«Махтал. Таптал. Эрэл» оскуола оҕолоругар аналлаах аһаҕас кэпсэтии

Share

Оҕолорго аналлаах туһалаах кэпсэтии буолла. О.П.Иванова – Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинин мэтэдиистэрэ Ф.В. Данилова, А.Е.Егорова, «Махтал. Таптал. Эрэл» оскуола оҕолоругар аналлаах аһаҕас кэпсэтиини ыытар “Үрдэл” оҕолор уопсастыбаннай холбоһуктарын кыттыылаахтара, Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ түһүлгэҕэ түмүстүлэр.

Кэпсэтиигэ М.С.Прокопьева дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго социальнай көмөнү оҥорор отделение социальнай үлэҕэ исписэлииһэ, Д.В. Павлова психолог, А С.Стручков административнай хамыыһыйа эппиэттээх сэкирэтээрэ, Амма нэһилиэгин, улууһун бочуоттаах олохтоохторо М.А. Харитонова, А.А.Васильева, Н.К.Дьячковская үһүс көлүөнэ оскуола салайааччыта уонна эбии үөрэхтээһин педагогтара ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар.

А.Егорова хаартыскаҕа түһэриитэ
Махтал туһунан

Кэпсэтии сүрүн сыала-соруга оҕолор уонна улахан дьон сыһыаннарын тула кэпсэтиигэ туһаайылынна.  Махтал туһунан бастакы түһүмэххэ кэпсэттибит.  Махтал диэн тылы оҕолор хайдах өйдүүллэрин, махталларын чугас дьонноругар хайдах биллэрэллэрин эттилэр, кэпсээтилэр. Ол курдук, махталы биллэрии араас көрүҥнээх эбит: тылынан тиэрдэллэр, көмөлөһөн биллэрэллэр, чугас киһилэрин сыллаан-уураан, имэрийэн, кууһан уонна ис сүрэхтэриттэн бэлэх биэрэллэр.

Психолог Дария Павлова сүбэлэрин эттэ. Олоҕу олорон кэлбит Анна Андреевна үөрэппит оҕолорун махталлара кинини олоххо кынаттыылларын, өрүү олох үөһүгэр сылдьарыгар төһүү күүс буоларын бэлиэтээтэ. Махталлаах эрэллээх киэн туттар дьонноох буоллахпытына, дойдуга бэриниилээх буолуу, дойдуга таптал үөскүүр. Бэйэҕэ махтал, дьоҥҥор, учууталларгар киэн туттуу үөскүүр. “Махтанабын олохпор кини күн аайы хатыланарыгар, махтанабын таптыыр дьоммор, аттыбар баалларыгар, махтанабын ийэбэр, миэхэ олох бэлэхтээбитигэр” диэн тылларынан бастакы түһүмэхпитин түмүктээтибит.

Таптал туһунан

Таптал туһунан иккис түһүмэххэ сэһэргэстибит. Муус устар ый Айыыһыт ыйа. Кини баар буолан сиргэ Таптал, Кэрэ үөскээбит, тэнийбит. Айыыһыт хайыспыт сиригэр үөрүү олохсуйар. Кини үктэммит сиригэр уйгу-быйаҥ түһэр. Айыыһыт – оҕо төрөөһүнэ, дьиэ кэргэн, оҕону иитии Айыыта. Айыыһыт айбытын курдук дьон-сэргэ иитиллэн тахсан дьоллоохтук-соргулаахтык олоруохтаах. Кэпсэтиибит иккис түһүмэҕин Феврония Данилова салайан ыытта. Кини оҕолорго таптал төрөөбүт дойдуга, чугас дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ, кыыс уол сыһыаннарыгар баарын ыйда. Кыыс уонна уол тапталлаахтарын көрсөн ыал буолан, оҕо төрөтөр аналлаах бу Орто дойдуга кэлэллэр. Маҥнайгы таптал билсиһииттэн, бодоруһууттан, табаарыстаһыыттан, доҕордоһууттан саҕаланар. Ол доҕордоһуулара улаатан ыал буолууга тиэрдиэн сөп. Таптал, доҕордоһуу, бодоруһуу сыһыаннарыгар сөптөөх психологтар сүбэлэрин ааҕан иһитиннэрдэ. Ол курдук, бодоруһуу сыһыаныгар кыыс (уол) көстүүтэ үчүгэйин тала сатыыллар, төгүрүччү кэрэ идеалы көрдүүллэр. Ол эрээри тас көрүҥүнэн, тас кэрэтинэн эрэ тапталы сыаналааһын ситэтэ суох. Киһи ис эриэнэ өссө биллибэт. Уоллаах кыыс сыһыаннарыгар табаарыстыы кэмҥэ бэйэ бэйэлэрин быһыыларын-майгыларын үчүгэйдик билсиэхтээхтэр. Сыһыана сымнаҕас, эбэтэр толоос, тымныы, үлэҕэ көмөлөһөр, көмөлөспөт, ыарахан түгэннэргэ харыстыыр, харыстаабат, кэпсэтиигэ биир тыллаах, көнө эбэтэр халбаҥ, албын; барыны бары кыайыгас-хотугас эбэтэр мөлтөх, оҥорорун бүтэрбэт, тиһэҕэр тиэрпэт, быһыыта лоп-бааччы, дьоһун эбэтэр солуута суох тыллаһар, этиһэр. Куһаҕан дьаллыктаах эбэтэр дьаллыга суох, билэрэ-көрөрө элбэх эбэтэр мунаарара элбэх, муҥкук. Табаарыстарыгар мөлтөх өртүн көрдөрөр. Бу майгылар көстүүлэриттэн кини өйүнэн-санаатынан бэйэтигэр чугас уолу, кыыһы талан доҕордоһуохтаах. Онон саҥа улаатан эрэр уоллаах кыыс бодоруһалларыгар бэйэ-бэйэлэрин үөрэтэн, кэтээн көрөн, майгыларынан, өйдөрүнэн-санааларынан төһө сөп түбэһэллэрин ырытан, толкуйдаан көрөн эрэ баран тапталга хардыыларын оҥоруохтарын сөп эбит.

Олох уопута көрдөрөрүнэн оҕо саастарыттан билсэн ыал буолбут пааралар элбэх оҕолоохтор, дьиэлээхтэр-уоттаахтар, сүөһүлээхтэр-астаахтар, байылыат олохтоохтор, дьон-сэргэ ытыктабылын ылаллар. Биһиги нэһилиэкпитигэр 50 сыл ыал буолан олорон, көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит дьоһун саастаах дьоммут бааллар. Холобур, Анна Васильевна, Алексей Егорович Филипповтар, Татьяна Васильевна, Дмитрий Сергеевич Федоровтар, Анатолий Денисович, Зинаида Федоровна Алексеевтар, Борис Иннокентьевич, Татьяна Гаврильевна Яковлевтар о.д.а. Бу ытык дьоммут ааттарын оҕолорго киэн туттан туран ааттаатыбыт. Дьиэ кэргэн иһигэр сыһыан олохтонуутугар төрөппүттэр улахан оруолу сүгэллэр. Ийэ да, аҕа да өртүттэн сыыһа-халты туттунууларыттан оҕо киһи майгыта-сигилитэ, өйө-санаата уларыйан, утарылаһар, төттөрүлэһэр санаата киирэр. Ийэ уонна уол оҕо сыһыаннарын туһунан кэпсэтиигэ холобур быһыытынан «Оҕону мэһэй курдук көрүү» кэпсээни ааҕан иһитиннэрдибит. Бу кэпсээҥҥэ Мичил уол балтытынаан соҕотох ийэҕэ иитиллэллэр. Ийэлэрэ Николай Ивановиһы кытта билсиэҕиттэн ыла уолун Мичили мэһэйдэтэр буолбут. Була сатыы- сатыы мөҕөр, хаһытыыр, оннооҕор үөҕэр, туохха барытыгар буруйдуур эбит. Кэпсээн түмүгэр уолу соҕотохтуу хаалларан ханна эрэ баран хаалаллар. Мичил саамай чугас киһититтэн, ийэтиттэн кэлэйэн, дьоҥҥо эрэлэ сүтэрэ чахчы. Онтон эрэлин сүтэрбит киһи саамай кутталлаах киһи диэн этэллэр. Кини синигэр түһэр, тугу да оҥороро син биир буолар. Онон таптыыр киһи сүрэҕин аймаамаҥ, эрэннэрэн баран акаары диэн ааттаамаҥ, итэҕэтэн баран албыннаамаҥ, сыһыан олохтоон баран кэлэтимэҥ, санаатын сыыска-буорга тэпсимэҥ, ордук сананан тапталгытын тэйитимэҥ…

Эрэл туһунан

Эрэл туһунан үһүс түһүмэххэ кэпсэттибит. Эрэл диэн өрүү бу олоххо туох барыта үчүгэй, кэрэ буолуоҕа диэн кэхтибэт, өрүү өйгөр- сүрэххэр хатана сылдьар күүстээх баҕа санаа, кини эйигин үйэҥ тухары батыһа, сирдии сылдьар. Эрэл киһи бэйэтин итэҕэйэригэр наадалаах. Бэйэҕэр эрэнэр буоллаххына, тугуҥ барыта сатанар. Оҕолор да, улахан да дьон бары бэйэҕэ эрэл барытын кыайар диэн этиигэ сөпсөһөн санааларын үллэһиннилэр. Анатолий Стручков оскуолатааҕы кэмиттэн түгэннэри ахтан-санаан оҕолорго кэпсээтэ. Салгыы “Дьоллоох оҕо сааһым өйдөбүлэ суох” диэн үөрэнээччи суругуттан ааҕыыны иһиттибит. Сурукка үөрэнээччи иһээччи аҕата ийэлэрин уонна оҕолорун атаҕастыыра кэпсэнэр. Ийэ киһи кырбанарын тулуйа-тулуйа ханна да барар сирэ суох буолан оҕолоругар дьоллоох оҕо сааһы көрдөрбөтөх. Оҕолор аҕаларыгар эрэллэрэ сүтэн, кэлин улаатан баран ийэлэрин аҕаларыттан бэйэлэрэ көмүскэһэр буолбуттар. Төһөлөөх элбэх оҕо ити аһыы утахтан эрэйи көрө сылдьара буолуой?! Үөрэнэр усулуобуйа суоҕа эмиэ итинтэн төрүөттэнэр. Чөл олохтоох ыаллар эбиттэрэ буоллар, оҕолоругар дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиэх этилэр.

Дьоллоох оҕо саас

Оҕоҕо дьоллоох оҕо сааһы төрөппүттэрэ, доҕотторо, тулалыыр эйгэтэ бэлэхтииллэр. Дьоллоох оҕо саас диэн хайдах буолуохтааҕый? Холобур, сорох төрөппүттэр оҕолоругар сыаналаах малы, харчыны биэрэн баран оҕоҕо кыһаллабыт, тапталбытын, эрэлбитин маннык биллэрэбит дииллэр. Ити сыыһа өйдөбүлтэн оҕо кэнникитин малга-салга сыһыана чэпчэки, харыстаабат, сыаналаабат буола улаатар. Оҕо ымсыырбытын барытын атыылаһан биэрэн, баҕарбытын толорон, дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиибит диэн тутах санаа буолуо. Дьиэ кэргэн иһигэр сылаас сыһыан, эйэлээх-иллээх олох, өйдөһүү, өйөнсүү, эрэнсии, көмөлөсүһүү, итэҕэйии баар буоллаҕына дьоллоох оҕо саас баар буолар. Ол инниттэн дьиэ кэргэн үгэстээх буолуохтаах, дьоллоох түгэннэр элбэх буолуохтаахтар, чугас дьоммут аттыбытыгар баар буолуохтаахтар, дьол малынан-салынан кээмэйдэммэт.

Түмүк

Кэпсэтии түмүгэр оҕолор да, улахан да дьон маннык кэпсэтиилэр, санааны атастаһыылар өссө да буола туралларыгар баҕа санааларын эттилэр. Аһаҕас кэпсэтии бэрт сэргэхтик ааста. Оҕолор олуһун интириэһиргээтилэр, санааларын атастастылар. Олоххо буолбут түбэлтэлэри истэн, ытык дьоммут сүбэлэрин ылан дуоһуйан тарҕастылар. Инникитин кэнэҕэски ыччакка интэриэһинэй киэбинэн араас тиэмэнэн аһаҕас кэпсэтиилэри, тэрээһиннэри ыытыахха сөп эбит диэн санааҕа кэллибит.

Александра Егорова,

О.П.Иванова – Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин мэтэдииһэ.

Амма.

Александра Егорова хаартыскаларга түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

11 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

37 минут ago
  • Бэрээдэк

Бииргэ төрөөбүт эдьиийин аатыгар кирэдьиит оҥотторбута биллибит

Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэ үрдүүрүгэр көтүтүллүбүт индексациялары учуоттуохтара

Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар туһунан кэпсэтии буолуоҕа

СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…

2 часа ago