Маастардар Арассыыйа каартатын тиктилэр
Ахсынньы 12 күнүгэр Москваҕа Надежда Бабкина “Русская песня” тыйаатырыгар «Вышитая карта России» сүрэхтэннэ. Бу каартаны оҥорорго дойду араас муннуктарыттан 200-тэн тахса маастар үлэлээтэ. Саха сирин маастардара саамай улахан чааһын тиктилэр.
Бу каартаҕа Арассыыйа бары эрэгийиэннэрэ киирдилэр, кээмэйэ – 3х7 миэтэрэ. Манна саҥа холбоспут Донецкай, Луганскай Өрөспүүбүлүкэлэр, Херсонскай, Запорожскай уобаластар эмиэ киирбиттэр.
Сүрэхтээһиҥҥэ каартаны тикпит, быысыбайдаабыт 200-тэн тахса маастар кытынна. Хас биирдии эрэгийиэн чааһа онно олорор норуоттар оһуордарынан-мандардарынан киэргэтиллибит. Бу сүҥкэн үлэҕэ матырыйаал 50-тан тахса көрүҥэ туһаныллыбыт: тирии, түүлээх, янтарь, чөмчүүк, оҕуруо, таба иҥиирэ, көмүс саптар, о.д.а.
Саха сириттэн бу бырайыакка үлэлэспит бары маастардар: “Симэх” киин дириэктэрэ Яна Игнатьева, «Возрождение» түмсүүттэн Мария Егорова, Александра Ефремова, Иван Ефремов, Лидия Иванова, Федосия Григорьева, Светлана Петрова, Тамара Жиркова, Валентина Попова, Азияна Харлампьева, «Үктэл» студия салайааччыта Людмила Жиркова, «Уран» түмсүү салайааччыта Ульяна Миронова, уо.д.а. кытыннылар. Кинилэри култуура, духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Марина Силина эҕэрдэлээтэ.
— Бу бырайыак дойдубутун бүтүннүү түмтэ диэтэххэ, омун буолбат. Арассыыйа норуоттарынан, эгэлгэ култуура түмүллүбүтүнэн баай. Хас биирдии эрэгийэн уратылаах, эрэгийиэн эрэ элбэх. Ол эрээри, бары уратыбытын харыстаан, үүнэр көлүөнэлэргэ тиэрдэр соруктаахпыт. Саха сирин маастардара бу каарта саамай улахан чааһын тиктилэр. Бары сүбэлэһэн, олоҥхону уонна ыһыаҕы көрдөрөргө быһаарбыттара, — диэн Марина Силина эттэ.
Саха сирин каартата өрөспүүбүлүкэ былааҕын өҥүнэн тигиллибит. Ортотугар улахан Аал Луук Мас, алларатыгар таҥалай сиигинэн тигиллибит Аан Алахчын Хотун, оһуохайдыы сылдьар дьон быысыбайдаммыттар.
Тэрээһин В.Д.Поленов аатынан Норуот айымньытын дьиэтэ тэрийбит улахан кэнсиэринэн түмүктэннэ. Манна араас эрэгийиэннэртэн 15 айар кэлэктииптэр кытыннылар. Саха сириттэн “Добун” этнофольклорнай норуот ансаамбыла, “Кыталык” үҥкүү ансаамбыла кытыннылар диэн СӨ култуураҕа, духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: