Oҕо 3-4 сааһыгар лиичинэс быһыытынан сайдыытын олуга (фундамена) үөскүүр. Оҕо мин уонна тулалыыр эйгэ диэн араара үөрэнэр. 7 сааһыгар диэри “үчүгэй-куһаҕан”, “маннык табыллар-табыллыбат” диэн бэйэтин хонтуруоллана үөрэнэр.
Оҕо уйулҕатын сайдыытын кириисис-кэрчиктэргэ араараллар:
Кэһиллии сибикилэрэ саастарынан араастаһар. Холобур, кыра оҕолор төрүөтэ суох хаппырыыстыахтарын, утуйар уулара алдьаныан, аһыыр баҕалара уостуон сөп. “Көстүбэт эттиги көрдүм” эбэтэр “дьон саҥатын иһиттим” диэн кэпсиэн сөп. Туохтан эрэ куттанар курдук саһыан, эмискэ ытаан уһуктуон, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа барбаппын диэн сууланан кэбиһиэн, куруук настарыанньата түһэ сылдьыан сөп. Урут кэрэхсэтэр дьарыга, хоббита интэриэһиргэппэт буолуон, оҕолортон туспа тутта сылдьыан сөп. Обургу оҕолор үөрэхтэригэр кыһаллыбат, доҕотторун кытары алтыспат, ханна да сылдьыбат, туох даҕаны интэриэһиргэппэт, бардам, күүскэ кыыһырар-ыгылыйар, бытаааннык толкуйдуур, болҕомтото суох, ыһыллаҕас эбэтэр олорон турбат, тугу даҕаны гыныахтарын булбат, солуута суох хамсанар, киһи тылын истибэт, бэйэлэрин көрүммэт, эбэтэр, төттөрүтүн, наар биири кыһаллан кичэйэн туран оҥорор буолуохтарын сөп. Оҕо эрдэ бэйэтигэр тиийинэ сатаабыт буоллаҕына, илиитигэр чэрдээх буолуон сөп. Киһи өйдөөбөт тылларын туттуон, соҕотох эрэ хаалыан баҕарар буолан хаалыан сөп эбэтэр, төттөрүтүн, куһаҕаны оҥорон, дьон болҕомтотун тардыан сөп. Оннук сылдьан куһаҕан дьаллыкка түргэнник ылларар. Оҕо куһаҕан дьаллыкка ылларбатын туһугар кинини кытары элбэхтик кэпсэтиллиэхтээх. Бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйии, эрэнии сыһыанын олохтонуллуохтаах. Ол инниттэн оҕону кытары аһаҕас буолуохха, бэйэ холобуругар олоҕуран кэпсэтиини ыытыахха наада. Оҕоҕо бэйэ тылынан куһаҕан дьаллык буортутун өйдөнөр курдук кэпсэниллэр. Ол инниттэн төрөппүт куһаҕан дьаллык буортутун туһунан ааҕан-истэн билиэхтээх. Төрөппүт бэйэтинэн оҕоҕо холобур буолуохтаах. Оҕону бииргэ элбэхтик илдьэ сылдьан аралдьытыллыахтаах, успуорт саалаларыгар, көхтөөх сынньалаҥҥа угуйуллуохтаах.
Оҕо кимниин бодоруһарын, доҕордоһорун төрөппүт хонтуруоллуу сылдьыахтаах. Төрөппүт бэйэтэ чөл олоҕу тутуһан, успуордунан дьарыктанан, уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан, холобур буолуохтаах. Төрөппүт бэйэтэ кыайан кэпсэтэр бэлэмэ уонна кыаҕа суох буоллаҕына, психологтарга, анал быраастарга сэрэтии хабааннаах кэпсэтиилэргэ сырытыннарыахтаах, оҕо сылдьар тэрилтэтин кытары ыкса сибээһи тута сылдьыахтаах. Оҕо хаһан эрэ куһаҕан дьаллыгы боруобалаабытын эбэтэр туттарын туһунан билиннэҕинэ, мөҕөн-этэн барбакка, үчүгэйдик толкуйдаан, дьиэ-кэргэнинэн биир быһаарыныыга кэлиэхтээххит уонна ол кыһалҕаттан тахсарга оҕону бэйэтин кытары сүбэлэһиэхтээххит, куруук бииргэ буолан сүбэлии, кэтээн көрө сылдьыахтааххыт.
Чэгиэн, чөл туруктаах буолун!
Люция МАТЧИТОВА, Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна
ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин
оҕо психиатр-бырааһа
Саха сирин синоптиктара ахсынньы 28 күнүгэр кыралаан хаар түһэрин, хотугулуу-илин оройуоннарынан -50°С кыраадыска диэри тымныйарын…
ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…
Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…
Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…
"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…
Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…