Маҕантан Сангаарга, Усуйаанаҕа уонна Хаандыгаҕа субсидияламмыт авиарейстэр оҥоһуллуохтара

Маҕантан Сангаарга, Усуйаанаҕа уонна Хаандыгаҕа субсидияламмыт авиарейстэр оҥоһуллуохтара

18.03.2024, 16:01
Хаартыска: gtrksakha.ru
Бөлөххө киир:

Муус устар 16 күнүттэн ыам ыйын 31 күнүгэр диэри «Полярные авиалинии» авиахампаанньа Маҕантан Сангаарга, Усуйаанаҕа уонна Хаандыгаҕа субсидияламмыт авиарейстэри оҥоруохтара. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Оттон Кэбээйигэ, Уус Маайаҕа уонна Томпоҕо субсидияламмыт рейстэр сааскы халаан уутуттан харгыһа суох тырааныспар ситимин хааччыйыыга үлэлиэхтэрэ.

Ан-2/Ан-3 көтөр ааллар кыраапыга уонна билиэт сыаната:

— муус устар 16 күнүттэн Хаандыгаҕа оптуорунньукка уонна чэппиэргэ (анал тарыып сыаната 11 172 солк.);
— муус устар 22 күнүттэн Сангаарга бэнидиэнньиккэ, сэрэдэҕэ уонна бээтинсэҕэ (анал тарыып сыаната 7 743 солк.);
— муус устар 24 күнүттэн Уус Маайаҕа сэрэдэҕэ уонна субуотаҕа (анал тарыып сыаната 10 259 солк.).

«Полярные авиалинии» авиахампаанньа каассаларыгар электроннай ньыманан сурутуу муус устар бастакы күннэриттэн аһыллара күүтүллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: