Маҕаҥҥа «Аэропорты Севера» кэлэктииби кытта Марина Бахилина көрүстэ

Маҕаҥҥа «Аэропорты Севера» кэлэктииби кытта Марина Бахилина көрүстэ

Ааптар:
06.03.2024, 13:40
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

«Аэропорты Севера»  генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сергей Соболев, аэропортар үлэлэрин сүрүн түмүктэрэ туһунан дакылаат оҥордо. Кини национальнай бырайыактар чэрчитинэн аэропортары саҥардыыга элбэх үлэ оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ.

Саха сиригэр дойду байыастарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Марина Бахилина тырааныспар табыгастаах буолуутун хааччыйыы Саха сирин салалтатын биир сүрүн соруга буоларын бэлиэтээтэ.

«Мин урукку авиатор буоларым быһыытынан, дойду сайдыы саҥа баазатыгар киирбитин, ордук авиация салааларыгар улахан ситиһиилэри көрдөрөр кыахтаммытын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Билигин омук сиригэр оҥоһуллар көтөр ааллар саппаас чаастарын дойдубутугар солбуйар кыахтаннылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги иннибитигэр 2030 сылга дойду иһигэр 1000-чэ сөмөлүөтү оҥорон таһаарар улахан сорук турар. Кэлэр өттүгэр дойдубут аныгы авиалайнердары оҥорон таһаарыаҕа», — диэн бэлиэтээтэ Марина Бахилина.

«Аэропорты Севера» генеральнай дириэктэрэ Олег Ворошилов Саха сиригэр аэропорт комплекстарын инфраструктуратын сайыннарыыга улахан ситиһиилэрин бэлиэтээтэ.

«Саха сиригэр барыта 32 аэропорт үлэлиир. Сотору кэминэн Эльгинскайдааҕы таас чох хостуур сир чугаһыгар саҥа аэропорт тутуллуоҕа. Бу Саха сирин салгыы сайдарыгар улахан хардыы буолуоҕа», — диэтэ Олег Ворошилов.

Сыл аайы «Аэропорты Севера»  аэропортарын нөҥүө 270 тыһ. пассажир ааһар. Тэрилтэҕэ 1700-тэн тахса үрдүк квалификациялаах исписэлиистэр үлэлииллэр.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: