Салгыы
Маҕарастар «Аартык» түөлбэлэригэр — аныгы кэм паарката

Маҕарастар «Аартык» түөлбэлэригэр — аныгы кэм паарката

07.11.2022, 20:59
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Горнай улууһун Маҕараһыгар «Аартык» түөлбэҕэ  сынньалаҥ паарката тутуллан үлэҕэ киирдэ.

Тутуу «Уһук-Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн барда.

Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ араас саастаах дьон сынньалларыгар, таһырдьа спордунан дьарыктаналларыгар анал былаһааккалаах,  амфи-тыйаатырдаах паарка аһыллан, олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох.

Нэһилиэк тас көстүүтэ тупсан, киэркэйэн,  өссө биир туһалаах эбийиэк тутуллан,  Маҕарас мантан инньэ өссө тупсарыгар олук уурулунна.

Бырайыак ааптара — «Nomadic» aрхитектурнай бюро салайааччыта Айталина Брызгалова. Бэдэрээччит — «Охоноос» ХЭУо.

Саҥа паарканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга улуус баһылыгын э.т. Алгыс Стручков, «Одуну нэһилиэгэ» МТ  баһылыга Владимир Текеянов уонна «Охоноос» тэрилтэ салайааччыта Василий Оконосов арыйдылар.

Маҕараска буолбут үөрүүлээх тэрээһини улуус дьаһалтатын пресс-киинэ телеграм-ханаалга сырдатта.

Хаартыска — дьаһалта телеграм-ханаалыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: