Бу сыл саҕаланыыта Люба Борисова “Кэрэни көрбүт” киинэтэ Арассыыйа үрдүнэн киэҥ экраҥҥа тахсан, үгүс дьон биһирэбилин ылан, улахан бэстибээллэргэ ситиһиилэммитэ. “Сэмсэ санаа” биэриигэ суруналыыс Чокуур Гаврильев режиссер, сценарист Люба Борисованы кытары кэпсэттэ.
– Люба, эн киинэлэргин биһиги дьиэ кэргэнинэн сөбүлээн көрөбүт. Онон, эйигин кытары сэһэргэһиэхпин, биэриибэр ыалдьыттатыахпын баҕарбытым ыраатта. “Кэрэни көрбүт” киинэҥ киэҥ экраҥҥа тахсан, үгүс дьон биһирэбилин ылан, чахчы даҕаны кэрэни көрдүбүт диэн кэпсэтэллэрин элбэхтик иһиттим. Бу киинэни устаргар хайдах итинник табыллан уобарастары таллыҥ? Итиэннэ Уйбаан Попов курдук биллэр-көстөр киһи олоҕуттан, аҥаардас биир сайынын эрэ талан ыллыҥ?
– Уонча сыллааҕыта идиэйэтин интэриниэккэ аахпытым. Устуорук Александр Дьяконов социальнай ситимҥэ “Летаргический сон якутского косаря” диэн элбэх интэриэһинэй хаартыскалардаах пост таһаарбыт этэ. Ол курдук, худуоһунньук Иван Попов анаан-минээн кыһыннары-сайыннары сырса сылдьан хаартыскаҕа түһэрэр киһитэ – Ыстапаан Бөрөсүөкэп өлөн баран тиллибитин туһунан суруйууну уонна хаартыскалары көрөн олус сэҥээрбитим. Ыстапаан Бөрөсүөкэп дьикти ыарыылаах эбит. Уҥан “летаргическай утуйуу” туругар киирэр, өлбүт киһи курдук буолар. Ол суруйууга “аныгыскыга “өллөхпүнэ” Уйбаана суох миигин көмүмэҥ диэн көрдөспүтүн” туһунан тэттик тиэкиһи өйдөөн хаалбытым. Оччолорго киинэ устубат да буолларбын, ити аахпыт түгэммин өр сылларга өйдүү-саныы сылдьыбытым.
Кэлин, бастакы киинэм устуута бүтэн эрдэҕинэ, Прокопий Ноговицын Нөмүгүгэ кэлэн киинэҕин оҕолорго көрдөр диэн биирдэ ыҥырбыта. Киинэ уһуллан бүппүтүн кэннэ, Нөмүгүгэ тахсыбыппыт. Онно хаартыскаҕа түһүү кэмигэр Прокопий Романович биир киһини аҕалан билиһиннэрбитэ уонна киинэҕэ уһуллуон сөптөөх дьоруой диэбитэ. Арай көрбүтүм, оруобуна били урут хаартыскаҕа көрбүт Бөрөсүөкэпкэ үүт-үкчү маарынныыр киһи эбит. Дьэ тута били уонча сыллааҕыта интэриниэккэ аахпыт устуоруйабын саныы биэрэн, куоракка төттөрү айаннаан истэхпинэ, харахпар киинэ каадырдара көстөн киирэн барбыттара.
Салгыы худуоһунньук Уйбаан Попов туһунан литератураны хасыһан үөрэтэн барбытым. Элбэх консультаннар көстөннөр, үгүс иһитиннэриини хомуйан баран, сценарий суруйбутум. Онтум хайдах эрэ табыллыбатах этэ, эбиитин уһун-киэҥ кэми – өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи-кэннинээҕи сыллары барытын хабан, киинэм бэрт үчүгэйдик саҕаланан иһэн, түмүгэ трагедия буолан хаалбыта. Сценарийбын сөбүлээбэтэҕим, хайдах эрэ устуоруйаҕа аһара баттатыы курдуга.
– Билбиккин-көрбүккүн барытын сценарийга киллэрэ сатаатаҕыҥ буолуо…
– Оннук. Ити “Холодное золото” киинэ бастакы сценарийа эмиэ итиннигэ. Нууччалыы эттэххэ, “историческай фактарга” баттатыы этэ. Бастакы сценарийбын “Сахафильм” урукку дириэктэрэ Дмитрий Шадриҥҥа биэрбиппин, тута Москваҕа ыытан кэбиспитэ. Сотору кэминэн Москвалары кытары киинэни устар буоллубут, сопродюсер сибээскэ тахсыаҕа диэбитэ. Москваттан Иван Болотников диэн киһи эрийэн, “Не хороните меня без Ивана” диэн аатын уонна “кэрэни көрөн өлөр” диэн идиэйэни сөбүлээбитин биллэрбитэ уонна атынын барытын уларытарга сүбэлээбитэ. Инньэ гынан үлэм итинник саҕаланан, киинэбитигэр Москва сопродюсера үлэлэспитэ.
– Киинэҕэ саха итэҕэлэ, үс кут тиэмэтэ күүскэ арыйыллыбыт…
– “Летаргический сон” диэн өйдөбүлү сахалыы быһааран көрдөрүөхпүн баҕарбытым. Биир түгэни кэпсиэм. Казахстаҥҥа бэстибээлгэ кытта сырыттахпытына биир кыыс наар биһигини батыһа сырытта. Киниэхэ “трепанация черепа” оҥорбуттар эбит. Ол кэнниттэн муусука эҥин иһиллэр буолан хаалбытын, хайдах эрэ ити Бэрэсиэкэп курдук турукка киирбитин туһунан кэпсээбитэ. Кырдьык, итинник олоххо баар эбит диэбитэ.
– Киинэҕэ Бөрөсүөкэби кытары Попов араас сиринэн айанныы сылдьан, хаартыскаҕа дьону түһэрэллэр, онно олохтоохтор туох-баар мааны таҥастарын кэтэллэр, иһиттэрин-хомуостарын, туттар малларын, баайдарын-дуолларын аҕалан көрдөрөллөр. Кырдьык итинник буолуо дуо? Ол аата саха киһитэ былыргыттан сырдыкка, кэрэҕэ талаһар, тардыһар буоллаҕа.
— Мээнэ таһырдьа сылдьар киһини хаартыскаҕа түһэрбэтэхтэрэ чахчы. Таҥнан-симэнэн, киэргэнэн, анаан-минээн түспүттэрин ити урукку хаартыскалар көрдөрөллөр. Аны Уйбаан Баһылайабыс биллэр киһи буолан, ыҥырыкка сылдьар эбит.
– Эн бэйэҥ бу киинэҕин аҕыйах тылынан сүрүн ис хоһоонун хайдах этиэҥ этэй? Бу киинэ туохха үөрэтэрий?
– Үгүс бэстибээллэргэ сылдьан көрдөххө, биһиги киинэбит чыҥха атын. Холобур, арҕааҥҥы дойдулар бэстибээллэригэр сылдьан көрдөххө, кинилэр киинэлэрэ санаа түһүүлээх, туох эрэ кыһалҕаны көрдөрөр. Чопчу туохтан санаалара-оноолоро түһэрэ, туохтан ытыыллара-соҥууллара биллибэт курдук. Дьиҥэр, биһигиннээҕэр олох үчүгэйдик олорор буоллахтара.
Лаптевтар муораларыгар устубут “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэбитигэр быраҕыллыбыт кэриэтэ үүтээҥҥэ олорор дьон балык тутан баран үөрүү-көтүү, дьол бөҕө буолаллар. Онтон ити атын дойдулары кытары тэҥнээтэххэ, биһиги арыый хаалыылаахтык да олорор эрээбит, кыраттан да үөрэбит, дьоллонобут.
– Ол аата, кыраттан да үөрэн, маннык дьоллоохтук олоруохха диэн үөрэтэр сыаллаах буоллаҕа.
– Холкутуйуу баар буолуохтаах. Биһиги, холобур, саха дьоно, айылҕаҕа таҕыстахпытына холкутуйабыт, ис испититтэн сынньанабыт, дуоһуйууну ылабыт.
– Элбэх бэстибээллэргэ кытынныҥ. “Кэрэни көрбүт” “Зимний” диэн ааттаммыт Москваҕа ыытыллар улахан кэскиллээҕинэн ааҕыллар бэстибээл Гран-при наҕараадатын туппута, Чукоткаҕа ыытыллар «Золотой ворон» бэстибээлгэ анал бириис хаһаайына буолбута. Аны Казахстаҥҥа эмиэ наҕараадаланныгыт. “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэҥ тоҕус наҕарааданы ылбыт эбит. Интэриниэккэ анаан-минээн көрдүм. Баҕар өссө элбэҕэ буолуо. Москватааҕы, Шанхайдааҕы бэстибээллэр… Бу ситиһиилэри барытын тэҥнээн көрдөххө, саха киинэтэ уратыта тугуй?
– Ыарахан соҕус ыйытыы. Бэстибээллэр тугу эрэ саҥаны көрдүүллэр. Мин киинэлэрбэр туох эрэ саҥа сүүрээни көрдөхтөрө дии саныыбын. Урукку өттүгэр наар санаа баттатыылаах, “хараҥа” киинэлэри бэлиэтииллэрэ. Сыыйа онтон сылайыы да барбыт буолуон сөп. Биир бэстибээлгэ дьүүллүүр сүбэ бэрэстэбиитэлэ наҕараада туттара туран: “Көрүҥ атын режиссердар биир да маатырата, быдьар тыла суох киинэ усталлар. Онон итини көрөн үөрэниҥ”, – диэн этэн турардаах.
– Бэстибээллэргэ сырыттаххытына киинэлэргитин дьон хайдах ылынарый?
– Сэҥээрэллэр уонна чугастык ылыналлар. Холобур, “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэни көрө олорон тэҥҥэ ытаһаллар, тэҥҥэ үөрэллэр.
– Киинэҕэ сүрүнэ сценарий дуу, устуута дуу? Биитэр киинэ дьоруойдара дуу?
– Барыта. Киинэни устар оҕо оонньуута буолбатах. Үгүс үлэттэн, сыраттан турар. Туох эрэ үлэлээбэтэ да, чаһы курдук тохтоон хаалыан сөп. Онон олус элбэх киһи биир механизм курдук үлэлиир.
– Хамаанданан үлэ буоллаҕа. Ити “Кэрэни көрбүт” киинэҕэ Арассыыйа продюсердарын кытары үлэлэстигит, аны федеральнай үп-харчы көрүлүннэ. Урут уонча сыллааҕыта маннык киинэлэр улаханнык биһирэммэт этилэр дии. Биһиги киинэбит үрдүк таһымҥа тахсыытын төрдө-төбөтө туохха сытарый?
– Ити эмискэ тахсыбыт ситиһии буолбатах. Холобур, “Сахафильм” отут сылы быһа үлэлээтэ. Бу иннигэр өссө бастакы телевизионнай киинэлэр, ол иһигэр “Сэттээх сир”, “Сайылык” киинэлэр бааллара. Бу иннигэр эмиэ үгүс үлэ бардаҕа дии. Бастакы сценарист Лев Габышев “Тайна предков” киинэтин ылыахха. Отутус сылларга саха киһитэ бастакытын киинэҕэ уһуллан турар. Устуоруйа бара турар. Ситим быстыбакка, сайдан, дьэ эмискэ саха киинэтэ таҕыста диир сыыһа. Үлэ тохтообокко уонунан сыллар тухары бара турар. Элбэхтик үлэлээтэхпитинэ эрэ сайдабыт.
– Ол аата, баазабыт баар. Айар-тутар кыахтаахпыт, уопуттаахпыт. Үбүлээһин баар. Атын эрэгийиэннэргэ биһиэхэ курдук өйөбүл баара дуу?
– Арассыыйа таһымыгар биһигини наар холобур оҥостоллор. СӨ бырабыыталыстыбатын таһымыгар өйөбүл баар. Сокуон да ылыллан турар. Киинэ хампаанньалаахпыт. Саамай кылаабынайа – көрөөччүлээхпит. Атын эрэгийиэннэр ону кыайбакка сылдьаллар. Устубут киинэлэрин олохтоохтор көрбөттөр.
– Ааспыкка “Ведомости” хаһыакка саха киинэтин туһунан суруйбут этилэр. Холобур, “Кэрэни көрбүт” 2,5 мөлүйүөн, “Эдэр саас” 1,5 мөлүйүөн солкуобайы Арассыыйа таһымыгар өлөрбүт диэн. Саха киинэтэ саха көрөөччүтүгэр анаан оҥоһуллар буоллаҕа. Онтон Арассыыйаҕа тахсан, бэйэтин көрөөччүтүн булуо дуо?
– Саха киинэтин көрбүт дьон соһуйар, сөбүлүүр, ылынар. Киинэни көрөн баран, социальнай ситимнэринэн астыммыттарын, сөбүлээбиттэрин махтанан суруйаллар. Ол гынан баран, үчүгэй эрэкэлээмэ суох, тарҕатыы боппуруоһа ыарахаттардаах буолан, киинэ тыйаатырдарыгар аҕыйах киһи кэлэн көрөр. Бу манна үлүгэрдээх элбэх үп-харчы наада. Онон ити боппуруоһу кыайбакка сылдьабыт. Ол да буоллар, саха киинэтин таптааччылар, сүгүрүйээччилэр баар буолан эрэллэр. “Саха киинэтэ хаачыстыбалаах” диэн этэллэрин үгүстүк истэбин.
– Оччоҕуна инникитин харчы өлөрөр кыах баар буоллаҕа. Саха киинэтин атын омуктар интэриэһиргиир буоллахтарына, менталитеппыт, олоххо көрүүбүт биир буоллаҕа.
– Оннук. Киһи аата – киһи, киинэ аата – киинэ.
– Ити киинэлэр бары сахалыы тылынан бараллар дии?
– Бэстибээллэргэ наар титрдээх бараллар.
– Оттон улахан экраҥҥа нууччалыы дуу?
– “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэни эрэ дубляжтаабыппыт. Ону сөбүлээбэтэх этилэр. “Кэрэни көрбүт” нууччалыы-сахалыы көстөр.
– Ырааһы, сырдыгы тарҕатыы, дьоҥҥо үтүөнү эрэннэрии тиэмэтин талбыккын мин биһириибин. Ол иһин да кыайыылаах тахсарыҥ буолуо дии саныыбын. Эн санааҕар, хайдах киинэни устабын дии саныыгын?
– Камчаткаттан “Якутские сказки” диэн кинигэни булан аҕалан аахпытым. Биһиги институппутун кытары үлэлэһэн, камчаткалар таһаарбыттар эбит. Былыргы остуоруйалары тылбаастаан бэчээттээбиттэр. Онно биир остуоруйа баар этэ. Биир киһи тугу да үлэлээбэккэ, наар аһыы-аһыы сытан тахсар эбит. Олоҕугар туохтан да астыммат, дуоһуйбат буолбут. Айыы таҥара уонна кыыллар биирдэ мустан мунньахтаабыттар, бу киһи сүрэҕэ суох, тугу да гыммат, онон кыһын, саас, сайын, күһүн диэн дьыл кэмнэрэ баар буоллуннар диэбиттэр. Дьэ бу кэнниттэн киһи сайыҥҥыттан кыһыҥҥа бэлэмнэнэн үлэлиир-хамныыр буолбут. Бу киһибит дьыл кэмнэриттэн астынар, дуоһуйар буолан киирэн барбыт. Кыраттан да үөрэр буолар. Онон, сахалар тыйыс айылҕалаах буоламмыт, кыраттан да үөрэр, дьоллонор дьоҕурдаахпыт. Бу остуоруйаны ааҕаммын бу тиэмэни өссө сэргээбитим, чугастык ылыммытым.
– Сөпкө этэҕин. Олус бэркэ тайаммыккын. Инники былааннарыҥ туһунан кэпсэттэххэ, бу хайысхаҕын салгыы тутуһар санаалааххын дуо?
– Көстөн иһиэҕэ. Билиҥҥитэ былаан суох. Ол гынан баран, үөһэттэн туох эмит көтөн түстэҕинэ, былааннаныллыа. Бастакы киинэм эмискэ, соһуччу киирбитэ. Иккиһим эмиэ оннук соһуччу уһуллубута. Эрдэттэн былааннаан, ааҕан-суоттаан устубаппын. Үөһэттэн идиэйэ кэллэҕинэ ылсан барабын.
– Бу киинэҕэр аан бастакытын федеральнай үбүлээһин көрүлүннэ быһыылаах. Аны Арассыыйа продюсердарын кытары бииргэ үлэлээтигит.
– “Сахафильм” РФ Култууратын министиэристибэтин питчинигэр, ол эбэтэр киинэ бырайыактарын куонкуруһугар аан бастаан кыайыыта буолар. Ол куонкурус түмүгүнэн үп-харчы көрүллүбүтэ. Аны суота-учуота эмиэ туспа ыарахаттардаах. Барытын очуоттуохпутун наада. Инньэ гынан уопуттаах Москва дьонун кытары үлэлэспиппит.
Бу иннинэ москвичтары кытары “Дьулуур” киинэни устубуттара.
– Киинэни устуу – бу хамаанда үлэтэ. Бэйэбит эрэ буолбакка, ол аата атыттары кытары үлэлэһэр таһымҥа таҕыстахпыт дии.
– Хамаандабытыгар барыта олохтоохтор этэ. Үп-харчы, отчуот чааһыгар Москва продюсера үлэлээбитэ уонна Москватааҕы питчини ааһарга сценарий суруйуутугар Юлия Клименко көмөлөспүтэ. Маны таһынан, Иван Попов оруолугар литовец оонньообута.
– Оччоҕуна бэйэбит оҥоһуубут буоллаҕа.
– Оннук. Ити литовец Болотников киинэтигэр оонньообут этэ. Кини тиксиһиннэрбитэ. Оруобуна Иван Поповка маарынныыр, илэ бэйэтинэн сылдьар курдуга.
– Киинэҕэ худуоһунньук хартыыналарын киллэртээн биэрбиккит дии. Ити анаан-минээн киллэриэххэ диэн киллэрбитиҥ дуо?
– Олус элбэх матырыйаал хасыһан үөрэппитим. Ону эмиэ туһаныахха наада этэ. Попов этнографическай хаартыскалара олох дьиҥнээх курдуктар. Холобур, ити симэх кэтэн турар кыыс үөрэн аҕай хаартыскаҕа түспүт. Ол аата, дьадаҥы кыыс буолуо дии санаабытым. Кэрэтик таҥнан үөрбүт-көппүт. Оттон атын баай ыал кыргыттара кыыһыран турар курдук түспүттэр. Хаартыскалары көрө-көрө уобарастары айаҕын. Кумалаан барбыт дьахтар, сэрэбиэйдьит…
– Хайдах эрэ Иван Попов хаартыскалар иккистээн тыын ылбыт курдуктар.
— Кырдьык, сорукпут оннук этэ.
– Киинэ бүтүүтэ хаартыскалар көстөллөр. Бу киинэ былыр олоххо дьиҥнээхтик буолбуту көрдөрөр курдук, холобур, Ыстапааннаах Уйбаан хайдах айаннаан иһэллэрэ.
– Ити художественнай өйтөн булан көрдөрүү буолар. Ким даҕаны кинилэри батыһа сылдьан кэпсэппиттэрин билбит суох. Фантазиялаан, сэрэйэн көрүү. Баар уобарастары туттан бэйэбит эбэн-сабан оҥордохпут.
– Мин санаабар, дьиҥнээх уобарастар баар буоланнар, маннык дьиҥнээх киинэ буолбут.
– Доҕотторум этнографтар көрөн бараннар сэҥээрбиттэрэ. Ааспыт үйэ 20-с сылларыгар олох итинник этэ диэн бигэргэппиттэрэ. Туох да сыыһа булбатыбыт диэбиттэрэ.
– Люба, олус үчүгэйдик арыллан кэпсэттибит. Саха киинэтэ салгыы сайда турдун. Эн көрөөччүлэрбитигэр, ааҕааччыларбытыгар туох диэн баҕа санааҕын тириэрдиэҥ этэй?
– Кыраттан да үөрүөххэ, холку буолуохха наада. Билиҥҥи үйэҕэ тууйуллан баран сылдьар табыллыбат, кэрэни кэрэхсээн, айылҕабытын харыстаан, сахалыы олоруохха диибин.
Бэлэмнээтилэр Анивера Акимова, Чокуур Гаврильев
Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…
Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…
СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…