«Махсыым уолаттара» инники былааннара элбэх

Share

Нам улууһун уонна өрөспүүбүлүкэ араас култуурунай, уопсастыбаннай улахан тэрээһиннэригэр “Махсыым уолаттара” диэн эр дьон ырыа ансаамбылын элбэхтик көрүөххэ-истиэххэ сөп.

Хатырык нэһилиэгэ уонна “Махсыым уолаттара”…

Кинилэр ылыммыт ааттара мээнэҕэ буолбатаҕын, арааһа, бары да сэрэйдэххит буолуо. “Махсыым уолаттара” бэйэлэрин биир дойдулаахтара, уопсастыбаннай уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл Максим Кирович Аммосов төрөөбүт дойдутун чулуу ыччаттарынан буолаллар.
“Уһулуччулаах убайбыт Максим Кирович аатын биһиги, Хатырык нэһилиэгин ыччаттара, өрө тута сырыттахпытына эрэ, кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар үйэлэргэ хаалларар кыахтаахпыт, бэйэбит кылааппытын култуура эйгэтигэр уонна уопсастыбаннай олоххо киллэрсэ сылдьабыт”, — диэн ансаамбыл уолаттара киэн тутта этэллэр.

Ансаамбыл хайдах тэриллибитэй?

Ырыа ансаамбылыгар Хатырык 5 ыччата: ини-бии Иннокентий, Ариан Татариновтар, Гоша Местников, Миша Левин, Сайдам Мухин ыллыы-туойа, айа-тута сылдьаллар. Бары араас эйгэҕэ үлэлииллэр, кинилэри арай Максим Аммосовка дириҥ ытыктабыллара, кининэн киэн туттуулара уонна ырыаҕа тапталлара ситимниир. Кинилэртэн биирдэстэрэ, ураты суоллаах ырыаһыт Сайдам Мухин — «Үрдэл» национальнай бириэмийэ уонна Туой Хайа бэстибээл номинана.
Ансаамбыл салайааччыта Иннокентий Татаринов 2016 сыллаахха Марк Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусукаалынай кэллиэс вокальнай ускуустубаҕа салаатын бүтэрбитэ. Иккис-үһүс кууруска үөрэнэ сырыттаҕына, ити кэмҥэ Хатырыкка баһылыгынан үлэлээбит Алексей Пинигин эдэр киһини дойдутугар кэлэн култуура эйгэтигэр үлэлииригэр сүбэлээбитэ. Онон, Иннокентий Алексей Михайлович ыҥырыытынан, төрөөбүт, улааппыт дойдутугар Хатырыкка Николай Атласов аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэринэн кэлбитэ.
Иннокентий өссө устудьуоннуу сылдьан, дойдутун дьонугар туох саҥаны, сонуну киллэрэрин туһунан толкуйдуура. Кинилэр аҕалара Афанасий Иннокентьевич Татаринов ырыаһыт, мелодист, баянист, каратист, тамада этэ. Хатырык кулуубугар “Уолан” ансаамбылы тэрийэн үлэлэппитэ. «Уоланнар» улуустарыттан саҕалаан, “Поющее мужское братство” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска, Москваҕа Арассыыйа улахан куонкуруһугар Гран-при буолбуттара. Онтон 2011 сыллаахха Италияҕа аан дойдутааҕы куонкуруска кыайыылаах аатын сүкпүттэрэ. Онон, Иннокентий аҕатын туйаҕын хатаран, ансаамбыл тэринэр туһунан санааҕа кэлбитэ. Онуоха өссө биир төрүөтүнэн ити кэмҥэ Хатырык уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх уолаттар уонна ыччат лиидэрдэрэ бииргэ түмсэ түспүттэрэ буолбута. Кинилэр сүбэлэһэ түһэн баран, тута “Махсыым ыччаттара” диэн кэмиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэрилтэни арыйан баран, аны биир-икки ыйынан ырыа ансаамбылын тэрийбиттэрэ. Оҕо ускуустубатын базатыгар дьарыктарын саҕалаабыттара. Хатырык кулуубугар кэнсиэртээн саҕалаабыт, биир-икки эрэ ырыалаах самодеятельность ырыаһыттарын сыыйа-баайа кэнсиэртэргэ, тэрээһиннэргэ ыҥыран барбыттара. 2017 сыллаахха “Поющее мужское братство” улуустааҕы куонкуруска соһуччу I истиэпэннээх лауреат буолуулара кинилэргэ инникигэ эрэли сахпыта. Ситиһиилэр да сиэттиспитинэн кэлэн испиттэрэ.
Ол эрэн, ситиһиинэн дуоһуйуу, биир сиргэ тэпсэҥнээн хаалыы диэн кинилэргэ оччоттон да суоҕа. Ансаамбыл салайааччыта Иннокентий Татаринов: “Ол саҕана куоласка арааран үчүгэйдик ыллыыбыт дии саныырбыт буолуо эрээри, урукку видеоларбытын көрдөхпүтүнэ итэҕэстэр, сыыһалар-халтылар бааллар. Онон, таһыммытын үрдэтэргэ тиһигин быспакка үлэлэһэбит”, — диэн этэр.

Бастакы айар киэһэ

2020 сыллаахха кэрэ аҥаардар күннэрин көрсө бастакы айар кэнсиэртэрин тэрийээри күүстээх үлэҕэ туруммуттарын уолаттар өрө көтөҕүллэн туран кэпсииллэр. Улуус киинигэр Намҥа Афанасий Шестаков аатынан Култуура дьиэтигэр кулун тутар 7 күнүгэр бастакы айар киэһэлэрэ толору көрөөччүлээх уонна үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Бу кэнсиэртэриттэн кынаттанан үөрэн-көтөн сырыттахтарына, дойдуга пандемия кэмэ киирэн, ханна да үлэ-хамнас атахтаммытын бары билэбит…

Махсыым доҕотторун дойдуларынан

Икки сыллаах тохтобул кэнниттэн, 2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ Максим Аммосов төрөөбүтэ 125  уонна САССР тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтээһин саҕаламмыта.
Икки сылы быһа хааччахха олорбут эдэр дьон дьэ өрөйөн-чөрөйөн, саҥа бырайыактары толкуйдаан барбыттара. Кырдьыга да, улуу убайдара бэйэтэ суолларын ыйа-кэрдэ, сирдии сылдьар курдуга. «Махсыым уолаттара» кэлин айбыт ырыаларыгар этиллэринии, Максим Аммосов “охтортон өйөөбүт, күөрэтэн таһаарбыт хорсун, хоһуун доҕоттордооҕо, чулуу кынаттардааҕа”. Онон ыччат лиидэрэ Ариан Татаринов бырайыак оҥоро охсон, Максим Аммосов биир санаалаах доҕотторун (соратниктарын) дойдуларынан айаҥҥа турунарга санаммыттара.
Улуустарын дьаһалтата улаханнык өйөөн, ыччат десанынан (үксэ хатырыктар) муус устарга Хатырыктан Нам-Дьокуускай-Ытык Күөл Чөркөөҕө (Былатыан Ойуунускай)-Бүлүү (Степан Аржаков)-Үөһээ Бүлүү Харбалааҕа (Исидор Барахов)-Ньурба Маалыкайа (Степан Васильев) маршрутунан ыраах айаҥҥа туруммуттара. Бу тиийбит сирдэригэр Максим Аммосов доҕотторун кэриэһигэр сүгүрүйэн, пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн ууран, ыччаттары кытары көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэн уонна кэнсиэртээн, аныгы ыччаты патриоттуу тыыҥҥа иитиигэ үлэлэһэн кэлбиттэрэ.

Аччыгый Арыыга ырыа сүрэхтэммитэ

«Махсыым уолаттара» ансаамбыл репертуардара төһө да киэҥин иһин, улуу Махсыым туһунан бэйэлэрэ айбыт ырыалара суоҕа. Калистрат Еремеев тылларыгар, Афанасий Татаринов тупсаран оҥоруутугар «Уоланнар» толоро сылдьыбыт ырыаларын ыллыыллара.
Онтон 2022 сыллаахха убайбытыгар анаан бэйэбит ырыалаах буолуохтаахпыт диэн бигэтик быһаарынан, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Уу Саха Омук диэн хоһоонньут тылларыгар, Иннокентий Татаринов матыыбыгар уонна аранжировкатыгар саҥа ырыа күн сирин көрбүтэ. Саҥа ырыаларын аан бастаан Максим Аммосов төрөөбүт алааһыгар Аччыгый Арыыга толорбуттара эмиэ үрдүттэн этитии курдуга. Бу өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиҥҥэ Максим Владимирович кэлэ сылдьан, олус долгуйан уолаттарга махталын эппитэ.
2022 сыллаахха Намҥа Максим Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа аһыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев кыттыылаах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ «Чулуу Махсыым» ырыаларын толорбуттара бэйэтэ туһунан умнуллубат көстүү этэ.
Уолаттар улуус эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ киэн туттуутунан буолар саҥа дыбарыаска муус устар 27 күнүгэр, Саха сирэ судаарыстыбаннаһы ылыммыт күнүгэр айар үлэлэрин 5 сыллаах түмүгүн таһаарар киэһэлэрин тэрийэргэ былааннаммыттара. Улуус тэрээһиннэригэр куруук көхтөөхтүк уонна киэҥ далааһыннаахтык кыттар «Махсыым уолаттарын» улуус уонна нэһилиэктэрин дьаһалталара өйөөбүттэрэ. Ол эбэтэр 700 тыһыынча суумалаах үбү-харчыны көрөннөр, ансаамбыл наадыйар үнүстүрүмүөннэрин барытын атыыласпыттара.
Билигин көрөөччү ханнык баҕарар артыыс, ансаамбыл сыанаҕа кэтэр таҥаһыгар улахан болҕомтотун уурар, суолталыыр. «Махсыым уолаттара» бастакы кэнсиэртиир көстүүмнэрин, сахалыы таҥастары Татариновтар ийэлэрэ Марта Васильевна Татаринова спонсородаан тигэн биэрбитэ. Онтон 5 сыллаах үбүлүөйдээх кэнсиэртэригэр хайаан да саҥа таҥастаныахтаахпыт диэн, улуус баһылыгын экэниэмикэҕэ уонна үпкэ солбуйааччы Антонина Иннокентьевнаттан көрдөспүттэригэр эмиэ үбүнэн көмөлөспүттэригэр олус махтаналлар. Ырыаһыт уолаттар сыанаҕа кэтиллэр ырбаахыттан саҕалаан, тройка-көстүүмүгэр тиийэ атыылаһан (барытыгар Максим Аммосов логотибын сыһыаран) бэйэлэрэ күлэн этэллэринии, «дьиннээх артыыстар» курдук буола түспүттэрэ.
Онон 376 миэстэлээх саҥа дыбарыаска «Махсыым уолаттара» үс чаастаах дьоһуннаах кэнсиэри бар дьонноругар бэлэхтээбиттэрэ. Кэнсиэри Иннокентий Татаринов олоҕун аргыһа, хореограф идэлээх Римма Александровна Татаринова режиссердаан туруорбута.
2023 сыллаахха Ариан Татаринов бырайыагынан Нам улууһа Хатырыкка тэрийбит ыччат сүлүөтүгэр сүрүн күүс буолан кыттыбыттара.
«Махсыым уолаттара» инники былааннара элбэх. Бэйиэт Алексей Татаринов-Удьурхай тылларыгар патриотическай тыыннаах ырыаны айан, репертуардарын байыттылар. Ону сэргэ аныгылыы кавер ырыалары, урукку көлүөнэ ырыаларын аныгылыы тэтиминэн толороллор.
Олунньу 10 күнүгэр Хатырык нэһилиэгэр М.К.Аммосов аатынан элбэх хайысхалаах култуура-успуорт киинэ аанын арыйда. Маннык үчүгэй уораҕайга уолаттар хоннохторо аһыллан, өссө айыахтара-тутуохтара, билиҥҥи уустук кэмҥэ эдэр ыччаты иитиигэ көмөлөһүөхтэрэ турдаҕа.
Өссө биир ыра санаалара — Хатырык хомпоруун хотойо Максим Кирович Аммосов олорбут, үлэлээбит дойдуларыгар Казахстаҥҥа, Киргизияҕа тиийэн, Хатырык билиҥҥи ыччатын, дьонун-сэргэтин олоҕун билиһиннэрэр, биир эмэ ырыа куонкуруһугар кыттар баҕа санаалара туоларыгар баҕара хаалабыт.

Ситиһиилэрэ:
2017 с. — “Поющее мужское братство” улуустааҕы куонкурус I истиэпэннээх лауреаттара;
2019 с. — СӨ үтүөлээх артыыската Наталья Трапезникова аатын үйэтитэр “Олох устун ырыанан” өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас куонкурус Гран-притын хаһаайыннара;
Ити сыл — Покровскай куоракка ыытыллыбыт “Золотой шлягер” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус Гран-притын хаһаайыннара.
Спартак Эверстов аатын үйэтитэр «Көмүс түүн» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус II истиэпэннээх лауреата;
2022 с. Николай Андросов ырыаларыгар куонкуруска I истиэпэннээх лауреат.
2023 с. -– ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи сүлүөтүн кыайыылаахтара.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago