Маҕарастар умайбыт маһы туһаҕа таһаараллар
Былырыын ойуур баһаара Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгин хойуу күөх тыатын күл-көмөр оҥорбута.
Быйыл маҕарастар хара тумарык буолан турар сири-уоту ыраастыыр инниттэн «Жизнь лесу» диэн бырайыагы саҕалаатылар. Бу күннэргэ ойуур баһаарыттан ордон хаалбыт, сууллубут мастары оһоххо отторго анаан эрбээн бэлэмнээтилэр. Бэлэмнэммит маһы нэһилиэнньэҕэ буор-босхо түҥэттилэр. Бу күннэргэ 100 кв м иэннээх ойуур турбут сирин ыраастаабыттар. Үс оҕолоох, үлэтэ суох сылдьар Владлен Никаноров маһы эрбээһиҥҥэ үлэлээн, хамнас аахсыбыт.
Маҕарас нэһилиэгин баһылыга Владимир Текеянов: «Ойуур баһаарыттан умайбыт сири-уоту, тыаны чөлүгэр түһэрэр анал бырайыагы саҕалаатыбыт. Бу күннэргэ кыаммат, элбэх оҕолоох ыалларга, биэнсийэлээхтэргэ уонча бырасыап маһы оһоххо оттоллоругар диэн түҥэттибит. Былырыыҥҥы баһаарга бэлэмнээбит саһааннара умайбыттарга эмиэ биэрдибит», — диэн кэпсээтэ.
Маҕарастар маннык тэринэн үлэлээн эрэллэрэр атын улуустарга үтүө холобур буолуон сөп. Онон бэрт сотору маннык хабааннаах бырайыактары тэрийиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: