Маастардар үлэлэрэ пуондаҕа хараллыахтара
«Симэх» норуот уус-уран айымньытын киинин иһинэн Үрдүк уус-уран оҥоһук пуондата (Фонд эталонных изделий) тэриллибитэ. Манна 360-тан тахса мас, муос, туос, туой, кыл, тимир оҥоһуктар бааллар.
Балаҕан ыйын 25 күнүгэр норуот маастардарыгар оҥоһуктарын пуондаҕа ылалларын туһунан туоһу суругу туттарыы сиэрэ-туома буолла. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүнэн маастардары эҕэрдэлээтэ:
— Урут да норуот маастардарын үйэтитии, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы үлэтэ ситимнээхтик ыытыллан кэллэ. Култуура министиэристибэтин иһинэн норуот маастардарын түмэр «Симэх» киин бэрт айымньылаахтык үлэлиир. Ол эрэн, сүрүн көҕүлээһин норуоттан, айылҕаттан айдарыылаах маастардартан кэлэр. Ханнык баҕарар нэһилиэккэ тиийдэххэ, норуот маастардара баар буолаллар. Ол биһиги норуоппут биир ураты суолтата, култуурабыт көстүүтэ дии саныыбын. Сорох норуоттар илдьэ сылдьар ис тапталларын, өбүгэлэрин ситимнэрин сүтэрбиттэрэ ыраатта. Биһиги ол ситими быспакка, оҕолорбутугар тиэртэхпитинэ, норуот быһыытынан сайдыахпыт. Бырабыыталыстыба аатыттан уустарга, иистэнньэҥнэргэ ис сүрэхтэн махталбын тиэрдэбин. Ил Дархан 2 сыллааҕыта эһигинниин көрсөн, туох кыһалҕа баарын, хайдах таһымҥа тахсыахтаахпыт туһунан сүбэлэспитэ. Ол түмүгүнэн, кэккэ соруктар олоххо киирбиттэрэ, сүрүн докумуон оҥоһулла сылдьар. Ол чэрчитинэн, үп көрүллүбүтэ, суумата сыллата эбиллэ туруоҕа.
Бу күн 7 маастар үлэлэрэ үрдүк уус-уран (эталонный) диэн ааттанан, пуондаҕа талылыннылар. Манна бааллар саха эр киһитин толору таҥаһа, чукча эр киһитин таҥаһа, ураһа хаппахчытын туос сирэйэ, түү олбох, о.д.а. Саамай сыаналаах оҥоһугунан олус уран көстүүлээх ураһа хаппахчытын сирэйэ буолла, маны 1 мөлүйүөн 300 тыһыынча солкуобайга атыылаһан, сэртипикээт туттардылар.
Мария Аммосова, норуот маастара харда тылы эттэ:
— Мин Депутатскайга отуттан тахса сыл буҕаалтырынан үлэлээбитим. Тулаайах хаалан, оҕо эрдэхпиттэн иистэнэбин. Улахан махталым — бырабыыталыстыба маастардар диэки хайыспытыгар. Кыралаан көмө оҥоһуллар, дьон санаатын көтөхтүлэр. Маастар элбэх, эдэрдэр тахсан иһэллэр, онон көрүллэр харчы кыра диибин. Ыччаппыт үөрэниэн наада, анараа аттаныахпытыгар диэри билиибитин кинилэргэ тиэрдиэхтээхпит. Бу пуондаҕа оҥоһуктарбыт хаалаллара үөрүүлээх суол.
Ордук аҕыйах ахсааннаах норуоттарга көмө наада. Мин оҥоһуктарбын талбыккытыгар олус үөрэн туран, махтанабын!
Яна Игнатьева, «Симэх» киин дириэктэрэ:
— Отуттан тахса сыл үлэлээбиппит тухары, кэнники кэмҥэ болҕомто ууруллар буолла. Пуонда тэриллибитин сэргэ норуот маастардарыгар истипиэндьийэ анаммыта. Бу сырыыга 24 үлэттэн 7 киһи үлэлэрин таллыбыт. Барыта 3 мөлүйүөнтэн тахса суумаҕа атыылаһылынна. Онон пуондабыт өссө да хаҥыы турарыгар эрэнэбит, — диэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: