Массыынаҕар кыһыҥҥы эрэһиинэни олортуҥ дуо?

Массыынаҕар кыһыҥҥы эрэһиинэни олортуҥ дуо?

Ааптар:
09.10.2024, 15:40
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

Бу ыйтан кыһыҥҥы кэмҥэ эрэһиинэни тимир көлөҕө уларытыы үгэнниир кэмэ үүннэ. Суоппардар төһө да уопуттаахтарын иһин, билигин даҕаны Арассыыйа биитэр Кытай собуоттарыттан атыыга аҕалыллыбыт көлүөһэ эрэһиинэтин таларга мунаахсыйар буолуохтаахтар. Ити курдук, кыһыҥҥы эрэһиинэ ханныгы атыылаһар ордугуй? Кытай дуу, Арассыыйа дуу?

Массыына эрэһиинэтин талыы дьыалатыгар сорох суоппардар киэҥи-куоҥу ыраҥалыы барбакка чэпчэки сыаналаах Кытай собуотуттан тахсыбыты талаллар. Сыаната араас, ону кытта көрүҥэ элбэх. Ол да буоллар, ханнык баҕарар эрэһиинэ үчүгэй уонна куһаҕан өрүттэрдээх. Бүгүн тырааныспар эспиэрдэрэ ырытан таһаарбыт матырыйаалыгар Кытай эрэһиинэтин уратыларын, ону кытта Арассыыйа собуоттара оҥорон таһаарар эрэһиинэлэрин кытта тэҥнээн көрүөхпүт.

Кытайтан киирбит эрэһиинэ үчүгэй уонна куһаҕан өрүттэрэ:

Үчүгэй өрүттэрэ:

  • — Сыаната чэпчэки. Кытай эрэһиинэлэрэ аан дойду брендтарын кытта тэҥнээтэххэ чэпчэки сыаналаах буолар.
  • — Көрүҥэ элбэх. Кытай собуоттарыттан тахсар эрэһиинэ көрүҥүн арааһа тимир көлө бары мааркаларыгар сөп түбэһэр уонна суоппардар наадыйыыларын астыннарар.
  • — Хаачыстыба үрдүк. Кэлиҥҥи сылларга Кытай оҥорон таһаарааччылара аан дойду брендтарын кытта күрэстэһэн бородууксуйа хаачыстыбатын биллэрдик үрдэттилэр.

Куһаҕан өрүттэрэ:

  • — Сорох эрэһиинэ хаачыстыбата мөлтөх. Сорох Кытай эрэһиинэлэрэ инчэҕэй уонна хаардаах суолларынан сылдьарга табыгаһа суохтар. Аан дойду брендтарын шиналарыттан хаачыстыбата мөлтөх. Туһаныллар болдьоҕо кылгас.
  • — Оҥорон таһаарааччы ыстандаартын нуормалара атын. Кытай ырыынагар араас ыстандартаах элбэх оҥорон таһаарааччылардаах буолан, эрэһиинэ көрүҥэ араас, биир тэҥ буолбатах.

Кытай дуу, Арассыыйа эрэһиинэлэрэ дуу? Ханныгы талар ордугуй?

 Кытай уонна Арассыыйа эрэһиинэлэрин икки ардыларыгар талыы суоппар тус бэйэтин наадыйыытыттан тутулуктаах.

Кытай эрэһиинэлэрэ: сыаната табыгастаах, көрүҥэ, моделлара элбэх. Итэҕэстэрэ: хаачыстыбата намтыан сөп.

Арассыыйа эрэһиинэлэрэ: хаачыстабата үрдүк, биһиги суолларбытыгар эрэли үөскэтэр. Итэҕэстэрэ: сыаната үрдүк, көрүҥүн арааһа аҕыйах.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: