“Махтал” классическай муусука бэстибээлэ Монголияҕа тиийэ гостуруоллуоҕа

“Махтал” классическай муусука бэстибээлэ Монголияҕа тиийэ гостуруоллуоҕа

Ааптар:
29.09.2023, 17:29
Егор Карпов түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ “Махтал” классическай муусука бэстибээлигэр анаммыт  пресс-кэмпириэнсийэ буолла. Суруналыыстар иннилэригэр тахсан бэстибээли көҕүлээбит уонна салайан ыытар дьон ыйытыыларга хоруйдаатылар.

Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: Саха сирин култууратын  уонна духуобунай сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, бырайыак салайааччыта, Саха сирин композитордарын союһун бэрэссэдээтэлэ Николай Михеев, ВШМ ректора Надежда Зайкова, «Виртуозы Якутии» скрипачтар ансаамбылларын  уус-уран салайааччыта  Станислав Афанасенко, ВШМ духовой оркестрын уус-уран салайааччыта  Александр Кузьмин, симфоническай аркыастыр дирижера Павел Васьковский.
Алтынньы 23 күнүттэн сэтинньи 8 күнүгэр диэри Муусука үрдүкү оскуолатын филармониятын уонна “Виртуозы Якутии” судаарыстыбаннай ансаамбыл кэлэктииптэрэ “Махтал” диэн ааттаммыт классическай муусука бэстибээлин ыытыахтара.  Бэстибээл чэрчитинэн оҕолор Иркутскай уобаласка, Бурятияҕа уонна Монголияҕа гостуруоллуу барыахтара. Барыта 109 кыттааччы гостуруолга барара биллэр.
Быйыл бэстибээл бырайыага Бэрэсидьиэн пуондатын култуураҕа көҕүлээһинин  гранын кыайыылааҕа буолбута. 8,7 мөлүйүөн кээмэйдээх грант “Махтал” бэстибээли тэрийэргэ барбыта.

Муусука үрдүкү оскуолатын старшай преподавателэ Николай Михеев: “Мусукааннар кыра эрдэхтэриттэн гостуруол диэн тугун билиэхтээхтэр, бу кинилэри идэҕэ үөрэтэр, сайыннарар. Бэстибээл бырагырааматыгар классическай айымньылары тэҥэ Саха сирин композитордарын айымньылара оонньонуохтара”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: