Салгыы
Люба Борисова: “Сахалар кыраттан да үөрэр, дьоллонор дьоҕурдаахпыт” (ВИДЕО)

Люба Борисова: “Сахалар кыраттан да үөрэр, дьоллонор дьоҕурдаахпыт” (ВИДЕО)

Ааптар:
08.03.2023, 16:40
Люба Борисова «Сэмсэ санаа» биэриигэ ыалдьыттыыр
Бөлөххө киир:

Бу сыл саҕаланыыта  Люба Борисова “Кэрэни көрбүт” киинэтэ  Арассыыйа үрдүнэн  киэҥ экраҥҥа  тахсан, үгүс дьон биһирэбилин ылан, улахан бэстибээллэргэ ситиһиилэммитэ.   “Сэмсэ санаа” биэриигэ  суруналыыс Чокуур Гаврильев  режиссер, сценарист Люба Борисованы кытары кэпсэттэ.

 

– Люба, эн киинэлэргин биһиги дьиэ кэргэнинэн сөбүлээн көрөбүт. Онон, эйигин кытары сэһэргэһиэх­пин, биэрии­бэр ыалдьыттатыахпын баҕарбытым ыраатта. “Кэрэни көрбүт” киинэҥ  киэҥ экраҥҥа тахсан, үгүс дьон биһирэбилин ылан, чахчы даҕаны кэрэни көрдүбүт диэн кэпсэ­тэллэрин элбэхтик иһиттим. Бу киинэни устаргар хайдах итинник  табыллан уобарастары таллыҥ? Итиэннэ Уйбаан Попов курдук биллэр-көстөр киһи олоҕуттан, аҥаардас биир сайынын эрэ талан ыллыҥ?

– Уонча сыллааҕыта идиэ­йэтин  интэриниэккэ аахпытым. Устуорук Александр Дьяконов  социальнай ситимҥэ  “Летаргический сон якутского косаря” диэн  элбэх интэриэһинэй хаартыскалар­даах пост таһаарбыт этэ. Ол курдук, худуоһунньук Иван Попов ­анаан-минээн кыһыннары-сайыннары сырса сылдьан хаартыскаҕа түһэрэр киһитэ –  Ыстапаан Бөрөсүөкэп өлөн баран тиллибитин туһунан суруйууну уонна  хаартыс­калары көрөн олус сэҥээрбитим. Ыстапаан Бөрөсүөкэп дьикти ыарыылаах эбит. Уҥан “летаргическай утуйуу” туругар киирэр, өлбүт киһи курдук буолар. Ол суруйууга “аныгыскыга “өллөхпүнэ” Уйбаана суох миигин көмүмэҥ  диэн көрдөспүтүн” туһунан тэттик тиэкиһи өйдөөн хаалбытым. Оччолорго киинэ устубат да буолларбын, ити аахпыт түгэммин өр сылларга өйдүү-саныы сылдьыбытым.

Кэлин, бастакы киинэм устуута бүтэн эрдэҕинэ, Прокопий Ноговицын Нөмүгүгэ кэлэн киинэҕин оҕолорго көрдөр диэн биирдэ ыҥырбыта. Киинэ уһуллан бүппүтүн кэннэ, Нөмүгүгэ тахсыбыппыт. Онно хаартыскаҕа түһүү кэмигэр Прокопий Романович биир киһини аҕалан билиһиннэрбитэ  уонна киинэҕэ уһуллуон сөптөөх дьоруой диэбитэ. Арай көрбүтүм, оруобуна били урут хаартыскаҕа көрбүт Бөрөсүөкэпкэ үүт-үкчү маарынныыр киһи эбит. Дьэ тута били уонча сыллааҕыта интэриниэккэ аахпыт устуоруйабын саныы биэрэн, куоракка төттөрү айаннаан истэхпинэ, харахпар киинэ каадырдара көстөн киирэн барбыттара.

Салгыы худуоһунньук Уйбаан Попов туһунан литератураны хасыһан үөрэтэн барбытым. Элбэх консультаннар көстөннөр, үгүс  иһитиннэриини хомуйан баран, сценарий  суруйбутум. Онтум хайдах эрэ табыллыбатах этэ, эбиитин уһун-киэҥ кэми – өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи-кэннинээҕи сыллары барытын хабан,  киинэм бэрт үчүгэйдик саҕаланан иһэн,  түмүгэ трагедия буолан хаалбыта.  Сценарийбын сөбүлээбэтэҕим, хайдах эрэ устуоруйаҕа аһара баттатыы курдуга.

– Билбиккин-көрбүккүн  барытын сценарийга киллэрэ  сатаатаҕыҥ буолуо…

– Оннук.  Ити “Холодное золото” киинэ бастакы сценарийа эмиэ итиннигэ. Нууччалыы эттэххэ, “историческай фактарга” баттатыы этэ.  Бастакы сценарийбын “Сахафильм” урукку дириэктэрэ Дмитрий Шадриҥҥа биэрбиппин, тута Москваҕа ыытан кэбиспитэ. Сотору кэминэн Москвалары кытары киинэни устар буоллубут, сопродюсер сибээскэ тахсыаҕа диэбитэ.  Москваттан Иван Болотников диэн киһи эрийэн,  “Не хороните меня без Ивана” диэн аатын уонна “кэрэни көрөн өлөр” диэн идиэйэни  сөбүлээбитин биллэрбитэ  уонна атынын барытын уларытарга сү­­бэлээбитэ. Инньэ гынан үлэм итинник саҕаланан, киинэбитигэр Москва сопродюсера үлэлэспитэ.

– Киинэҕэ саха итэҕэлэ, үс кут тиэмэтэ күүскэ арыйыллыбыт…

– “Летаргический сон” диэн өйдөбүлү сахалыы быһаа­ран көрдөрүөхпүн баҕарбытым. Биир түгэни кэпсиэм. Казахстаҥҥа бэстибээлгэ кытта сырыттахпытына биир кыыс наар биһигини батыһа сырытта. Киниэхэ “трепанация черепа” оҥорбуттар эбит. Ол кэнниттэн муусука эҥин иһиллэр буолан хаалбытын, хайдах эрэ ити Бэрэсиэкэп курдук турукка киирбитин туһунан кэпсээбитэ. Кырдьык, итинник олоххо баар  эбит диэбитэ.

– Киинэҕэ  Бөрөсүөкэби кытары Попов  араас сиринэн айанныы сылдьан,  хаартыскаҕа дьону түһэ­рэллэр, онно олохтоох­тор туох-баар мааны таҥастарын кэтэллэр, иһиттэрин-хомуостарын, туттар малларын, баайдарын-дуолларын аҕалан көрдөрөллөр. Кырдьык итинник буолуо дуо? Ол аата саха киһитэ былыргыттан сырдыкка, кэрэҕэ   талаһар, тардыһар буоллаҕа.

— Мээнэ таһырдьа сылдьар киһини хаартыс­каҕа түһэрбэтэхтэрэ чахчы. Таҥ­нан-симэнэн, киэргэнэн, ­анаан-минээн түспүттэрин ити урукку хаартыскалар көрдөрөллөр. Аны Уйбаан Баһылайабыс биллэр киһи буолан, ыҥырыкка сылдьар эбит.

Кыраттан да дьоллонуохха

– Эн бэйэҥ бу киинэҕин аҕыйах тылынан сүрүн ис хоһоонун хайдах этиэҥ этэй? Бу киинэ туохха үөрэтэрий?

– Үгүс бэстибээллэргэ сылдьан көрдөххө, биһиги киинэбит чыҥха атын. Холобур, ар­­ҕааҥҥы дойдулар бэстибээл­лэригэр сылдьан көрдөххө, кинилэр киинэлэрэ санаа түһүүлээх, туох эрэ кыһалҕаны көрдөрөр. Чопчу туохтан санаа­лара-оноолоро түһэрэ, туохтан  ытыыллара-соҥууллара биллибэт курдук. Дьиҥэр, биһигиннээҕэр олох үчүгэйдик олорор буоллахтара.

Лаптевтар муораларыгар устубут “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэбитигэр быраҕыллыбыт кэриэ­тэ үүтээҥҥэ олорор дьон балык тутан баран үөрүү-көтүү, дьол бөҕө буолаллар. Онтон ити атын дойдулары кытары тэҥнээтэххэ, биһиги арыый  хаалыылаахтык да олорор эрээбит, кыраттан да үөрэбит, дьоллонобут.

– Ол аата, кыраттан да үөрэн, маннык дьоллоох­тук олоруохха диэн үөрэтэр сыаллаах буоллаҕа.

– Холкутуйуу баар буолуох­таах. Биһиги, холобур, саха дьоно, айылҕаҕа таҕыстахпытына холкутуйабыт, ис испититтэн сынньанабыт, дуоһу­йууну ылабыт.

Киинэни устуу – чаһы үлэтин курдук

– Элбэх бэстибээллэргэ кытынныҥ. “Кэрэни көрбүт” “Зимний” диэн ааттаммыт Москваҕа ыытыллар улахан кэскиллээҕинэн ааҕыллар бэстибээл Гран-при наҕараадатын туппута, Чукоткаҕа ыытыллар «Золотой ворон» бэстибээлгэ анал бириис хаһаайына буол­бута. Аны Казахстаҥҥа эмиэ наҕараадаланныгыт. “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэҥ тоҕус наҕарааданы ылбыт эбит. Интэриниэккэ анаан-минээн көрдүм. Баҕар өссө элбэҕэ буолуо. Москватааҕы, Шанхай­дааҕы  бэстибээллэр… Бу ситиһиилэри барытын тэҥнээн көрдөххө, саха киинэтэ уратыта тугуй?

– Ыарахан соҕус ыйытыы. Бэстибээллэр тугу эрэ саҥаны көрдүүллэр. Мин киинэлэрбэр туох эрэ саҥа сүүрээни көрдөхтөрө дии саныыбын. Урукку өттүгэр наар санаа баттатыылаах, “хараҥа”  киинэлэри бэлиэтииллэрэ. Сыыйа онтон сылайыы да барбыт буолуон сөп. Биир бэстибээлгэ дьүүллүүр сүбэ бэрэстэбиитэлэ наҕараада туттара туран: “Көрүҥ атын режиссердар биир да маатырата, быдьар тыла суох киинэ усталлар. Онон итини көрөн үөрэниҥ”, – диэн этэн турардаах.

– Бэстибээллэргэ сы­рыт­таххытына кии­нэлэр­гитин дьон хайдах ылынарый?

– Сэҥээрэллэр уонна чугас­тык ылыналлар. Холобур, “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэни көрө олорон тэҥҥэ ытаһаллар, тэҥҥэ үөрэллэр.

– Киинэҕэ сүрүнэ сценарий дуу, устуута дуу? Биитэр киинэ дьоруойдара дуу?

– Барыта. Киинэни устар оҕо оонньуута буолбатах. Үгүс үлэттэн, сыраттан турар. Туох эрэ үлэлээбэтэ да, чаһы курдук тохтоон хаалыан сөп. Онон олус элбэх киһи биир механизм курдук үлэлиир.

Саха киинэтэ эмискэ ситиһиилэммэтэҕэ

– Хамаанданан үлэ буол­лаҕа. Ити “Кэрэни көрбүт” киинэҕэ Арассыыйа продюсердарын кытары үлэлэстигит, аны федеральнай үп-харчы көрүлүннэ. Урут уонча сыллааҕыта маннык киинэлэр улаханнык биһирэммэт этилэр дии. Биһиги киинэбит үрдүк таһымҥа тахсыытын төрдө-төбөтө туохха сытарый?

– Ити эмискэ тахсыбыт ситиһии буолбатах. Холобур, “Сахафильм” отут сылы быһа үлэлээтэ. Бу иннигэр өссө бастакы телевизионнай кии­­нэлэр, ол иһигэр  “Сэттээх сир”, “Сайылык” киинэлэр бааллара. Бу иннигэр эмиэ үгүс үлэ бардаҕа дии. Бастакы сценарист Лев Габышев “Тайна предков” киинэтин ылыахха. Отутус сылларга саха киһитэ бастакытын киинэҕэ уһуллан турар.  Устуоруйа бара турар. Ситим быстыбакка, сайдан, дьэ эмискэ саха киинэтэ таҕыста диир сыыһа. Үлэ тохтообокко уонунан сыллар тухары бара турар. Элбэхтик үлэлээтэхпитинэ эрэ сайдабыт.

Саамай кылаабынайа – көрөөччүлээхпит

– Ол аата, баазабыт баар. Айар-тутар кыахтаахпыт, уопуттаахпыт. Үбүлээһин баар. Атын эрэгийиэннэргэ биһиэхэ курдук өйөбүл баара дуу?

– Арассыыйа таһымыгар биһигини наар холобур оҥостоллор. СӨ бырабыыталыстыбатын таһымыгар өйөбүл баар.  Сокуон да ылыллан турар. Киинэ хампаанньалаахпыт. Саамай кылаабынайа – көрөөччүлээхпит. Атын эрэгийиэннэр ону кыайбакка сылдьаллар. Устубут киинэлэрин олохтоохтор көрбөттөр.

– Ааспыкка “Ведо­мости” хаһыакка саха киинэтин туһунан суруйбут этилэр. Холобур, “Кэрэни көрбүт” 2,5 мөлүйүөн,  “Эдэр саас” 1,5 мөлүйүөн солкуобайы Арассыыйа таһымыгар өлөрбүт диэн. Саха киинэтэ  саха көрөөччүтүгэр анаан оҥоһуллар буоллаҕа. Онтон Арассыыйаҕа тахсан, бэйэтин  көрөөччүтүн булуо дуо?

– Саха киинэтин көрбүт дьон соһуйар, сөбүлүүр,  ылынар. Киинэни көрөн баран, социальнай ситимнэринэн астыммыттарын, сөбүлээбиттэрин махтанан суруйаллар. Ол гынан баран, үчүгэй эрэ­кэлээмэ суох, тарҕатыы боппуруоһа ыарахаттардаах буолан, киинэ тыйаатырдарыгар аҕыйах киһи кэлэн  көрөр. Бу манна үлүгэрдээх элбэх үп-харчы наада. Онон ити боппуруоһу кыайбакка сылдьабыт. Ол да буоллар, саха киинэтин тап­тааччылар, сүгүрүйээччилэр баар буолан эрэллэр. “Саха киинэтэ хаачыстыбалаах” диэн этэллэрин үгүстүк истэбин.

– Оччоҕуна инникитин харчы өлөрөр кыах баар буоллаҕа. Саха киинэтин атын омуктар интэ­риэһиргиир буоллахтарына, менталитеппыт, олоххо көрүүбүт биир буоллаҕа.

– Оннук. Киһи аата – киһи, киинэ аата –  киинэ.

– Ити киинэлэр бары сахалыы тылынан бараллар дии?

– Бэстибээллэргэ наар титрдээх бараллар.

– Оттон улахан экраҥ­ҥа нууччалыы дуу?

– “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэни эрэ дубляжтаабыппыт. Ону сөбүлээбэтэх этилэр. “Кэрэни көрбүт” нууччалыы-сахалыы көстөр.

Саха остуоруйалара

– Ырааһы, сырдыгы тарҕатыы, дьоҥҥо үтүөнү эрэннэрии  тиэмэтин талбыккын мин биһириибин. Ол иһин да кыайыылаах тахсарыҥ буолуо дии саныыбын. Эн санааҕар, хайдах киинэни устабын дии саныыгын?

– Камчаткаттан “Якутские сказки” диэн кинигэни булан аҕалан аахпытым. Биһиги институппутун кытары үлэлэһэн, камчаткалар таһаарбыттар эбит. Былыргы остуору­йалары тылбаастаан бэчээттээбиттэр. Онно биир остуоруйа баар этэ. Биир киһи тугу да үлэлээбэккэ, наар аһыы-аһыы сытан тахсар эбит. Олоҕугар туохтан да астыммат, дуоһуйбат буолбут. Айыы таҥара уонна кыыллар биирдэ мустан мунньахтаабыттар, бу киһи сүрэҕэ суох, тугу да гыммат, онон кыһын, саас, сайын, күһүн  диэн дьыл кэмнэрэ баар буоллуннар диэбиттэр.  Дьэ бу кэнниттэн киһи сайыҥҥыттан кыһыҥҥа бэлэмнэнэн үлэ­лиир-хамныыр буолбут. Бу киһибит дьыл кэмнэриттэн астынар, дуоһуйар буолан киирэн барбыт. Кыраттан да үөрэр буолар. Онон, сахалар тыйыс айылҕалаах буоламмыт, кыраттан да үөрэр, дьоллонор дьоҕур­даахпыт. Бу остуоруйаны ааҕаммын бу тиэмэни өссө сэргээбитим, чугастык ылыммытым.

Идиэйэ соһуччу кэлээччи

– Сөпкө этэҕин. Олус бэр­кэ тайаммыккын. Инни­ки былаан­нарыҥ туһу­нан кэпсэттэххэ, бу хайысхаҕын салгыы туту­һар санаалааххын дуо?

– Көстөн иһиэҕэ. Би­лиҥҥитэ былаан суох. Ол гы­нан баран, үөһэттэн туох эмит көтөн түстэҕинэ, былаанна­ныллыа. Бастакы киинэм эмискэ, соһуччу киирбитэ. Иккиһим эмиэ оннук соһуччу уһуллубута. Эрдэттэн былааннаан, ааҕан-суоттаан устубаппын. Үөһэттэн идиэйэ кэллэҕинэ ылсан барабын.

– Бу киинэҕэр аан бастакытын федеральнай үбүлээһин көрүлүннэ быһыылаах. Аны Арас­сыыйа продюсердарын кытары бииргэ үлэлээтигит.

– “Сахафильм” РФ Култуу­ратын министиэристибэтин питчинигэр, ол эбэтэр киинэ бырайыактарын куонкуруһугар  аан бастаан кыайыыта буолар. Ол куонкурус түмүгүнэн үп-харчы көрүллүбүтэ. Аны суота-учуота эмиэ туспа ыарахаттардаах. Барытын очуот­туохпутун наада. Инньэ гынан уопуттаах Москва дьонун кытары үлэлэспиппит.

Бу иннинэ москвичтары кытары “Дьулуур” киинэни устубуттара.

– Киинэни устуу – бу хамаанда үлэтэ. Бэйэбит эрэ буолбакка, ол аата атыттары кытары үлэлэһэр таһымҥа таҕыс­тахпыт дии.

– Хамаандабытыгар барыта олохтоохтор этэ. Үп-харчы, отчуот чааһыгар Москва продюсера үлэлээбитэ уонна  Москватааҕы питчини ааһарга сценарий суруйуутугар Юлия Клименко көмөлөспүтэ. Маны таһынан, Иван Попов оруолугар литовец  оонньообута.

– Оччоҕуна бэйэбит оҥоһуубут буоллаҕа.

– Оннук. Ити литовец Болотников киинэтигэр оонньообут этэ. Кини тиксиһиннэрбитэ. Оруобуна Иван Поповка маарынныыр, илэ бэйэтинэн сылдьар курдуга.

Иван Попов хаартысканан уобарастара

– Киинэҕэ худуоһунньук хартыыналарын киллэртээн биэрбиккит дии. Ити анаан-минээн киллэриэххэ диэн киллэрбитиҥ дуо?

– Олус элбэх матырыйаал хасыһан үөрэппитим. Ону эмиэ туһаныахха наада этэ. Попов этнографическай хаартыскалара олох дьиҥнээх курдуктар. Холобур, ити симэх кэтэн турар кыыс үөрэн аҕай хаартыс­каҕа түспүт. Ол аата, дьадаҥы кыыс буолуо дии санаабытым. Кэрэтик таҥнан үөрбүт-көппүт. Оттон атын баай ыал кыргыттара кыыһыран турар курдук түспүттэр. Хаартыскалары көрө-көрө уобарастары айаҕын. Кумалаан барбыт дьахтар, сэрэбиэйдьит…

– Хайдах эрэ Иван Попов хаартыскалар иккистээн тыын ылбыт курдуктар.

— Кырдьык, сорукпут оннук этэ.

– Киинэ бүтүүтэ хаартыскалар көстөллөр. Бу киинэ былыр олоххо дьиҥнээхтик буолбуту көрдөрөр курдук, холобур, Ыстапааннаах Уйбаан хайдах айаннаан иһэллэрэ.

– Ити художественнай өйтөн булан көрдөрүү буолар. Ким даҕаны кинилэри батыһа сылдьан кэпсэппиттэрин  билбит суох. Фантазиялаан, сэрэ­йэн  көрүү. Баар уобарастары туттан бэйэбит эбэн-сабан оҥордохпут.

– Мин санаабар, дьиҥ­нээх уобарастар баар буоланнар, маннык дьиҥнээх киинэ буолбут.

– Доҕотторум этнографтар көрөн бараннар сэҥээрбиттэрэ. Ааспыт үйэ 20-с сылларыгар олох итинник этэ диэн бигэргэппиттэрэ. Туох да сыыһа булбатыбыт диэбиттэрэ.

– Люба, олус үчүгэйдик арыллан кэпсэттибит.  Саха киинэтэ салгыы сайда турдун. Эн көрөөч­чүлэрбитигэр, ааҕааччыларбытыгар туох диэн баҕа санааҕын тириэр­диэҥ этэй?

– Кыраттан да үөрүөххэ, холку буолуохха наада.  Билиҥҥи үйэҕэ тууйуллан баран  сылдьар табыллыбат, кэрэни кэрэхсээн, айылҕабытын харыстаан, сахалыы оло­руохха диибин.

Бэлэмнээтилэр Анивера Акимова, Чокуур Гаврильев

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: