“Махтал — үлэ дьонугар!”
Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгэр “Гяван” этно-култуурунай киин иһинэн Үлэ сылыгар аналлаах “Махтал — үлэ дьонугар!” диэн нэһилиэк олохтоохторун, үлэ бэтэрээннэрин кытта көрсүһүү тэрилиннэ.
Хас биирдии киһи олоҕун тухары үлэни өрө тутан, онтон ситиһиилэнэн, аакка-суолга тиксэн олорор бу дьол буоллаҕа. Итии чэйдээх остуол тула атах тэпсэн олорон дьоммут үлэлээбит кэмнэрин, алтыспыт дьоннорун тустарынан ахтан-санаан кэпсээтилэр. Нэһилиэкпит дьаһалтатын баһылыга Егор Николаевич Рожин бэтэрээннэри эҕэрдэлээн, төрөөбүт дойдуларын туһугар тус кылааттарын киллэрбиттэрин иһин махтал тылларын тиэртэ. Оттон Дьоруой Ийэ Елена Петровна Слепцова биэнсийэлээх эр дьоҥҥо үтүлүк, уктас тигэн бэлэх уунна. Бу киэһэҕэ сахалыы ырыалары, караоке ыллаан, умнуллубат вальс үҥкүүлээн, дуоһуйа сынньанан тарҕастыбыт.
Людмила Колесова, “Гяван” ЭКК уонна бэтэрээннэр сүбэлэрин салайааччы
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: