Махталбын биллэрэбин
Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн күлүмүнэн сырдатар дьоҥҥо махтаныахпын баҕарабын.
Киһи бу орто дойдуга дьолун, аналын булан астыныыны, дуоһуйууну ылар. Ол оннук эйгэни, кэрэни миэхэ ҮҤКҮҮ бэлэхтээтэ… олохпун барытын бу кистэлэҥнээх, ураты абылыыр киһи ис дууһатын арыйар хамсаныыга анаатым. Ол онон мин киэн туттабын. Сунтаарым, Тааттам дьоно ытыс үрдүгэр тутан умнуллубат үтүө түгэни элбэҕи да бэлэх ууннугут. Кэнники биэс сылга государство миэхэ үлэбэр махтанан «Абырал» санаторийы, «Счастье», «Милосердие» чааһынай пансионаттары, В.П.Решетников аатынан республикатааҕы кырдьаҕастар интэринээт дьиэлэрин кытта ситимнээтэ. Түгэнинэн туһанан, бу тэрилтэлэр уйаҥ дууһалаах, олус эйэҕэс үлэһиттэригэр барҕа махталбын биллэрэбин.
Салгыы махтаныахпын баҕарабын чугас аймах-билэ дьоннорбор, Сунтаарым, Тааттам дьонугар, үҥкүүгэ уһуйбут оҕолорбор, салайааччыларбар уонна куруутун көмө буолар төрөппүттэрбэр. «Артек», «Орленок» «Океан» оҕо лааҕырдарыгар сылдьыбыт, араас күрэстэргэ кыттыбыт оҕолорум, салайаачыларым, төрөппүттэрим эһигинниин астык кэмнэрим ааспыттарын умнубаппын…
Күндү дьонум олоҕум дьолугар маннык тэрилтэлэр кырдьар сааспын уһаттылар, кэрэнэн толордулар диэн үөрэбин, эһиги да оннук санааҥ… махтанабын туох баар көмө буолбут дьоммор!
Тапталы, махталы кытта Артыыс Клакинов үҥкүүһүт кыыһа Августина Федоровна Клакинова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: