Бу күннэргэ «Cаха волонтердара» хамсааһын «Махтал, волонтердарга!» диэн махтал үтүө, истиҥ тылларын этэр аахсыйаны саҕалаатылар. Хас биирдии киһи бэйэтин баҕатынан, байыаннай дьайыы кыттыылааҕар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөлөһө сылдьар дьоммутугар, волонтердарга махтал бастыҥ тылларын этэр кыахтанна.
Хамнаһа, төлөбүрэ суох, ис сүрэхтэриттэн байыаннай дьайыыга эт-хаан эчэйиитин ылбыт байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһө сылдьар медик, иистэнньэҥ, маскировка ситимин өрөөччү уо.д.а. волонтердарга, ону таһынан итиннэ сыһыаннаах социальнай суолталаах бырайыактары тэрийээччилэргэ, меценаттарга үтүө дьыалаларын иһин махтаныаххытын сөп.
Махтал үтүө тыллара сүдү күүстээхтэр, сылаас эйгэлээхтэр. Дьон махтал тылларын нөҥүө үөрүүнү-көтүүнү, кыһамньыны биллэрэр. Ол иһин «Cаха волонтердара» маннык аахсыйаны тэрийэн саҕалаатылар.
Бары билэрбит курдук, Саха сирин олохтоохторо туора туран хаалбакка, ким туох-хайдах кыахтааҕынан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, дойдуларыгар төннүбүт биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөллөр. Онон бу ис сүрэхтэн тахсар махтал тылларын тириэрдэргэ бэртээхэй төрүөтүнэн буолар.
Эһиги истиҥ махталгытын сахалыы уонна нууччалыы тылларынан ватсап нөҥүө «Cаха волонтердара» хамсааһын колл-киинин төлөпүөнүгэр: 8(915)466-52-26 ыытыаххытын сөп.
Махтал тыллаах тиэкистэр бары «Cаха волонтердара» хамсааһын телеграм-ханаалыгар тахсыахтара.
***
Нижнеколымский район благодарит волонтёров, которые самоотверженно вкладываются и приближают нас к Победе! Спасибо за бойцов, спасибо за их семьи, спасибо за Родину. Ваш труд очень значим и ощутим, по зову сердца Вы рядом и вместе со Страной. Мы Едины!
***
Хочу поблагодарить «Волонтеров Саха» за то, что Вы есть и помогаете нам, раненым солдатам. Ваши труды бесценны, Вы помогаете нам в трудную минуту не упасть духом! Дай вам бог здоровья и сил.
Павел позывной (Саха)
***
Улахан да улахан махталбытын тиэрдэбит Ирина Егоровна Саввиноваҕа, «Илии сылааһа» кэллэктиибигэр, саллаакка, племянникпар Петя Неустроевка, көмө буолбуттарыгар, эһиги көмөҕүт бу кэмҥэ олус туһалаах. Махталларыҥ!
Петя эдьиийэ Христина (саллаат ийэтэ).
***
Мой отряд первым ощутил помощь «Сахаволонтеров». В октябре прошлого года многие наши бойцы лечились в госпиталях…
Махтал Павел Торговкин
***
Благодарен волонтерам из города Санкт-Петербург! Волонтеры нам хорошо помогают, согревают. Было очень тяжело, но волонтеры дали мне надежду.
Раненый боец.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…