Уус Алдантан Иван Румянцев уонна Намтан скульптор Роман Петров «Хотугу тыал» хамаандалара «XXI «Европа-Азия» Екатеринбурдааҕы муус оҥоһуктар фестиваллара» улахан күрэххэ кыайыыны ситистилэр.
Скульптордар хамаандалара улуу прозаик Д.Н. Мамин-Сибиряк «Приемыш» кэпсээнинэн скульптураны айан оҥордулар. Көрдөххө, айымньы сүрүн дьоруойа кырдьаҕас балыксыт уонна тулаайах куба үүт-үкчү оҥоһуллубуттар.
«Саха уран тарбахтаах маастардара бэйэлэрин үлэлэригэр, киһи уонна тулалыыр эйгэ арахсыспат ситимнээхтэрин бу айымньыларыгар көрдөрдүлэр. Манна киһи тулалыыр эйгэҕэ хайдах баҕарар буортуну оҥоруон да, көмөлөһүөн да сөптөөҕө көстөр. Ол, арааһа, саха киһитэ барыта айылҕаҕа чугас буолан ситиһилиннэҕэ», – диэн тэрийээччилэр бэлиэтээтилэр.
Саха скульптордара Арассыыйа бары муннуктарын бастыҥ скульптордарын кытары күрэхтэһэн бастакы түһүмэххэ талыллыбыттара. Кинилэр дойду 7 бастыҥ хамаандатын иһигэр киирбиттэрэ, ол кэннэ фестиваль муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар диэн Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…