Маҕарастар атыыга анаан оттууллар

Маҕарастар атыыга анаан оттууллар

22.08.2023, 17:30
Г.Е.Ефремов бааһынай хаһаайыстыбата от кэмигэр. А.Васильева ыытта.
Бөлөххө киир:

Горнай улууһун Маҕарас отчуттара ылыммыт былааннарын 120 быр. толорон иһэллэр. Билигин хаһаайыстыбалар 200 т оту атыыга оттууллар. Биир хаһаайыстыба 100 т атыылыыбын диэн былааннаммыт.

— Биһиэхэ бааһынай хаһаайыстыбалар, ИП-лар уопсайа 31 хаһаайыстыба баар. Бааһынай хаһаайыстыбаларбыт үксүлэрэ механизациялаахтар. Маҕараска Степан Борисович Контоев, Альберт Никитич Данилов, Гаврил Ефремович Ефремов уо.д.а. оттооһуҥҥа бастыҥ көрдөрүүлээхтэр. Онон быйыл оттооһун туруга үчүгэй, — диэтэ нэһилиэк тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Алена Васильева.

Хаартыскаҕа: Г.Е.Ефремов бааһынай хаһаайыстыбата оттуу сылдьар. А.Васильева ыытта.

Видео А.Васильев тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 мая
  • 6°C
  • Ощущается: 5°Влажность: 36% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: