өҥнөөх мас Луо (Дракон) сыла олунньу 10 күнүттэн саҕаланар. Илиҥҥи Саҥа дьыл халлааҥҥа Ый үүнүүтүнэн, күнэ сыл аайы уларыйа сылдьар. Кыһыҥҥы күн туруутун (ахсынньы 22 күнүгэр) кэнниттэн иккис Ый үүнэр кэмигэр сөп түбэһэр.
Бу Азия дойдуларыгар саамай суолталаах уонна уһун бырааһынньык. Кытайдар Ый уонна Күн хаамыытынан ааҕыллар бэйэлэрэ туспа халандаардаахтар. Холобур, быйыл 4721 сылы көрсөллөр. Илиҥҥи Саҥа дьылы өссө Японияҕа, Кореяҕа, Вьетнамҥа, Монголияҕа, Тибеккэ, Малайзияҕа, Сингапурга, Индонезияҕа, Таилаҥҥа, Брунеяҕа, Камбоджаҕа, Филиппиҥҥэ, Тайбаан уонна Маврикий арыыларга эмиэ бэлиэтииллэр.
Кытайдар Саҥа дьылларын 15 күн устата бырааһынньыктыыллар. Тоҕо диэтэххэ, бу бастакы 15 күнү хайдах атаараҕын да, сылыҥ оннук ааһар диэн итэҕэйэллэр. Сиэр-туом бөҕөтүн толороллор. Онон сыллааҕы уоппускаларын (онтулара да биһиэнин курдук 60-ча күн буолбатах, 15 эрэ күн) бу кэмҥэ ыла сатыыллар.
Бастакы күн хайаан да төрөөбүт-үөскээбит дьиэлэригэр мусталлар. Оннооҕор атын дойдулартан анаан-минээн кэлэллэр. Төрөппүттэр оҕолоругар кыһыл кэмбиэргэ харчы уган бэлэхтииллэр. Ону тэҥэ, бэйэ-бэйэлэригэр кыһыл сабынан баайыллыбыт манньыаттары, пааралаах мандариннары бэлэхтэһэллэр. Бу сылга уйгуну-быйаҥы тартын диэн.
Бу кэмҥэ Нянь диэн абааһы кэлэр, сүөһүнү, оҕолору сиир диэн үһүйээннээхтэр. Нянь кыһыл өҥтөн куттанар үһү. Ол иһин, куһаҕан тыыны үргүтээри фейерверктэри эһэллэр, тыаһыыллар-ууһууллар, дьиэлэри, уулуссалары кыһыл өҥүнэн киэргэтэллэр, кыһыл таҥаһы таҥналлар, баҕа санааларын этэн баран, халлааҥҥа банаардары көтүтэллэр. Үҥкүүлүүллэр, үөрэллэр-көтөллөр. Дьиэни буруолатан, о.д.а. ыраастанар туомнары оҥоруохтарын сөп.
Бу иннинээҕи күн хайаан да дьиэлэрин сууйаллар-сотоллор, эргэ таҥастарын, малларын быраҕаллар. Бэлимиэни ууга буһаран, эбэтэр арыыга ыһаарылаан күндүлүүллэрин сөбүлүүллэр. Ону тэҥэ, дьиэҕэ аҕыс мандарин баар буолар. Бырааһынньык иннинэ кытайдар саҥа атах таҥаһын атыыласпаттар, баттахтарын кырыйтарбаттар. Саҥа дьыл буолар түүнүгэр утуйбаттар, ол аата дьиэлэригэр ыарыыны, алдьархайы киллэрбэттэр.
Уон биэс күнүнэн Саҥа дьылы бырааһынньыктааһын олунньу 24 күнүгэр Кыһыл банаар бэстибээлинэн түмүктэнэр. Дьэ, бу күннэргэ араас уотунан сандаарар, сиэдэрэй Луо мааскаларын сүүрдэн аҕай биэриэхтэрэ. Оттон Луо сыла 2025 сыл тохсунньу 28 күнүгэр түмүктэниэҕэ.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…