М.З.Мартынов — Бөөдөс уолун «Уол Дуолан Бухатыыр» олоҥхотун кутаналар киэн тутта көрдүбүт

Share

«Уол Дуолан бухатыыр» олоҥхо ааптара Митрофан Захарович Мартынов-Бөөдөс уола Кутанаттан төрүттээх олоҥхоһут. Митрофан Мартынов Сунтаар улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр 1895 сыллаахха күн сирин көрбүт.

Урукку киһи сиэринэн үөрэҕэ суох. Бэйэтэ аҕыйах саҥалаах, бэрт сэмэй киһи эбит. 15 сааһыттан олоҥхолуур буолбут. Митрофан Захарович бэйэтэ билиммитинэн үс олоҥхону («Оҕо Дуолан», «Оҕо Сиэрсин», «Кыыдаан бухатыыр») таптаан толорор эбит. Эдэр эрдэҕинэ алта-сэттэ күн устата олоҥхолуура. Ону таһынан кини булчут бэрдэ. Ыйы-ыйдаан Намана, Ботомоойу, Моркуоку, Ыгыатта, Нотуора үрэхтэри батан бултуура. 1938 сыллаахха аатырбыт фольклорист Андрей Андреевич Саввин Сунтаарга кэлэ сылдьан, Митрофан Мартынов «Оҕо Дуолан» олоҥхотун хас да күн устата илиитинэн суруйбут. Олоҥхо 4350 устуруокалаах. Онто 2010 сылга туспа кинигэ буолан тахсыбыт.

Бу олоҥхону биһиги дьиэ кэргэнинэн бу сыл тохсунньу 18 күнүгэр Сунтаарга киирэн көрбүппүт. 2 чааһы быһа олус үчүгэйдик олоҥхону биир тыынынан астына, дуоһуйа көрдүбүт. Үс саастаах уолум, аҕыс саастаах кыыһым олус интэриэһиргээн көрдүлэр. Саала иһэ толору оҕо этэ. Ол эрэн, оҕо баар, оҕолоох сылдьар курдук санамматым, биир да оҕо, хаппырыыһырбакка чуумпутук, сөбүлээн көрдүлэр. Олоҥхо сценарийын биир дойдулаахпыт, ытыктыыр, убаастыыр киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Алексей Елисеевич Кулаковскай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Зоя Гаврильевна Попова суруйбут диэни киэн туттабыт. Ол иһин олоҥхону икки бүк долгуйа көрдүбүт.

Зоя Гаврильевна 1948 сыллаахха балаҕан ыйын 8 күнүгэр Сунтаар оройуонугар Кутана сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1993 сыллаахха Зоя Гаврильевна Ньурбаҕа оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан “Олоҥхо” норуодунай тыйаатырын тэрийбитэ. Олоҥхо тыйаатырыгар Зоя Гаврильевна инсценировкаларынан Иннокентий Теплоухов-Тимофеев “Кулун Куллустуур”, Прокопий Ядрихинскай “Дьырыбына Дьырылыатта”, Николай Степанов-Ноорой “Күн Эрили” олоҥхолоро, “Бэйбэрикээн эмээхсин” испэктээктэр ситиһиилээхтик турбуттара. 2014 сыллаахтан Олоҥхо ыһыахтарын аһыллыытын уонна түмүктүүр түһүмэҕин сценарийдарын суруйсубута. Зоя Гаврильевна саха киинэтигэр элбэх оруоллардаах. Олортон саамай чаҕылхайдара 2018 сыллаахха “Тойон Кыыл” Василий Яковлев суруйбут сэһэнинэн, драматург Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр сценарийынан, режиссер Эдуард Новиков киинэтэ буолар. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар Ньурба улууһугар сахалыы тыыннаах “Туругуруу ыһыахтарын” сценарийдарын суруйан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылар. 2000 сылтан Зоя Гаврильевна Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын уонна Олоҥхо тыйаатырын артыыһа. Бу киинэ Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ 40-с бэстибээлин (ММКФ) “Кыһыл көмүс Сибэтиэй Георгий” наҕараадатын ылбыта, Гран-при буолбута. Зоя Гаврильевна тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, маны сэргэ хоһоонньут уонна тылбаасчыт. Үтүөкэн киһибит үбүлүөйүн көрсө, «Көҥөс иэйии” уонна “Пьесалар тылбаастара” диэн икки кинигэни бэлэмнээн таһааттарбыта.

Хаартысканы Нюргуяна  Егорова тиксэрдэ
Хаартысканы Нюргуяна  Егорова тиксэрдэ

Олоҥхоҕо сүрүн оруоллары биир дойдулаахтарбыт, Кутанабыт дьоно сэргэтэ олус үчүгэйдик оонньоотулар. Ол курдук, олоҥхоһут оруолун, Митрофан Мартынов сиэнэ, олоҥхоһут, дэгиттэр талааннаах — Митрофан Семенов, Уот Хомоллохоон Куо абааһы кыыһын олус чаҕылхайдык, уобараһын бэркэ арыйан С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК фольклор жанрын исписэлииһэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Туяра Аркадьевна оонньоотулар. Оруоллартан саамай эппиэттинэстээҕин, сүрүнүн диэтэхпинэ сыыспатым буолуо, Уол Дуолан бухатыыр оруолун Партизан НТК фольклор исписэлииһэ,Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Айсен Михайлович Федоров олус үчүгэйдик, хас биирдии хамсаныытын оонньоон-туойан киһи дууһатыгар киирэрдии оонньоото.

Хаартысканы Нюргуяна  Егорова тиксэрдэ
Хаартысканы Нюргуяна  Егорова тиксэрдэ
Хаартысканы Нюргуяна  Егорова тиксэрдэ

Үрүҥ Үйэл Куону, олоҥхо эмиэ биир сүрүн оруолун оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэм, биир дойдулаахпыт С.А.Зверев-Кыыл уола аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин фольклорун исписэлииһэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Александра Аркадьевна Яковлева толордо. Тойуга эчи үчүгэйин, кыраһыабайын, киһи эрэ истэ олоруох курдук, оруолун олус үчүгэйдик толордо, дэгиттэр талааннаах дьүөгэлээхпинэн киэн тутуннум. Олоҥхо туһунан, үлэтин түмүгүн туһунан сэһэргэһиибитин билсиҥ:

«2022 сыллаахха Андрей Саввич Борисов салалталаах Саха Өрөспүүбүлэкэтин геокултуурнай сайдыы тэрилтэтэ норуот айымньытын киинэ олоҥхо дьиэлэрин ситимин иһинэн Граҥҥа күрэс биллэрбитэ.Граны Иван Васильевич Федоров, Нюргуяна Сидоровна Данилова суруйан ыыппыттара. С.А.Зверев-Кыыл уолун аатынан улуустааҕы киинэ 2023 с «Уол Дуолан Бухатыыр» олоҥхону туруорууга Грант сүүйэн, Партизан НТК фольклор исписэлииһин Айсен Федоровы кытта үлэбит дьэ саҕаламмыта. Ол курдук 2023 с. күһүнүгэр Никандр Прокопьевич Тимофеев, Дмитрий Семенович Иванов олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиир биир дойдулаахтарбытын мунньан, лааҕыр тэрийэн, сорох артыыстары талан, кылыһах, куолас үлэтин, тойукка эрчиллэн саҕалаабыппыт. Сунтаарга кэлэннэр маастар-кылаас көрдөрөннөр, артыыстары эрчийэн, бэлэмнэһэн барбыттара. Артыыстар тойуктарын Кутанаттан төрүттээх, Аммаҕа үлэлии-хамсыы сылдьар Александра Артемьева кэлэн бэлэмнээн чочуйбута. Екатерина Ефимовна Шапошникова диэн Сунтаартан төрүттээх биллэр худуоһунньукка көстүүмнэри, сыана оформлениетыгар, атрибуттары уруһуйдатан бэлэмэнэнии үлэтэ саҕаламмыта. Олоҥхо сценарийын 2023 сыл күһүнүгэр Саха тыйаатырын артыыската биир дойдулаахпыт Зоя Попова ылсан, суруйан биэрбитэ. Биллэн турар артыыстары буларга күчүмэҕэйдэри көрсүбүппүт, уларыйыы-тэлэрийии элбэх этэ. Артыыстары булааһыҥҥа, ырыаларын, тойуктарын үөрэтиигэ мин Айсенныын үлэлээбиппит. Балаҕан ыйыгар режиссер Антон Ботаков уонна хамнаныыны туруорааччы Ева Шамаева кэлээттэрин кытары күүстээх үлэ саҕаламмыта, кыра-кыра сыаналары ылан бэлэмнээн барбыппыт. Директорбыт Алексей  Седалищев сүүрэн-көтөн, бырайыак олоххо киирэригэр сүрүн үлэтин ыытан, туһааннаах дьонун кытта кэпсэппитэ. Афишаны 3 нүөмэрдээх оскуола учуутала, Тимир Өксөлгөн оруолун толорбут Васильев Семен Семенович оҥорбута.С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин С.А.Зверев-Кыыл Уолун 125 сылын көрсө бэлэмнээбит үлэтин эһиги иннигитигэр сүрэхтээтибит».

* * *

Хаартысканы Нюргуяна  Егорова тиксэрдэ
Хаартысканы Нюргуяна  Егорова тиксэрдэ

Массовка олоҥхону олус киэргэттэ, тупсаран биэрдэ. Көрөөччүгэ хомолтону, үөрүүнү итэҕэйимтиэтик, киһи дууһатыгар киирэрдии тириэртилэр. Массовкаҕа биһиги биир дойдулаахпыт Раиса Ефимовна кыттыыны ылбыта. Олоҥхо бүтүүтүгэр саала дьоно туран бары «Бис! Браво!» диэн астына көрбүттэрин бигэргэттилэр. Оҕолорум ойон туран ытыс тыаһын улахан дьону кытта тэҥҥэ бэлэх ууннулар. Олоҥхо иннникитин да сайдар, сарсыҥҥылаах эбит диэн астынныбыт. Туяра, Александра, Айсен талааннарын таһаарбыт, фольклорга уһуйбут биир дойдулаахтарбыт Никандр Прокопьевич Тимофеевка, Мария Павловна Афанасьеваҕа, «Күн сардаҥата» ансаамбылга барҕа махтал буолуохтун! Дьүөгэбин Шураны, бырааппын Айсены Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна буолбуккутунан ис сүрэхтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Доруобуйаны, дьолу баҕарабын! Өссө да ситиһиилэр кэлэ турдуннар!

Нюргуяна  Егорова, Т.С.Кириллин аатынан Кутана СМБ кылаабынай  библиотекара

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 53 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр

Бүгүн, тохсунньу 25 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 53 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ярыгин Кубога: биир үрүҥ көмүс, икки боруонса

Тохсунньу 23-26 күннэригэр Красноярскайга  үгэскэ кубулуйбут норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустууга Иван Ярыгин Кубога буола…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эргиччи талааннаах Василиса Винокурова

Саха сирин үтүөлээх этээччитэ Василиса Васильевна Винокурова тохсунньу 22 күнүгэр 85 сааһын туолла. Аҕа саастаах…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: Толуйуу ханнык кэмҥэ бэриллэрий?

Ыйытыы:  Дьиэ-уот уонна хапытаалынай усунуос төлөбүрдэригэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр толуйуу көрүллэр дииллэр. Ол…

12 часов ago
  • Сонуннар

Олохтоох маршруттарга 1,2 млрд солк. көрүллүөҕэ

Олохтоох маршруттарынан айан иһин 2025 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуону чуолкайдааһыҥҥа көрүөхтэрэ. Маннык сорудаҕы Саха…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Мас Моҕой сыла тохсунньу 29 күнүгэр үүнүөҕэ

Быйыл Илиҥҥи Саҥа дьыл эрдэлээн,  тохсунньу 29 күнүгэр үүнэр (былырыын Луо сыла олунньу 10 күнүгэр…

13 часов ago