Люлия Григорьева: «Ыччаттарбытын пат­риоттуу тыыҥҥа иитиэхтээхпит»

Share

Ытык сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Сэрии, үлэ, Сэбилэниилээх күүстэр уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэтэрээннэрин уоп­састыбаннай тэриллиилэрин чилиэнэ Люлия Григорьева бүгүҥҥү бырааһынньык суолтатын туһунан санаатын үллэстэр:

– Бастатан туран, дойдубут – Арассыыйа күнүнэн Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлиибин. Саамай күндү дойдубут Модун Арассыыйа буоллаҕа. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Арассыыйаны кытары эҥэрдэһэн сайдар кэскиллээх. Онон биһиги кэннибитигэр ким, хайдах киһини хаалларарбыт улахан суолталаах. Онуоха маннык бырааһынньыктар, оҕоҕо патриотическай тыыны иҥэрэргэ наадалар.

Билигин буола турар байыаннай дьайыылар, тас дойдулар сааҥсыйаларын кэмигэр ыччаттарбытын пат­риоттуу тыыҥҥа иитиэхтээхпит. Манна “Эркээйи эр­­гиирэ” бырагыраама оҕону, ыччаты дойдутун таптыырга, бэриниилээх, патриот буоларга иитиигэ төһүү буолуохтаах дии саныыбын. Билигин биһиги эдэр көлүөнэни сөптөөхтүк иитэргэ үлэбит өссө күүһүрүөхтээх. Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын быстыспат сорҕото буоларынан, дойдубут үүнэ-сайда турарыгар үлэлиэхтээхпит-хамсыахтаахпыт.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

“Мөҥүрүөн” түмсүү 25 сыллаах үбүлүөйүн дьоро киэһэтэ

Дьоллоох Дьокуускай куораттан ахсынньы аан туманын хайа тыыран, ахсым-дохсун тимир көлөлөр мөҥүрүөннэр түөлбэлээн олорор Матта…

25 минут ago
  • Сонуннар

Дьокутаат оруола хаһааҥҥытааҕар да улааппыт

Дьокуускайга муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын үһүс сийиэһэ буола турар. “Муниципалитеты 2.0: ИИ как драйвер…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Юрист сүбэтэ: Икки үлэҕэ тэҥинэн үлэлээтэххэ, уоппусканы хайдах биэрэллэрий?

СӨ Идэлээх сойуустарын үлэ быраабыгар иниспиэксийэтин салайааччы, СӨ үтүөлээх юриһа Наталья Ивановна Барковская ыйытыыга эппиэттиир.  …

54 минуты ago
  • Сонуннар

Бырааһынньык кэмигэр баһаартан сэрэхтээх буолуохха

Бүгүн, ахсынньы 17 күнүгэр, Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан куттал суох буолуутун…

1 час ago
  • Сонуннар

“Уопсастыбаннай үлэ муниципалитекка сыһыарыллар, оттон онно үп-харчы көстөрө кытаанах”

Дьокутааттар олоххо көхтөөх позициялаах, кими баҕарар кытта уопсай тылы булар, сэргэх дьоннор. Онон олорор нэһилиэктэрин,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: -51 кыраадыс тымныыга лыах тилиннэ

Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кыс ортото, Саҥа дьылы көрсө лыах тиллибит диэни истээт, хаһаайка…

1 час ago