М.Е.Николаев биир дойдулаахтарыгар махтала, ыллыктаах этиитэ
Күндү биир дойдулаахтарым! Ытыктабыллаах өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо – улуус уонна куорат салайааччылара, судаарыстыбаннай былаас уонна тэрилтэлэр үлэһиттэрэ, сэлиэнньэлэр уонна куораттар олохтоохторо, урбаанньыттар уонна бизнесменнэр, устудьуоннар уонна үөрэнээччилэр.
85 саастаах үбүлүөйбүнэн үтүө баҕа санааларгыт уонна үөрүүнү бэлэхтээбиккит, хас биирдиигитигэр улахан болҕомтоҕутун иһин бүгүн махталбын биллэрэбин! Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан сүүһүнэн эҕэрдэни туттум. Үбүлүөйүм күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ доруобуйаҕа харыстабылын инники күөҥҥэ турар тэрилтэтигэр — Мэдиссиинэ национальнай киинигэр мин аатым иҥэриллэрин туһунан ыйаахха илии баттаата уонна сэтинньи 13 күнэ Инновация күнүнэн биллэрилиннэ. Маны ытыктабыл улахан бэлиэтин, эһигини кытта бииргэ үлэлээбит үрдүк сыанабылым быһыытынан ылынабын.
Эһигинэн – Саха сирин тыйыс уонна модун күүһүн иҥэринэ сылдьар, төрөөбүт дойдуларыгар уонна олохторугар талбыт суолларыгар бэриниилээх норуоппунан киэн туттабын. Эһиги миэхэ өрүү итэҕэлгит уонна өйөбүлгүт иһин муҥура суох махтанабын. Олох инники күөнүгэр эһигини кытта бииргэ буолбуппар дьылҕабар махтанабын. Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэм ис уонна тас сайдыытын саҥардар, бөҕөргөтөр дьыалаҕа эһигини кытта кылааппын киллэрсибиппиттэн үөрэбин.
Күндү биир дойдулаахтарым! Түгэнинэн туһанан болҕомтоҕутун, мин санаабар, суолталаах, уопсастыба модьуйан ирдиир диэбит кэккэ түгэннэргэ хатыахпын баҕарабын. Дьиэ кэргэн – киһи олоҕун сүрүн тутула, оттон уустук килиимэттээх усулуобуйаҕа олорор саха норуотугар дьиэ кэргэҥҥэ уонна тус бэйэҕэ эппиэтинэс үрдүк ирдэбил удьуорунан бэриллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэни уонна оҕо аймаҕы өйүүр аныгы уонна сөптөөх миэрэлэр ылыллыбыттара, маны нэһилиэнньэ эбиллиитэ бигэргэтэр. Учуонайдар сабаҕалыылларынан, олоҕурбут тэтими тутустахха, 2070 сылга саха норуотун ахсаана 1 мөлүйүөҥҥэ тиийиэн сөп.
Бу сыалы ситиһэр туһугар биһиги аһылыктан быһаччы сибээстээх дьон доруобуйатын тупсарарабыт ирдэнэр. Онон өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, бүтүн Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ хаһаайыстыбаны уонна аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга сылгыны сайыннарыы көмө буолуон сөп. Экологическай өттүнэн үрдүк хаачыстыбалаах ыраас бородууктаны оҥорон таһаарыы ирдэниэҕэ, маныаха Уһук Илин сиригэр сылгы ахсаанын мөлүйүөҥҥэ тиэрдиэхтээхпит. Дьон олох хаачыстыбатыгар сыһыана уларыйар, аан дойдуга барытыгар доруобай аһылык сыаналанар буолла. Биһиги киэҥ нэлэмэн сирбитигэр хас биирдии дьиэ кэргэн уһаайба иһинээҕи хаһайыстыбанан дьарыктанар кыаҕа итиэннэ сүөһүнү иитиигэ түргэнник ситэр салааны сайыннарыы уопута баар. Маныаха чугастааҕы икки-үс сылга нэһилиэнньэни биир мөлүйүөн кууруссанан, хааһынан, куһунан, индейканан, сибиинньэ оҕотунан хааччыйар ирдэнэр.
Итиэннэ хас биирдии олохтоох киллэринэр дохуота өрөспүүбүлүкэҕэ быһыллыбыт үлэ төлөбүрүн аччыгый кээмэйиттэн икки бүк буоларын туһугар, чугастааҕы икки-үс сылга хас биирдии сэлиэнньэ олохтооҕо орто таһымҥа («села среднего достатка») тиийэрин ситиһиэхтээхпит. Бу боппуруостарга “суол каартатын” оҥорор уонна Бырабыыталыстыбаҕа, Ил Түмэҥҥэ бигэргэтэрбит, бу бырагырааманы салгыы күннэтэ уонна чопчу олоххо киллэрэрбит ирдэнэр.
Күндү биир дойдулаахтарым, күннээҕи олохпутуттан санаабын үллэстэ таарыйа бигэ доруобуйаны, ханнык да түгэҥҥэ кытаанах санааны, инникигэ эрэли, үтүө дьыалаларгытыгар уонна саҕалааһыҥҥытыгар ситиһиини баҕарабын!
СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: