От ыйын 1-3 күннэригэр Дьокуускайга Эргэ куоракка «Маастардар куораттара» норуот уус-уран оҥоһуктарын бэстибээлэ үлэлиир. Бэстибээлгэ кытта диэн араас улуустартан 50-ча маастар кэллэ. Бу бэстибээл «Азия оҕолорун» култуурунай бырагырааматын чэрчитинэн ыытыллар.
«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар ыалдьыттара бу бэстибээлгэ кэлэн, маастардар оҥоһуктарын, араас сувенирдары атыылаһыахтарын, саха култууратын кытта билсиэхтэрин сөп.
Маны тэҥэ, маастардар баҕалаахтарга маастар-кылаастары ыытыахтара. Онон бу үс күн устата туоһунан, кылынан, туойунан, о.д.а. оҥоһуктары оҥорорго үөрэтиэхтэрэ. Кыбытык тигиигэ, оҕуруонан тиһэргэ үөрэниэн баҕалаах дьон бу маастардары кытта атах тэпсэн олорон, элбэххэ үөрэниэхтэрин, интэриэһинэй маастар-кылаастарга сылдьыахтарын сөп.
Саха сирин маастардарын түмсүүлэрэ быыстапкалыахтара. Саха сиригэр 5 тыһыынчаттан тахса киһи уус-уран оҥоһуктары оҥорорунан дьарыктанар, кинилэртэн 200-тэн тахса киһи «норуот маастара» диэн ааты сүгэр.
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…
"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…