Магадаҥҥа тиийэ эмтиир харах хирура (видео)

Share

Максим Дьячковскай – Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын үрдүк категориялаах лазернай хирург-офтальмолога.

Максим Дьячковскай өссө мэдиссиинэ институтугар үөрэнэ сылдьыаҕыттан, 2005 сыллаахха бу балыыһаҕа санитардаан, 5-6-с куурустарга медбратынан үлэлээн, харах балыыһатын эйгэтин, ис тыынын билсибитэ.
Үрдүк үөрэҕин кэнниттэн интернатураны бүтэрэн, эдэр исписэлиис Алдан куоракка анаммыта, кэргэнэ Киин балыыһаҕа юристаабыта. Алдаҥҥа үс сыл үлэлээн, балачча уопутуран баран, билиҥҥи балыыһатыгар миэстэ тахсан, дьиэ кэргэниниин Дьокуускайга көһөн кэлбиттэрэ, билигин 4 оҕо амарах төрөппүттэрэ.

ИДЭНИ УТУМНААН…

Максим Николаевич төрөппүттэрэ Валентина Евдокимовна уонна Николай Семенович Дьячковскайдар иккиэн үрүҥ халааттаах аанньаллар, билигин М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинигэр үлэлииллэр. Аҕатын бииргэ төрөөбүт балта Прасковья Семеновна Дьячковская эмиэ быраас идэтин баһылаан, дьонун-сэргэтин махталынан туһанар.

Дьячковскайдар түөрт оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Улахан уоллара Максим өссө икки бырааттаах уонна балтылаах. Кинилэртэн биир быраата уонна балта – эмиэ быраастар.
Максим төрөппүттэрин дьиэтигэр мэдиссиинэҕэ сыһыаннаах кинигэлэр ортолоругар улааппыта. Ыарыһаҕы иһиллиир фонендоскоп куруук көстүүлээх миэстэҕэ сытара. Төрөппүттэрэ улахан оҕолоро Максимы: “Холку майгылааххын, дьоҥҥо сыһыаныҥ үчүгэй, онон эйиэхэ бы­­раас идэтэ аһара барсыа этэ”, – диэн үрүҥ халааттаах аанньал идэтин таларыгар хайысха­лаан ииппиттэрэ. Эргиччи эмчит идэлээх дьон ортотугар улааппыт, иитиллибит уол бэйэтэ да быраас буолар баҕатын толорон, үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, харах бырааһын идэтин баһылаабыта.

КАТАРАКТА – ТАРҔАММЫТ ЫАРЫЫ

“Биһиги 2018 сылтан саҕалаан, биригээдэнэн ыраах да, чугас да айаннаан тиийэн, нэһилиэнньэ хараҕын туругун бэрэбиэркэлиибит, эпэ­рээссийэлэри оҥоробут. Мин аан бастаан үлэлии кэлэрбэр итинник быраактыка туһанылла илигэ. Анатолий Назаров кылаабынай быраастыырын саҕана катарактаны эмтиир­гэ үөрэммитим. Анатолий Николаевич үлэҕэ ыларыгар “Командировкаҕа сылдьарга сөбүлэһэҕин дуо?” диэн ыйыппытыгар кэргэммин кытары сүбэлэһэн баран, сөбүлэҥмин биэрэн, күн бүгүҥҥэ диэри айанныы сылдьабын”, – диэн ыраах айаҥҥа сылдьара үлэтигэр туһалааҕын, үөрүйэҕи иҥэрэрин туһунан кэпсиир.

“Катаракта – биһиэхэ саамай тарҕаммыт ыарыы. Биһиги сүрүннээн катарактаны уонна былааннаммыт эпэрээссийэлэри эрэ оҥоробут. Тоҕо диэтэххэ, катаракта эпэрээссийэтин үчүгэйдик оҥордоххо, туох да сыыстарыыта суох ааһар. Урут харах атын ыарыыларыгар эпэрээссийэлэри оҥорор этибит, ол эрээри, эпэрээс­сийэ кэнниттэн миэстэтигэр өр кэмҥэ кэтээн көрүү ирдэниллэр. Оттон биһиги нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ үлэлиир усулуобуйабыт суох. Улуустар дьаһалталара балыыһаны кытары дуогабар түһэрсэллэр. Ол иһин, кыаллар буоллаҕына гостиницаҕа олохтуу сатааччылар. Гостиницата суох нэһилиэктэргэ балыыһаҕа бэйэтигэр да олорооччубут.

Арктика улуустарыгар, чуолаан Эдьигээҥҥэ хаста да бара сырыттыбыт. Эдьигээннэр наһаа үчүгэй саҥа балыыһа­лаахтар. Кылаабынай быраас­тара Владимир Татариновы чугастык билэрбинэн уонна дьонун-сэргэтин билсибиппинэн эттэхпинэ, уопсайынан хоту дойду дьоно олус үчүгэй майгылаахтар, ыалдьытымсахтар, аһаҕастар, судургулар.
Биир биригээдэҕэ үксүгэр эпэрээссийэлиир икки бы­­раас уонна мэдиссиинэ икки сиэс­тэрэтэ тиийэн үлэлиибит”, – диэн мобильнай биригээдэнэн үлэ уратытын билиһиннэрэр.
Максим Николаевич өрөс­пүүбүлүкэ улуустарыгар эрэ буолбакка, эрэгийиэннэр дуогабардарынан, Магадаҥҥа баран соҕотоҕун үлэлээн кэлбит, өссө да барар былааннаах. Магаданнар харах балыыһаларыгар саҥа аппараат ылбыттарыгар онно хайдах үлэ­лииргэ маастар-кылаас ыыппыт уонна миэстэтигэр ыарыһахтары эпэрээссийэлээбит.

ЭПЭРЭЭССИЙЭ ТҮМҮГЭ ЫАРЫҺАХ БЭЛЭМИТТЭН ЭМИЭ ТУТУЛУКТААХ

– Максим Николаевич, уопуттаах быраас быһыытынан эттэххинэ, холобур, катаракта эпэрээс­сийэтэ наар биирдик оҥоһуллар дуу, араас буолар дуу?

– Мин санаабар, хас биирдии киһи эпэрээссийэтэ араас­тык ааһар. Ким эрэ хараҕа эчэ­йиилээх, ким эрэ хараҕын курустаала кытаанах буолар, оттон ким эрэ эпэрээсси­йэтэ чэпчэкитик оҥоһуллар. Киһиттэн бэйэтиттэн, хайдах турук­таах киирэриттэн тутулук­таах. Эпэрээссийэ остуолугар нус-хас, холкутук сытар буол­лаҕына, этэҥҥэ ааһар, долгу­йан ыгылла сыттаҕына хараҕа эмиэ ыгыллар. Онон, хас биирдии киһи киэнэ араас диэн этиэх­хэ сөп. Үөрэх, билим кинигэтин аахтахха, биллэн турар, барыта биир, биир тиэхиньикэ туһаныллар курдук. Ол гынан баран, ханнык да сыыстарыы (осложнение) тахсыбатын туһугар бэйэҥ үөрүйэххинэн араас албастары туһанаҕын. Сыыстарыы, атыҥҥа кубулу­йуу туһунан эттэххэ, холобур, харах курустааллара сип-синньигэс баайыылаахтар (связкалаахтар). Холустук тутуннахха, баайыы быстан хаалан, харах түгэҕэр түһэн хаалыан сөп. Оччоҕо ону төттөрү таһаарарга атын улахан эпэрээссийэ ирдэниллэр. Итинник түбэлтэҕэ куораттааҕы балыыһабыт быраастарын сэрэтэбит уонна ыарыһаҕы куоракка ыытабыт. Оччоҕо кинилэр тута улахан аппараакка эпэрээссийэлииллэр. Биһиги бэйэбитин кытары, биллэн турар, кыра аппарааты илдьэ сылдьабыт (быһа холоон, 200-300 киилэлээх таһаҕастаах буолабыт).

Балыыһабыт мобильнай биригээдэлэрэ “КамАЗ”” массыынанан быйыл элбэхтик айаннаатылар. “КамАЗ” баазатыгар үлэлиир лазернай офтальмолог хирург Пантелеймон Аргунов сабыылаах глаукомаҕа сэрэтэр үлэни ыытар. Харах линзата сороҕор киртийэр эбэтэр киһи хараҕын эчэттэҕинэ, саҥа бүрүө (пленка) үөскээн хаалар. Ол үөскээбит бүрүөнү Пантелеймон Ефстафьевич лазерынан тэһитэ ытыалаан ыраастыыр.

– Хараҕар туох да кыһалҕаны көрсүбэт, ыалдьыбат киһи диэн баара буолуо дуо?

– Хоту улууска тиийэ сылдьан кырдьаҕас эбээннэри көрсүбүтүм. Барахсаттар харахтарын туруга олус үчүгэй! Ол айылҕалара маанылыыр ыраас, сибиэһэй аһылыгыттан эбитэ дуу, харахтара куруук ырааҕы көрөрүттэн (спазм аҕыйах буолар) эбитэ дуу? Бэл, суоппардар харахтара ардыгар эмиэ олус үчүгэй буолан үөрдэр. Кылаабынай бы­­раас Владимир Татаринов 70-ча­­лаах аймаҕын кытары булка сылдьыспытым. Киһим хараҕа эҥкилэ суох үчүгэй, миигиннээҕэр түргэн-тарҕан туттунуулаах, сүүрүүнэн сылдьар.

Диабет ыарыыттан харахтара мөлтөөбүт дьону Пантелеймон Аргунов эм­­тиир. Харах синньигэс тымырдартан, кыра капиллярдартан турар. Диабет үөскээтэҕинэ, өссө куһаҕан патологическай тымырдар үөскүүллэр, быһа бардаҕына, хаанынан бүрүллэн хаалаллар. Харах итинник турукка тиийбэтин туһугар лазерынан бүөлээн биэрэбит. Сүрүн кыһалҕанан хараҕын түгэҕэр баастар үөскүүллэрэ буолар. Онон, саахарынай диабеттаахтар диетаны тутуһуохтаахтар, бэрэбиэркэлэнэ сылдьыахтаахтар. Саахардара хамсыыр буолла да, тымырдара тулуйбакка быһа баран хаалаллар. Оттон быһа барыы эмтэниллэрэ уустук.

Ити курдук, офтальмология килиниичэскэй балыыһатын быраастара биир сиргэ олорбокко уонна ситиһиллибитинэн дуоһуйбакка, бииртэн биир айаҥҥа турунан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар мэдиссиинэ тугунан да сыаналаммат өҥөтүн оҥороллор. Ол туоһутунан ыраах Сунтаарга диэри уонна чугастааҕы улуустарга массыынанан, Эдьигээҥҥэ, Баатаҕайга, Саккырыырга уо.д.а. хоту улуустарга сөмөлүөтүнэн тиийэллэрин нэһилиэнньэ эрэнэ күүтэрэ уонна махталын тириэрдэрэ буолар.

БЫҺААРЫЫ:

Ханнык да эпэрээссийэ кэнниттэн харах туруга сүрүннээн үчүгэй буолар. Эпэрээссийэ оҥоруох иннинэ ыарыһаҕы кытары аһаҕастык кэпсэтэн, “ыарыыгыттан тутулуктанан, хараҕыҥ көрөрө баҕар тупсуо, баҕар кыратык сырдатыа эрэ” диэн сэрэтэн туран, ыарыһах сөбүлэҥин ылан баран эпэрээссийэҕэ ылаллар.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago