“Махтал эһиэхэ, ытык-мааны көлүөнэҕэ!”

“Махтал эһиэхэ, ытык-мааны көлүөнэҕэ!”

Ааптар:
07.10.2024, 09:00
http://t.me/bylyy_uluuha
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһугар Аҕам саастаах дьон декадаларын чэрчитинэн “Махтал эһиэхэ, ытык-мааны көлүөнэҕэ!” диэн тэрээһин буолан ааста.

Бу ураты суолталаах күҥҥэ  ытыктыыр аҕам саастаах дьоммутун алгыстаах алаадьынан көрүстүлэр, улуус баһылыгын аатыттан доруобуйаны чэбдигирдэр мүөт уонна эҕэрдэ сурук бэлэх ууннулар диэн Бүлүү улууһун дьаһалтата иһитиннэрдэ.

Бүлүү улууһун уонна куоратын дьаһалталара эҕэрдэ тылларын уонна наҕараадаларын туттардылар. Улууска аҕам саастах дьоҥҥо аналлаах былааннаммыт үлэлэр тустарынан  социальнай уонна эдэр ыччат бэлиитикэтин отделын салайааччыта Елена Федорова кэпсээтэ.

Бүлүү куоратын баһылыгын солбуйааччыта Николай Иванов 390 сыллаах үбүлүөйүнэй бэлиэлэри туттарда. Маны таһынан  Бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччытын солбуйааччы  Федор Николаев кэлбит дьону эҕэрдэлээн,  махтал суруктары туттарда.
“Көмүс күһүн бэлэҕэ” күрэххэ аҕам саастаах дьон  көхтөөхтүк кыттаннар, бэйэлэрэ буһаран аҕалбыт бүлүүдэлэрин кэпсээннэр, амсатаннар, дьүүллүүр сүбэттэн сэмэй бэлэхтэри туттулар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: