Маастар-былааннар: дьон олоҕо тупсарын туһугар…
«Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа Уһук Илин уонна Арктика күнэ Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр салайааччылара кыттыылаах ыытыллар. «Новый облик городов: перспективы развития, реализация мастер-планов, привлечение инвестиций» диэн сиэссийэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев кытынна.
Сиэссийэҕэ федеральнай уонна эрэгийиэннэр салалталарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна биисинэс эспиэртэрэ куораттары сайыннарыыга уонна маастар-былааннары олоххо киллэриигэ санааларын үллэһиннилэр.
«Мин сиэссийэ кыттыылаахтарыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарын олоххо киллэрии хайдах-туох бара туралларын тустарынан кэпсээтим. Бу маастар-былааннар РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы сорудаҕынан олоххо киирэллэр», — диэн Айсен Сергеевич бэйэтин тус телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Ил Дархан Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттары сайыннарыыга элбэх үп көрүллүбүтүн курдук үтүмэн үлэ ыытыллыахтааҕын туһунан ыйбыт. Тустаах маастар-былаан сүрүн сыалынан-соругунан дьон олоҕо тупсарын ситиһии уонна тулалыыр усулуобуйаны тупсарыы буолар. «Дойдубут Бэрэсидьиэнэ туруорбут соругун биһиги хайаан да ситиһиэхпит, олоххо киллэриэхпит», — диэн Ил Дархан этэр.
#Владимир Путин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: