Вице-премьер Георгий Степанов салайааччылаах СӨ Бырабыыталыстыбатын оробуочай бөлөҕө кулун тутар 1 күнүгэр Маҕан сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын 2023 сыллааҕы отчуотун ыытта.
Былырыын 70 мөл. солк. тахса суумалаах Маҕан орто оскуолатын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэммитэ, Кыайыы 40 сыла уулусса тупсарыллыбыта, Антенная уулусса сырдатыллыбыта уонна Кухто уулуссаҕа успуорт былаһаакката тутуллан үлэҕэ киирбитэ. 2024 сылга Киров уулуссатын сырдатыыта былааннанар. Маҕан сэлиэнньэтин олохтоохторо бырабыыталыстыба отчуотун биһирээтилэр. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов олохтоохтор бары боппуруостара тыа сирин сайыннарыытыгар туһулунарын бэлиэтээтэ.
Отчуокка турбут биир сүрүн боппуруоһунан успуорт саалатын тутуута буолла. Вице-премьер Дьокуускай куорат уонна Маҕан дьаһалталарын эбийиэк бырайыактыыр-сметнэй дөкүмүөннэрин оҥорорго сүбэлээтэ. Ити кэнниттэн үтүө дьыала хамсааһын бырагырааманан, успуорт саалатын тутууга сайаапка киллэриэххэ сөп диэн быһаардылар. Ону сэргэ куорат дьаһалтата эбийиэги баан нөҥүө лизининэн тутуутун үөрэтиэҕэ.
Иһэр уунан хааччыйыы атын улахан суолталаах боппуруоһунан буолар. Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Аржаков бу сытыы боппуруос куораттааҕы «Жилкомсервис» тэрилтэ кыттыылаах быһаарылларын бэлиэтээтэ. Манна кэскиллээх боппуруоһунан уу ситимин тутуута буолар. Билигин икки көрүҥ уунан хааччыйыы үлэтэ ыытыллар – Кирзаводтан эбэтэр ГРЭС- 2. Ону сэргэ, Маҕан олохтоохторо хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү чэрчитинэн, уулуссалары аспааллааһын, Маҕан аэропордун уонна тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыларын, нэһилиэнньэлээх пуун баһаарынай хамаандатын ыстаатын элбэтии боппуруостарын көтөхтүлэр. Отчуокка киирбит боппуруостар бырабыыталыстыба таһымыгар көрүллүөхтэрэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…