Салгыы
Маҕарастар Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга уһуйбут учууталы кэриэстээтилэр  

Маҕарастар Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга уһуйбут учууталы кэриэстээтилэр  

19.10.2022, 18:32
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ   Горнай улууһун Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолатын  дириэктэрэ Кирилл Платонов сырдык кэриэһигэр анаан Өйдөбүл-ахтыы күнэ буолан ааста.

Бу туһунан оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ Лена Ноговицына кэпсээтэ:

Биһиги оскуолабытыгар үгэскэ кубулуйбут сатабыллаах салайааччы, убаастабыллаах учуутал, 22 сыл устата оскуолабыт дириэктэринэн үлэлээбит ытыктыыр киһибитигэр анаммыт Өйдөбүл-ахтыы киэһэтэ буолан ааста.

2015 сыллаахха РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Кирилл Платонов көҕүлээһининэн оскуолабыт «Арассыыйа 100 бастыҥ оскуолата» кэккэтигэр киирбитэ. Кирилл Иванович  «2015 сыл бастыҥ дириэктэрэ» бочуоттаах аат, «Улуус сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайыннара, «Улуус бастыҥ салайааччыта» номинация кыайыылааҕа, «Барҕарыы» пуонда стипендиата.

Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга кыра эрдэхпититтэн уһуйбут учууталбыт, кылгас да буоллар, олус чаҕылхай олоҕу олорбута. Төрөөбүт нэһилиэгин, улууһун сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэрбитэ. Нэһилиэкпит ыччаттара, оҕолоро үөрэхтээх, бастыҥ ыччат буолан тахсалларыгар сыратын, сатабылын, өйүн-санаатын бүүс-бүтүннүүтүн уурбут ытык киһибитин ахтан ааһар киэһэ бэрт дириҥ ис хоһоонноохтук барда. Өйдөбүл-ахтыы киэһэтигэр Кирилл Иванович бииргэ төрөөбүт балта, педагогическай наука дуоктара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет профессора Раиса Платонова оҕолорго, оскуола кэлэктиибигэр баҕа санаатын, кэс тылын эттэ. Маны таһынан, учуутал үөрэппит оҕолоро уонна олохтоох дьаһалта үтүө тылларынан ахтан-санаан аастылар.

Учууталбыт, дириэктэрбит кэриэһигэр анаан 1-6-с кылаас оҕолоругар «Сахалыы сайаҕас тылынан сайа этэбин» диэн дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕыытын күрэһэ буолла. Онно «Муҥутуур кыайыылаах» номинацияҕа Акулина Константиновна, Василий Семенович Максимовтар 4 кылааска үөрэнэр кыыстарын Сандаараны кытта тэҥнээхтэрин булбатылар. Кинилэргэ Кирилл Иванович дьиэ-кэргэнин аатыттан эҕэрдэ сурук, бэлэх туттардылар.

2-с миэстэҕэ Амелия, Вячеслав Петрович Максимовтар (1- кы кылаас), Селена, Марианна Васильевна Федотовтар (1-кы кылаас), Виола, Мария Александровна Мыреевтар (5-с кылаас) тигистилэр. 3-с миэстэни Матвей, Диана Дмитриевна Дьячковскайдар (5 кылаас), Эрхан, Василий Петрович, Варвара Виссарионовна Кривошапкиннар (2 кылаас) ыллылар.

7-11 кылаас уолаттарыгар анаан “Оскуолам устуоруйата мин харахпынан” ааҕыы күрэһэ ыытылынна. Оҕолор оскуола устуоруйатын эрэ буолбакка, үлэлээн ааспыт учууталлары, оскуола олоҕун, үлэтин кэпсээтилэр уонна сырдаттылар. Ол түмүгүнэн «Мин эбээм интэринээт иитээччитэ» диэн тиэмэни арыйан, 1-кы миэстэни 7 «а» кылаас  үөрэнээччитэ Альгис Данилов ылла. 2 миэстэҕэ Эдик Ксенофонов (8-с кылаас), 3 миэстэҕэ Тимур Андреев (11-с кылаас) ылары ситистилэр.

«Учуутал үрдүк аатыгар сүгүрүйэн» диэн ток-күрэс элбэх дьону түмэ тутта. Манна Одуну нэһилиэгин алта тэрилтэтэ күөн күрэстэстилэр.

Кирилл Ивановиһы кытта алтыһан үлэлээбиттэрин туһунан биир дойдулаахтара олус үчүгэйдик сырдаттылар, ахтан-санаан аастылар.

Маны таһынан, Горнай улууһун устуоруйатын, оскуолабыт үлэтин олус табыллан сырдаттылар, айар үлэ түһүмэхтэрин аастылар, араас ыйытыктарга хоруйдаатылар.

Түмүккэ муҥутуур кыайыылааҕынан олохтоох дьаһалта «Тобул» хамаандата таҕыста. 2-с миэстэни «Туллукчаана» оҕо сайдар киинэ, 3-с миэстэни «Enjoy» кафе үлэһиттэрэ ыллылар.

Тэрээһин олус көхтөөхтүк ааста. Түмүккэ бары кыттыбыт оҕолорго, төрөппүттэргэ, Кирилл Иванович дьиэ кэргэнигэр, «Одуну нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатыгар (Текеянов В.М.), Одунутааҕы модельнай бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр (сал. Г.А. Аянитова), «Туллукчаана» оҕо сайдар киинигэр (сал. А.Д. Никаноров), олохтоох сынньалан киинин үлэһиттэригэр (сал. С.С. Алексеева), олохтоох баһаарынай чааска (сал. Н.С. Максимов), «Эрэл» ыччат түмсүүтүгэр (сал. А.А. Брызгалов), «Enjoy» кафе үлэһиттэригэр (сал. Л.Е. Колесова) биир дойдулаахтара барҕа махтал тылларын анаатылар. Маны таһынан, күүс-көмө буолбут спонсордарга — Кирилл Иванович аймахтарыгар, 1981 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит бииргэ үөрэммит кылааһын оҕолоругар, чугас доҕоругар В.Р. Кобяковка, бииргэ алтыһан үлэлээбит кэллиэгэлэригэр, 1992 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит үөрэппит оҕолоругар, олохтоох дьаһалтаҕа ис сүрэхтэр тахсар махтал тылларын аныыбыт.

 «Сүгүрүйэбит Эйиэхэ-

Эн үрдүк ааккар,

Эн кэрэ дууһаҕар,

Эн сырдык мөссүөҥҥэр…

Махтанабыт Эйиэхэ

Эн биэрбит билиигэр,

Эн сиэргэ ииппиккэр,

Сырдыкка угуйбут үтүөҕэр…» — бу тыллары анаан туран, биир дойдулаахтарын киэн туттуутун ылбыт ытыктыыр, үүнэр көлүөнэ сайдарыгар, төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр үтүө өйдөбүлү хаалларбыт талааннаах энтузиаст-педагог, үөрэҕи-сырдыгы тэрийбит убаастыыр учууталбыт Кирилл Иванович Платонов үтүө салайааччы быһыытынан мэлдьи ахтылла туруоҕа. Онтон биһиги, ыччаттар, учууталбытыгар, салайааччыбытыгар махталбыт бэлиэтэ — үөрэххэ үрдүк ситиһиибит, оскуолабытын ааттатар бастыҥ, үлэһит дьон буолан тахсарга дьулууһубут буолар.

Ити курдук, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга ыччаты уһуйан, үйэлээҕи оҥорбут үтүө киһи сырдык мөссүөнэ үйэлэри уҥуордаан угуйа-уһуйа туруоҕа.

 

 

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: