Маастар-былааннар: дьон олоҕо тупсарын туһугар…

Share

«Арассыыйа»  быыстапка-пуорумҥа Уһук Илин уонна Арктика күнэ Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр салайааччылара кыттыылаах ыытыллар. «Новый облик городов: перспективы развития, реализация мастер-планов, привлечение инвестиций» диэн сиэссийэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев кытынна.

Сиэссийэҕэ федеральнай уонна эрэгийиэннэр салалталарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна биисинэс эспиэртэрэ  куораттары сайыннарыыга уонна маастар-былааннары  олоххо киллэриигэ санааларын үллэһиннилэр.

«Мин сиэссийэ кыттыылаахтарыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр  Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарын олоххо киллэрии хайдах-туох бара туралларын тустарынан кэпсээтим. Бу маастар-былааннар РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы сорудаҕынан олоххо киирэллэр», — диэн Айсен Сергеевич бэйэтин тус телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Ил Дархан Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттары сайыннарыыга элбэх үп көрүллүбүтүн курдук үтүмэн үлэ ыытыллыахтааҕын туһунан ыйбыт. Тустаах маастар-былаан сүрүн сыалынан-соругунан дьон олоҕо тупсарын ситиһии уонна тулалыыр усулуобуйаны тупсарыы буолар. «Дойдубут Бэрэсидьиэнэ туруорбут соругун биһиги хайаан да ситиһиэхпит, олоххо киллэриэхпит»,  — диэн Ил Дархан этэр.

#Владимир Путин.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропуордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

2 минуты ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

33 минуты ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

47 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

1 час ago