Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майаҕа быйыл икки федеральнай, икки өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаларынан дьон олорор усулуобуйатын тупсарар соруктаах искибиэрдэри, былаһаакалары саҥарда сылдьаллар.
Бу туһунан Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев кэпсиир:
— Бу күннэргэ тупсарыы үлэтин чэрчитинэн Ил Дархан гранын ылбыт «Мелиоратор» түөлбэ (салайааччы Галина Федорова) оҕолоругар, олохтоохторугар аналлаах спортивнай оҕо былаһаакката тутуллар сирин бэлэмнии сылдьабыт.
Былаһаакка тутуллар миэстэтигэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан дьиэ көспүт оннуттан эргэ мас сыбаайалары хостуубут.
Бу маннык сыбаайаны, мас атахтары хостооботоххо, эһиилгиттэн саҕалаан бу мас үүнэн, алларааттан анньан тахсан кэлэн, саҥа оҥоһууну алдьатар, буортулуур. Хостоммут сыбаайаларбыт 5-6 м уһуннаахтар.
80-с сыллартан сир анныгар сыппыттар диэтэххэ, олох чиргэл туруктаах мастар буолан биэрдилэр.
Станислав Павлов салайар Майа олохтоох дьаһалтатын хаһаайыстыбыннай чааһын тэрилтэтин үлэһиттэрэ маныаха күүстээхтик үлэлииллэр.
Ити курдук, Майа сэлиэнньэтин салалтатынан быйыл саҥардыы, сөрүгтүү, тупсарыы үлэтэ күргүөмнээхтик ыытыллар.
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейновай уокурук Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ,…
Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…
Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…
Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…
Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…
Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах…